Мандар уус тыл үөрүйэх көстүүлэрин туттуута

Саха омук саҥарар саҥатыгар тыл «суруллубатах сокуона» саҥара үөрэммит үөруйэҕэ (узус) баар. Мандар Уус кинигэтиттэн саха тылын үөрүйэх көстүүлэрин туттубут холобурдарын булан суруйдум. Манна паараласпыт, хоһууласпыт тыллар, сомоҕо домохтор уонна өс хоһоонноро киирдилэр.

Ханыыласпыт тылы туттуута

Саха киһитэ саҥарар саҥатыгар, ыллыыр ырыатыгар былыр-былыргыттан ханнык баҕарар тылы ханыылаан тутта үөрүйэх этэ. Саха тылыгар араас саҥа чааһа, маарыннаһар да, утарыта да суолталаах тыл барыта ханыылаһыан сөп. Маннык тыл формата хатыланар, дорҕоон дьүөрэлэһэр буолан истэргэ кэрэ, тыл суолтата кэҥиир, этии ис хоһооно байар-тупсар. [7. 16c].

Мандар Уус ханыыласпыт тылы хойуутук туттар.

Ханыыласпыт тыллары саҥа чаастарынан 7 бөлөххө наардаатым:

1. Ханыыласпыт аат тыллар:аат-суол,ойуу-мандар, иирээн-аараан, дьаҥ-дьаһах, өй-төй, сүөһү-ас, түбүк-садьык, сэһэн-сэллэн, кыайыы-хотуу, иирсэн-баайсан, ыыс-бурут, аба-хомуһуна, күн-дьыл, ойуу-бичик, кут-сүр, өй-санаа, киһи-аймах, сурук-бичик, кэм-кэрдии, силис-мутук, төрдө-ууһа,күүс-күдэх, үөн-көйүүр, көтөр-сүүрэр, киһи-сүөһү, хаан-сиин, сут-судурҕан, олох-дьаһах, майгы-сигили, билии-көрүү, сыт-сымар, сэт-сэлээн,быһыы-майгы, илии-атах, аньыы-хара, уларыйыы-тэлэрийии, тыл-өс, өй-санаа, дьүһүн-бодо, охсуһуу-этиһии, аат-суол, эрэй-буруй, сиэр-майгы, сиэр-туом, үөн-күрдьэҕэ, төрдө-төбөтө, сиигэ-симэһинэ, күн-ый, үйэ-саас, кыыл-сүөл, эт-хаан, сир-дойду, тыл-өс, таҥас-сап, уу-хаар, тыал-куус, дьон-сэргэ, саҥа-иҥэ, тыас-уус, дьиэ-уот, ардах-хаар, бөх-сыыс, сүрэх-бэлэс, сыл-хонук, өлөрсүү-өһөрсүү, эбии-сабыы, быһыы-таһаа, күүс-уох, кэрэни-дьиктини,көр-нар, баай-дуол, булт-алт, күрүө-хаһаа, тымыр-сыдьаан, кэм-кэрдии, дьон-сэргэ, оҕо-уруу, эмп-том, үүтэ-аһа, тыас-уус, саҥа-иҥэ, аҕас-балыстар,тыынар-тыыннаах,тыала-кууһа, ини-биилэр, сүрэх-быар, уу-сут, ардах-хаар, сыра-хара, көмө-ньыма, сыл-хонук, кыыс-дьахтар о.д.а.

2. Ханыыласпыт даҕааһыннар: ньүдьү-балай, ньүдьү-бараан,үүрээннээх-аарааннаах,очурдаах-чочурдаах,үргүөрдээх-аргыардаах,унньу-санньы,ибир-сибир,ииллээх-саҕалаах,иһил-таһыл,тосту-туора,бөҕө-таҕа, күрүөх-билэ, ибир-сибир,үрүк-түрүк,харса-хабыра суох,бүк-тах,саҥаны-сонуну, мүлүк-халык,үүс-аас,аата-ахса,хамсааһыннаах-имсээһиннээх, ыыс-бурут, им-ньим, бас-баттах, тосту туора, үүт-үкчү, бөҕө-таҕа, дьолуо-маҥан, үөл-дьүөл, күн-араас, алаҕаркаан-тэтэгэркээн, чыыбый-чээбий, унаар-мунаар, уус-уран, бөх-сыыс тыл, илэй-балай, быһа-бааччы, эргэнэ-хара, көҥүл-босхо уо.д.а.

3. Сыһыат:ойом-сойом, бүк-тах, тырыта-хайыта, уһаты-туора утаа-сабаа, иннэ-кэннэ, түтүө-татаа, истиҥник-иһирэхтикньир-бааччыдьоллоохтук-соргулаахтык, мух-мах уо.д.а.

4. Ханыыласпыт сыһыат туохтуур:анаан-минээн,тото-хана, сүтэрбэккэ-оһорбокко, хамсаабакка-имсээбэккэ, ситэрэн-хоторон, булкуйан-тэлкийэн,үүннээн-тэһииннээн,мөлтөөн-ахсаан,сэриилэһэн-сэймэхтэһэн,ыллаан-туойан,муна-тэнэ,кэпсээн-ипсээн,этэн-тыынан,тэһийэн-тулуйан,ирдэһэн-тордоһон,үөскээн-төрөөн,көрөн-истэн, иирсэн-баайсан, этиһэн-охсуһан, сэриилэһэн-сэймэктэһэн, көһөн-көтөҕүллэн, булкуйан-тэлкийэн, үүннэрэн-сайыннаран, үксэтэн-аччатан, ситэн-хотон, өлөн-охтон, саҥаран-иҥэрэн, үөрэнэн-сайдан, аһаан-таҥнан, кыайтаран-хотторон, ыран-быстан, мөхсөн-тахсан, охсон-тэбэн, абаран-сатаран, айдааран-куйдааран, абардаан-арбайан уо.д.а.

5. Ханыыласпыт тыаһы үтүктэр тыллар:суугунаан-сааҕынаан,ньуу-ньаа уо.д.а.

6. Ханыыласпыт туохтуурдар: хамсат-имсэт, айар-тутар,үлэлиир-хамсыыр, өлбөт-сүппэт, өлөрөр-өһөрөр,өлөр-сүтэр,бил-көр, байыа-тайыа, билэр-көрөр, көмүскүүр-харыстыыр, иитэр-аһатар, үөскүүр-төрүүр, үүнэр-сайдар, тэнийэр-ууһуур, эмтиир-томтуур, киирэр-тахсар, байыа-тайыа, кэтээтин-манаатын, булар-талар, көрөр-харайар, тутар-мунньар, илдьэр-аҕалар, эргитэр-урбатар уо.д.а.

7. Ханыыласпыт ахсаан аат: биир-икки, биэс-алта, биир-биир, уон-сүүрбэ, үс-түөрт, икки-үс, уон-сүүрбэ уо.д.а.

Ханыыласпыт тыллары суолтатынан көрөн 2 бөлөххө араардым:

1. Утарыта суолталаах ханыыласпыт тыллар:утутар-уһугуннарар, утуйар-утуйбат, илдьэн-аҕалан, охсуһуннаран-эйэлэһиннэрэн, иннибитин-кэннибитин, сырдык-хараҥа, үрүҥ-хара, сылаас-тымныы, ыарахан-чэпчэки, кыыс-уол, дьол-сор, билэр-билбэт, тыһы-атыыр, эр киһи-дьахтар, дьол-сор, илин-кэлин, урут-хойут, түргэн-бытаан, көрөллөр-көрбөттөөр, холбуур-араарар, чугаһатар-тэйитэр, испит-таспыт, уу-сут, ардах-хаар, баар-суох, сөбүлүүрүн-сөбүлээбэтин, оҕолуун-улаханныын, туран-олорон, билэрбитин-билбэппитин, түүннэри-күнүстэри, илдьэр-аҕалар, ийэ-аҕа, эһэ-эбэ.

2. Майгыннаһар суолталаах ханыыласпыт тыллар:онно-манна,кыай-хот, ситэр-хотор, ойуулуур-дүһүннүүр, өҥнүүр-дьүһүннүүр, ыһыы-хаһыы, малын-салын, ааттаһан-көрдөһөн, дьоллоохтук-соргулаахтык, күлэр-салар, саҥарар-иҥэрэр, ыллыыр-туойар, үлэлиир-хамсыыр.

Ханыыласпыт тыл айымньы тылын-өһүн байытар, киэргэтэр. Мандар Уус «Ойуу тыла. Айыы тыла» кинигэтигэр уопсайа 500-тэн тахса ханыыласпыт тылы туттубут.Онтон аҕыйах холобуру ылан, саҥа чааһынан наардаатым уонна суолталарынан көрөн икки бөлөххө араардым. Түмүктээн эттэххэ, Мандар Уус ханыыласпыт тылы тутуллар араастарынан барытынан хомоҕойдук туттар эбит. Ол иһиттэн кини айымньытын тыла-өһө уус-уран өттүнэн баай диэн этиэххэ сөп.

Наши рекомендации