Ытык-мааны элбэх о5олоох Екатерина Алексеевна уонна Василий Васильевич Кондаковтар дьиэ-кэргэттэрэ
Кондакова Екатерина Алексеевна 1935 сыллаахха сэтинньи 19 кунугэр I Мээтис нэhилиэгэр Алексей Николаевич уонна Дария Николаевна Бекренёвтарга со5отох о5онон кун сирин корбутэ. Ийэбит а5ата Алексей, Акулина Николаевна-эдьиий Акулина, Василий Николаевич-таайбыт Баhылай, Мария Николаевна-эдьиийбит Маайа Бекреневтар саамай улахан убайдара этэ. Тороппуттэрэ Сииктээх диэн учаастакка сылгы иитиитинэн дьарыктанар сэниэ ыал этилэр. Ийэбит Орто Халыма куоракка оскуола5а уорэнэр бириэмэтигэр сэрии ыар кэмнэрэ тирээннэр, аны а5ата эдэр сааьыгар олохтон туораан, саамай атаахтаппыт, буобэйдэспит а5атынан эбээтэ уонна ийэтэ куннэ корбут со5отох о5олорун оскуола5а ситэри уорэттэрбэккэ тоттору ылаллар. Кэлин уорэнэн, ветеринар - фельдшер курсун бутэрэн, идэтинэн "Ворошилов" колхозка ветеринарынан улэтин са5алаабыта.
Быталаах учаастагар, 1959 сыллаахха оло5ун аргыhын, Сиэн Куолуттэн силистээх Василий Васильевич уонна Дария Васильевна Кондаковтар со5отох уолларын, а5абытын Василий Васильевиьы корсон, сурэхтэринэн собулэhэн, харахтарынан хай5аhан ыал буолаллар. Ийэбит оччолорго кыракый сыллата о5олордоох буолан, учаастактарынан кыайан сылдьыбатыттан улэтин уларытан ньирэй корооччунэн, онтон ыанньыксытынан пенсия5а тахсыар диэри улэлээбитэ.
Орто Халыма улууhун Налимскай бөһγөлэгэр олорбут, улэлээбит, элбэх о5олоох ытык-мааны ийэбитин Кондакова Екатерина Алексеевнаны ( 19.11.1935-03.08.2005) уонна дурда-хахха оңостубут а5абытын Кондаков Василий Васильевыhы (11.03.1932-02.08.1987с.с.) улууска билбэт кырдьа5ас а5ыйа5а буолуо. Кинилэринэн киэн тутта, утуө ааттарын сурукка-бичиккэ тиhэн хаалларар, кэлэр колуөнэ ыччаппытыгар тиэрдэр ытык иэспит буолла5а. Төрөппуттэрбит улэлээн ааспыт, аатырбыт «ССРС 50 сыла» аатынан совхозка улэлииллэринэн сурдээ5ин астыналлара, куруутун инники куөңңэ сылдьаллара. Киһини улэ оро көтө5өр, албан ааттыыр дииллэринии ийэлээх а5абыт туhунан хаhыаттарга аахтахпытына, оччотоо5у кэмңэ радио5а да кэпсээтэхтэринэ биhиги дьиэ кэргэңңэ уөруунэн, дьолунан туолара. Төрөппуттэрбит улэлиир кэмнэригэр эйэ5эс санаалаах, холку майгылаах эбэбит Бекренева Дария Николаевна уон сиэнин мындыр субэтинэн, минньигэс мичээринэн, куруук ууттээх, куөрчэхтээх толору астаах остуолунан маанылыыра. Эбэбит иккис кэргэнэ - Шадрин Алексей Григорьевич сопхуоска уhуннук, утуо суобастаахтык сылгыһытынан улэлээбитэ.
А5абыт - Кондаков Василий Васильевич совхозка 1961 сылтан кыhыңңы тымныылартан ча5ыйбакка булка сылдьан, сааhын ферма5а бостууктаан, сайын «Мэхээйилэ» от биригээдэтигэр биригэдьииринэн, кэлин улэ-сынньалан лаа5ырыгар наставнигынан утуө суобастаахтык улэлээбит буолан маннык правительственнай на5араадалар кини улэ5э ситиhиитин туоhулууллар: 1962 - 1963 с.с. «Ударник коммунистического труда», 1973с. «Победитель социалистического соревнования» знактарынан, 1974с. «За достигнутые успехи в развитии народного хозяйства СССР» боруонсабай мэдээлинэн на5араадаламмыта. 1975 сыллаахха олунньу 14 кунугэр биhиги нэhилиэкпитигэр бастакынан «Орден трудовой славы III степени» уордьанынан на5араадаланар чиэскэ тиксэн улэттэн уөруутэ өссө уксээбитэ. Ол курдук итинтэн сиэттэрэн, кини улэтин урдуктук сыаналыыр на5араадалара туоhу буолаллар:
«Ударник IX пятилетки» знагынан 1976 с.
«За достигнутые успехи в развитии народного хозяйства СССР» урун көмус мэдээлинэн 1976 с.
«За достигнутые успехи в развитии народного хозяйства СССР» боруонсабай мэдээлинэн 1977 с.
«За достигнутые успехи в развитии народного хозяйства СССР» боруонсабай мэдээлинэн 1983 с.
«За достигнутые успехи в развитии народного хозяйства СССР» боруонсабай мэдээлинэн 1987 с.
Ийэбит Екатерина Алексеевна маннай идэтинэн онтон суөhу көрөөччунэн, кэлин уhун сылларга ыанньыксытынан ситиhиилээхтик улэлээн, 10 о5ону төрөтөн, иитэн атахпытыгар туруоран, олох араас ыарахаттарыттан санаатын туhэрбэккэ улэни-дьол аргыһа оностубута. θйдүүбүт ээ оскуол5а үѳрэнэр эдэхпитинэ үлэтин быыhыгар кэлэн, хас сыл ахсын советскай армия кунугэр хас биирдиибитигэр араас форманы, сана дьыл бырааhынньыгар барыбытыгар маскараднай костуумнэри тигэрин. Ол курдук ийэбит бэрсибит уопутуттан кыргыттара бары кэриэтэ иистэнэрбитин сѳбүлүүбүт. Ийэбит кэпсииринэн, кыра сылдьан элбэх бииргэ торообуттэрдээх о5олору наhаа убаастыы корор этим диирэ уонна субэлээн да кэриэтэ - "Тоhо кыалларынан элбэх о5олоно сатаан, биир эрэ о5ону торотон о5олору тулаайыхсытыман... Бииргэ торообут убайдардаах, эдьиийдэрдээх о5о5о онтон ордук дьол суох" - дьиэхтиирэ. Киниэхэ, саамай чугастык истинник саныыр-ахтар, субэлэттэрэр киhитэ, а5атын бииргэ торообут балта эдьиийбит Маайа этэ. Ийэбит барахсан бу санаатахха о5олорун корорго истэргэ куус комо буола олорбут эдьиийин Маайаны, ыалдьан олохтон туораабытыгар наьаа да сайыhан, кэлин ахатан санаан кэллэ5инэ ытамньыйан ылара, тулаайыхсыйбыт курдук буолбута.
Ол курдук чэпчэкитэ суох улэ5э ыанньыксытынан пенсия5а тахсан да баран өргө диэри улэлээбитэ. Бу курдук бэриниилээх улэтин иһин-1958с. «За развитие животноводства», «Ударник XI пятилетки» знактарынан на5араадаланар. Улэтигэр урдук көрдөруутун учуоттаан ийэбитин комсольскай путевканан на5араадалыыллар. Ол курдук 1985 уонна 1987 сыллардаахха биирдии фуражнай ынахтан 2000кг ууту ыан махтал суругунан, Бочуотунай грамотанан хаста да на5араадаламмыта, бу кордорууну Созонова Е.В., Колесова А.Н. уонна да хас да ыанньыксыт ситиспиттэрэ. Онно а5абыт бостууктаабыт өңөтө эмиэ баара.
Килбиэннээх улэлэрин иhин «ССРС 50 сыла» аатынан совхоз салалтата а5абытын «Чемпион охотник Среднеколымского района» лиэнтэнэн, элбэх сыаналаах бэлэхтэринэн, ийэбитин ууту ыаhыңңа урдук көрдөруутун иhин махтал суруктарынан, сыаналаах бэлэхтэринэн на5араадалаабыта.
Ыанньыксыттыыр сылларыгар о5олоро Таня, Катя, Сергей уонна Валерианна ийэбитиниин бииргэ алтыhан улэлээбиппитин куруук ахтабыт саныыбыт, а5абыт бултуур, сайыныгар бостууктуур, оттуур кэмнэригэр о5олору батыһыннара сылдьан субэлээбитэ угус. Ити барыта тапталлаах төрөппуттэрбит биһигини улэ5э сирдээбит сабыдыаллара инники олохпутугар улэ араас ыараханын туоруурга холобур буолар.
Олохторун бутэhик сылларыгар улаханнык ыарыйдаллар да5аны улэттэн санааларын туhэрбэтэхтэрэ, биhиэхэ о5олоругар куруук субэ-ама биэрэ сытан олохтон туораабыттара биhиги дьиэ кэргэңңэ ыарахан сутук этэ. Олох сиэринэн кинилэр биэрбит истин эйэ5эс субэлэрэ-амалара, сырдык мичээрдэрэ, сылаас сыhыаннара уйул5абытыгар уоскулаң, олохпутугар тирэх, улэбитигэр ииникигэ сирдьит, кинилэр биhиэхэ тапталлара оруутун бииргэ буолар.
«Куөх от кун уотугар хайыһар, киһи кун утуөтун батыһар»- диэн өс хоһооңңо оло5уран төрөппуттэрбит улэ5э сыһыара ииппит утуо холобурдара инники кэскилбитигэр угэс курдук куус-көмө буола туруо5а.
Ийэбит сиэннэрин кытта Сана дьыл бырааьынньыгыгар 1995с.
Таайбыт Баhылай ийэбитиниин 1994с.