Ойуулуур – дьүһүннүүр тыллар

Дьүһүннүүр тыл диэнинэн хамсааһыны-хамсаныыны, быһыыны-туттууну, дьүһүнү-бодону, уустуктук хоһуйан көрдөрөр уларыйбат тыл өйдөнөр. Бу урукку өттүгэр туспа саҥа чааһынан ааҕыллара. Ол үгэс номуукалыы кырамаатыкаҕа саҕаланар. Маны тыл үөрэхтээхтэрэ дьүһүннүүр туохтуурга сэргэ тутан кылгастык киллэрэр тоҕоостоох дииллэр: «хартыына тыллар» тылга саҥа чааһа буолан туттуллубаттар.[Морф.128c.]

Л.Н.Харитонов маннык быһаарар: «Образными (дьүһүннүүр тыллар) называются неизменяемые слова, «выражающие чувственные представления о движении, о признаках предмета и о внутреннем состоянии организма»». [грам. 375 c.]

Дьүһүннүүр тыл тыаһы үтүктэр тылга уруулуу. Онон тэҥнээн быһаарар табыгастаах. Тыаһы үтүктэр тылга маарынныыра тугуй?

- төрүкү майгына – үтүктүү;

- уларыйбат тыл – өлүүскэ;

- гын тыл көмөтүнэн холбуу-аттаһык туохтуур төрүтэ буолар (ходьох гын, ньолос-ньолос гын, кирик-хорук гын);

- сороҕо тыаһы үтүктүү төрүттээх (лиҥкир, сур, сус, сып, сылып, тап (гыннар), чөп уо.д.а.)

Оттон уратылаһар өттө маннык:

- үтүктэрэ атын (араас хамсааһын-имсээһин – эмискэ түргэн хамсаныы, ол дэгэттэниитэ: кэдэх гын, кэдэхис гын, ходьох-идьэх гын);

- дьиҥ төрүт, тыыннаах олох билиҥҥи тылга адьас аҕыйах (дук, элэс, хап, тэп, сып о.д.а.; дьүһүннүүр туохтуур олоҕо буолбут өлүүскэ өлүктүйбүт: мала, мадьа, багда, кэдэ...)

Дьүһүннүүр туохтуур саҥа чааһыгар киирэн тылга туттуллар. Ис суолтата маннык араастаах: 1) Хамсааһыны, барамай кээмэйэ уларыйыытын көрдөрөр: дьалкый, долгуй, төкүнүй, хоппой, чорбой, о.д.а. 2) Барамай уонна харамай араастаан туттуутун-хаптыытын, быһыытын-таһаатын ойуулаан көрдөрөр: кыйбаҥнаа, купчуҥнаа, ардьай, бөкчөй, тоҥхой, мэрбэй, арбай, бэлтэй, сарбай, бахчай, бөскөй, о.д.а. 3) Сырдык – хараҥа кубулуйуутун көрдөрөр: болоор, килэй, будулуй, бүргүчүй, кылапачый, килбэй, о.д.а.

Дьүһүнүүр туохтуур үксэ хайааһын – турук туохтуурун курдук, үөскээбит, билигин араҥаламмат төрүт олох буолар. Ол гынан баран былыргы икки ньыманан үөскээбит (сыһыарыы уонна аттарыы) маннык ураты көстүүлээх.[Морф.128-129 c.]

М.П.Алексеев маннык суруйар: «Дьуһуннуур тыл саха тылын кэрэ – бэлиэ уратыта буоларын өссө А.Е.Кулаковскай көрдөрөн турар. Дьүһүннүүр тыл, табан тутуннахха, уус – уран айымньыны хайдахтаах курдук киэргэтэрин – тупсарарын, олоххо чугаһатарын этэ да бырыллыбат». [ 8. 10с.]

Ханыыласпыт тыллар

Икки тус-туһунан тыл хоһуулаһан биир өйдөбүлү бэлиэтииллэрин ханыыласпыт тыллар дэнэр. Оннук хоhулаhыыга сана лексическай биирим (лексема) үөскуур. Холобур, от уонна мас диэн тыллар хоһулаһыыларыттан от -мас диэн үһүс туспа тыл үөскээбит, суолтата ити икки тыл биирдиилэрин суолталарынааҕар ордук киэн, «үүнээйи барыта» диэн өйдөбүллээх. Ити курдук паараласпыт тыллар суолталара аҥардыыларын суолталарыттан үксүгэр киэн буолар. Ол, паара аҥара туспа суолтата да суох буоллаҕына, уларыйбат. Холобур, саҥа – иҥэ диэҥҥэ иккис аҥара туспа суолтата суох, ол гынан баран бу тыл саҥаны эрэ бэлиэтээбэт, киһи (дьон) саҥатыгар атын тыас – уус холбоһон иһиллэрин бэлиэтиир. Итини тэҥэ иккиэн тус суолтата суох, туспа туттуллубат компоненнартан оноһуллубут тыллар эмиэ бааллар: аах –маах, иэл – тиэл, ээл – дээл, убул – дьибил, түҥ – таҥ уо.д.а.

Ханыылаһар тыллар дорҕоонноро силлиспэттэр, ол иһин сурукка дефиһинэн холбоноллор.[14. 24c.]

Сана чаастарыгар туттуллуулара

Саха тылыгар ханыыласпыт тыллар суолталаах сана чаастарыгар барыларыгаркэриэтэ киэнник туттуллаллар.

Ханыыласпыт аат тыллар.Ханыыласпыт аат тыллар икки араастаан үөскүүллэр:

1. Иккиэн толору суолталаах тыллартан: доҕор – атас, илии – атах, сирэй– харах, өй – санаа, аат – суол, эрэй – буруй.

2. Биирдэһэ толору суолталаах, иккиһэ соҕотоҕун туспа туттуллубат тыллартан: сурах – садьык, уруу – тарыы, саҥа – иҥэ, хаан – сиин, көр –нар, ас – үөл.

Ханыыласпыт даҕааһыннар.

Даҕааһыннар аат тыллар курдук, пааралаһан ордук киэн өйдөбүлү биэрэллэр. Даҕааһыннар ханыылаһаллара икки араастаах:

1. Иккиэн толору суолталаах даҕааһыннар ханыылаһаллар: эдэр – сэнэх саас, чэгиэн – чэбдик көрүҥ, киэҥ – кэтит санаа, ыраах – чугас аймах, үтүө – мөкү сурах.

2. Биирдэһэ толору суолталаах, иккиһэ соҕотоҕун туттуллубат даҕааһыннар ханыылаһаллар: эргэ – урба таҥас, киэҥ – куоҥ сир, мэник – тэник оҕо саас, баай – талым олох, боҕо – таҕа оҥоһуу.

Киирии ханыыласпыт даҕааһыннар, биир тыллара тылбаастаммыт эбэтэр сахалыы да суруллаллар буоллаҕына, эмиэ дефиһинэн холбоноллор: советскай – партийнай үлэ, партийнай – комсомольскай актив, научнай – чинчийэр институт, маассабай – политическай үөрэх.

Ханыыласпыт ахсаан ааттар.Холобур: үс – түөрт, сэттэ – аҕыс, үстүү – түөртүү, отучча – сүүрбэччэ уо.д.а.;

Ханыыласпыт солбуйар ааттар.Холобур: эн – мин, эһиги – биһиги, ол – бу, төһө – хачча, ким – хайа, оччо – бачча, оннук – маннык, инньэ – манньа (гынан), эйиэнэ – миэнэ, эһиэнэ – биһиэнэ уо.д.а;

Ханыыласпыт туохтуурдар.Икки тус – туһунан туохтуур холбоһон, биир хайааһыны бэлиэтииргэ туттуллубут буоллахтарына ханыыласпыт туохтуурдар дэнэр.Холобур: Бары туран сууммуттар – тарааммыттар. Биһиги экскурцияҕа сылдьан, элбэх саҥаны биллибит – көрдүбүт. Эн тоҕо эрэ саҥарбаккын – иҥэрбэккин.

Туохтуур ханыылаһан биир тыл курдук туттуллаллар. Ол гынан баран ханыыласпыт туохтуурдар бэлиэтиир хайааһыннара ордук киэҥ, уопсай өйдөбүллээх буолар. Холобур: үөр – көт диэҥҥэ киһи үөрдэҕинэ хайдах буолара барыта өйдөнөр. Эбэтэр бар – кэл диэҥҥэ судургутук бара – бара кэлии эрэ өйдөммөт, киһи араас соруктаах сырыылары сылдьара өйдөнөр.

Ханыыласпыт туохтуурдар икки араастаахтар:

1. Иккиэн суолталаах туохтуурдар холбоһуулара: киир – таҕыс, аһаа – сиэ, көр – иһит, бил – көр, үлэлээ – хамсаа, бүт – өс, ыл – биэр, эт – тыын, бул – тал уо.д.а.

2. Суолталаах туохтуурдарга туспа туттуллубат туохтуур холбоһуута: кэпсээ – ипсээ, хаамыы – сиимии, эмтээ – томтоо, мун – тэн, күл – сал уо.д.а.

Ханыыласпыт туохтуурдар этиигэ биир чилиэн буолаллар. Уларыйалларыгар туһаайыы, көрүҥ, киэп сыһыарыылара иккиэннэригэр тэҥҥэ сысталлар: бул – тал – булабын – талабын, булун – талын, булсар – талсар, булуталаа – талыталаа, буларгын – таларгын уо.д.а.

Ханыыласпыт сыһыаттар.Холобур: мүччү – хаччы, илэ – бодо, куду – хады, уку – суку, төттөрү – таары, түҥ – таҥ, ыыл – мыыл (гынан), бүгүн – сарсын, урут – хойут, онно – манна, антах – бэттэх, уҥуор – маҥаар уо.д.а.;

Ханыыласпыт тыаһы үтүктэр тыллар.Холобур: лис – лас, лиһигир – лаһыгыр, пус – пас, хаачыр – куучур, ньуук – ньаах, хаак – куук уо.д.а.;

Ханыыласпыт дьүһүннүүр тыллар.Холобур: хорох – ирэх, хантас – интэс, ходьох – идьэх, кылап – халап, дьуккук – иккик, ньылах – илэх, тырах – ирэх, уо.д.а.

Ханыылаһыыттан тыллары хоһулаһыыны араарыллыахтаах. Хоһулаһыыга биир тыл олоҕо хатыланар. Холобур: киһи – киһи (аайы); сир – сири (кэрийэн); кытаанах – кытаанахтык (саҥартаата). Эбэтэр:

Хотон – хотон муҥунан

Хоноҕор муостааҕы

Хотуулаахтык холбооттообут,

Сыһыы – сыһыы муҥунан

Сыспай сиэллээҕи

Саталлаахтык сырыырҕаппыт,

Үрэх – үрэх муҥунан

Үрүҥ – хара түүлээҕи

Үгүстүк үөрдээбит…

(А.Кулаковскай)

Маннык хоһулааһыҥҥа тыл лексическай суолтата уларыйбат, онон саҥа лексема үөскээбэт. Инньэ гынан хоһулааһынүксүгэр стилистическай эбэтэр

грамматическай эрэ суолталары эрэ биэрэр аналлаах. Ол эрээри хоһулаһыынан саҥа лексическай биирим үөскээһинэ диэн эмиэ баар буолар. Ол курдук сыһыаттарга көстөр. Холобур: биир – биир, өтор – өтор, сотору – сотору, дөрүҥ –дөрүҥ уо.д.а. Туспа лексическай биирим буолар маннык хоһулаһыылары ханыыласпыт тылларга киллэриэххэ сөп.

[17.]

Лексикологияҕа ханыыласпыт тыллары куруук биир тыл курдук көрүллүөхтээх, тус – туһунан компоненнарга араартаан көрөр табыллыбат. Тылдьыттарга даҕаны туспа биирим курдук бэриллэллэр.

[15. 26с.]

Композиционное мастерство

«Мастерство композиции – расположение материала, включаемого в стихотворение, поэму, пьесу, повесть, роман – дело весьма сложное и нелегкое. Но овладение им является для писателя, как и для деятеля в любой области искусства, одним из непременных условий истинной художественности его творчества».

Исключительная важность композиции как одного из основных элементов художественной формы обусловлена тем, что ее достоинства и недостатки непосредственно влияют на качество всех остальных компонентов произведения. Огромное значение композиции объясняется ее сущностью и выполняемой ее функцией. Она придает произведению структурную определенность и целостность. Композиция является тем организующим фактором, художественная полноценность которого способствует строгой последовательности развертывания сюжета, полноте раскрытия характеров, укрепление внутренней связи отдельных частей произведения и происходящих в них событий и ясности мотивировки совершаемых героями поступков.

«Композиция – это построение произведения, соединение в одно целое его частей, сообразно художественной цели». [5.147с.]

Тылбаас теорията

«Тылбаас былыр-былыргыттан, тус-туспа тылынан саҥарар дьон баар буолуоҕуттан ыла баар. Бастаан тылынан тылбаас, онтон суругунан тылбаас үөскээбит» - диэн Тамара Ивановна Петрова бэлиэтиир.

Тылбааһы нуучча чинчийээччилэрэ маннык быһаарбыттар:

«Перевод – очень древний вид человеческой деятельности. Когда появились группы людей, языки которых отличались друг от дпуга, появились и билингвы, понимающие язык и той и другой группы. С появлением письменности появились и письменные переводчики»– диэн В.Н.Комиссаров быһаарар. [Комисс. 6 с.]

В.Н.Крупнов маннык диэн бэлиэтээбит: «Перевод всегда играл и сейчас имеет огромную роль как могущественное средство культурного, политического и экономического общения между народами.» [Крупн. 24]

Тылбаас киһи аймах сайдыытыгар уонна тыл сайдыытыга сүдү суолталаах.

Сахалыы-нууччалыы тылбаас саха ураты культуратын атын омуктарга көрдөрөр, тиэрдэр аналлаах буолар.

Наши рекомендации