Yen;³скээбит аат тылы туттуу

Саха тылыгар аат тыл µ³скµµр ньымата олус элбэх.

1920-30 сс. тиэрмин, ³йд³бµл суолталаах -ние, -ение, -ация, -изация, -фикация, -ство, -ость, -ование, -ированиеформалаах нууччалыы аат тылы тылбаастыыр наада±а туохтууртан -ыы, -аа´ын, -ааччы сы´ыарыынан µ³скээбит аат тыл (отглагольное существительное) киирбит эбит: баттаа´ын, кэтирээ´ин, хамсаа´ын, колхозтаа´ын, итийии, сайдыы, салайыы) о.д.а.

Маннык халыып дьыала, наука истиилиттэн тахсан, кэпсэтии тылыгар киэ²ник тар±анна, т³рµт халыыптары µтµрµйдэ [Петрова Т.И, 1996. – С. 23].

Са²а чаа´а Т³рµт халыып ¥³скээбит аат тыл
Аат тыл Быыбар тµмµгэ Быыбардаа´ынтµмµгэ
Аат туохтуур Дьиэни ³р³мµ³ннµµр ту´унан Дьиэ ³р³мµ³ннээ´ининту´унан
Сы´ыат туохтуур Тымныйан ыарыйда Тымныйыыттан ыарыйда
Туохтуур К³мµс к³рдµµллэр К³мµс к³рд³³´µнэыытыллар
Аттарыы халыып Норуот ха´ан, хайдах µ³скээбитин чинчийбитэ Норуот µ³скээ´ининчинчийбитэ

16 №. Туохтууртан -ыы, -аа´ын сы´ыарыынан µ³скээбит аат тылы синоним халыыбынан солбуйу².

I. Халааннаа´ын содула, арыгыны атыылаа´ын, хонтуруоллаа´ын кµµ´µрµµтэ, куоластаа´ын тµмµгµнэн, киинэни интэриэ´иргээ´ин, омуннаа´ына суох, а´аа´ын малаа´ына, тустаа´ын быраабылата.

II. Субсидия к³рµллµµтµн былааннаа´ын, т³р³³´µн ахсаана элбээ´инэ, бородууксуйаны о²ороо´ун а±ыйаа´ына, кредиттээ´ин кооперациятын сайыннарыыга фонда, ыччат пиибэлээ´инэ маассабай буолуута, ха´аайыннаа´ын дьо±ус к³рµ²нэрин к³±µлээ´ин.

17 №. ¥³скээбит аат тылы булу². С³пт³³х халыыбынан солбуйу².

Т³рµт аат тылынан:

I. 1. О±о идэтин таларыгар т³р³ппµт сµбэлээ´инэ (сµбэтэ) наада. 2. Улахан ардах оттоо´ун µлэтин атахтаата. 3. Роман сахалыы тылбаастаа´ына балачча µчµгэй. 4. Би´иги махтаныыбыт му²ура суох. 5. Билигин ха´ыат аайы кириитикэлээ´ин элбэх.

II. 1. Бэлэмнээ´ин м³лт³±µттэн µлэ кэмигэр сиппэтэ. 2. Эбии µ³рэхтээ´ин уонна о±ону иитии кы´ал±ата сытыытык турар. 3. Халааннаа´ын содулун туоратыыга µбµлээ´ин к³рµллµбµт. 4. Табаары рекламалаа´ын инники кµ³²²э тахсар. 5. ¥лэ боппуруо´угар ээл-дээл сы´ыанна´ыы µтµ³±э а±албат.

Аат туохтуурунан:

I. 1. Сыана µрдээ´инэ (µрдµµрэ) тохтообот. 2. Ведомственнай программаны µбµлээ´и²²э с³бµлэ´иилэри тµ´эрсиэхтэрэ. 3. Сокуо²²а уларытыылары киллэрии ту´унан кэпсэттилэр. 4. Суруйааччы кыра норуот тиллиитин, у´уктуутун, хара±а а´ыллыытын ойуулаабыта. 5. ¥µтµ со±отуопкалаа´ы²²а са²­а ирдэбил олохсуйда.

II. 1. Э´эм миигин кµнµ-дьылы билгэлээ´и²²э µ³рэппитэ. 2. Дьон уокка былдьаныытын куттала суо´уур. 3. Са²а ньыманы олохтоо´у²²а µп-харчы наада. 4. Конференция сити´иилээхтик барыытыттан µ³рдµбµт. 5. Айыл±аны харыстаа´ын µгэ´ин тилиннэриигэ µлэ син барар.

Тус туохтуурунан:

I. 1. Хас биирдии табаарга мэктиэлээ´ин (мэктиэлииллэр) уонна дьиэтигэр диэри босхо тириэрдэн биэрии олохтонор (тириэрдэн биэрэллэр). 2. Терроризмы тохтотууну ыытарга µлэлииллэр. 3. Кини о±олорго µ³рµµнµ бэлэхтиириттэн астынар уонна онтон дуо´уйууну ылар эбит. 4. Дьон олорор кыбаарталларын гастаа´ын кµµскэ барыахтаах. 5. Арыгыттан сылтаан алкогольнай психоз тар±аныыта тахсар.

II. 1. Самолеттар к³тµµнµ о²оруохтара. 2. Ахсынньыга Ил Тµмэн депутаттарын талаа´ын буолар. 3. Сайын дойдубар бара сылдьар ба±а санаалаахпын. 4. Прививкэ кэнниттэн ки´и этин температурата µрдээ´инэ тахсар. 5. Дьµµллэ´ии сири бас билиигэ биэрии тула барда.

Сы´ыат туохтуурунан:

I. 1. Т³б³ сыгынньах сылдьаа´ынтан (сылдьан) менингит буолаллар. 2. Т³р³ппµт о±отугар бол±омто уурбат буолуутуттан итинник бы´ыы та±ыстар тахса турар. 3. ¥лэ´ит ресурсатын балаансатын ³т³ к³р³н былааннаа´ын ыытылла илик. 4. Кризис сабардаа´ыныттан бала´ыанньа ты²аа´ыныттан дьон-сэргэ сы´ыана уустугурда. 5. Бизнес-былаа²²а оло±уран барыллаа´ын ³йд³бµлµ ылыахха с³п.

II. 1. Тыылга хаалбыт дьон µксэ хоргуйууттан ³лбµтэ. 2. Бэйэбит эрэ иннибитин к³рµнµµбµтµнэн чэчириэхпит суо±а. 3. Миинэн и´эр атым охтуутугар сиргэ тµ´µµбэр муннубун эчэппитим. 4. Ситэ т³л³сп³т буолуу дири²ээ´иниттэн олох ыараата. 5. Нина дьµ³гэтин к³±µлээ´ининэн «Мери Кей» косметиканы тар±атыынан дьарыктаммыта.

18 №. ¥³скээбит аат тылы аттарыы халыыбынан уларыты². Холобур: Са²а турбут ыарыы дьон-сэргэ ³лµµлээ±ин, онон кутталлаа±ын и´итиннэрдилэр. – Са²а ыарыы туран дьон-сэргэ ³лбµтµн, онон кутталлаа±ын ту´унан и´итиннэрдилэр.

1. ¥гµс ыал «Ийэ хаппытаалын» биэриилэрин, ону олоххо киллэриилэрин толкуйдууллар. 2. Правительство сµрµн мунньа±ар к³рµллµбµт µп туттуллуутун отчуота буолан ааста. 3. Маастар о±олорго хомус о²о´уллуутун к³рд³рд³. 4. Оло²хо сир-халлаан айыллыытын сэ´эргиир. 5. Президент былаан туолуутун отчуоттатыа±а. 6. Айымньыга тµ³лбэ тыл туттуллуутун ырытар. 7. ¥µнээйи тулалыыр эйгэ±э ньыматыйарын чинчийбит.

Ту´ан: ха´ан, туохха, хайдах, ту´унан, т³´³.

19 №. Аат кэпсиирэлээх этиини туохтуур кэпсиирэлээх этиинэн уларытан усту².

Бол±ойу²! -аа´ын, -ыы сы´ыарыынан µ³скээбит аат кэпсиирэ дьыала, наука тылыгар дьµ³рэ. Саха т³рµт тылыгар к³нн³рµ са²а±а -лаах сы´ыарыылаах кэпсиирэ ордук ³йд³нµмтµ³. Холобур: Флеминг µтµ³тэ – пенициллини арыйыы. - Флеминг пенициллини арыйбыт µтµ³лээх.

I. 1. Баара±ай бырайыактары олоххо киллэрии – сµрµн сорукпут. 2. О±ону иитии – ки´и аймах сµрµн соруга. 3. Сылгы, ынах сµрµн а´ылыга – от. 4. Конференция былаана – ыарыы тар±аныытын тохтотор ту´унан дьµµллэ´ии. 5. Моркуоп суогун и´ии ту´ата улахан. 6. Эдэр ыал ба±а санаата – бас билэр дьиэлэнии, т³р³ппµттэртэн туспа олоруу. 7. Сахалыы массаж уратыта тугуй?

II. Миэстэ атаста´ыылаах: 1. Са²а сокуон олоххо киириэ±иттэн о±о т³р³³´µнэ элбээтэ. – Са²а сокуон олоххо киириэ±иттэн о±о элбэхтик т³рµµр буолла. 2. Халаан содулун туоратар µлэ сал±анар. 3. Тµµлµ µ³рэтии ки´и аймах баарын тухары улахан интэриэскэ сылдьар. 4. Ыары´ахтары эминэн хааччыйыы м³лт³х. 5. Нэ´илиэнньэ±э итиини биэрии хойутуо±а. 6. Сэрэтэр µлэни ыытыы тэтимэ бытаан.

-аа´ын, -ыы сы´ыарыылаах арахсыбыт кэпсиирэ (дьыала истиилэ) Судургу кэпсиирэ (сµрµн истиил) Холбуу кэпсиирэ (кэпсэтии тыла)
Муус харыыта та±ыста Муус харда Муус харан турар µ´µ
Дэлби тэптэрии ыытыллыа±а Дэлби тэптэриэхтэрэ Дэлби тэптэрэн эрэллэр µ´µ
Кэпсэтии барар Кэпсэтэллэр Кэпсэтэ олороллор
Уоруу тµµн о²о´уллар Тµµн µгµстµк уораллар ¥ксµн тµµн уораллар

20 №. Арахсыбыт кэпсиирэлээх этиини холбуу кэпсиирэнэн уларыты².

Бол±ойу²! Хайа да омук тылыгар араас эйгэ±э туттар этии кэпсиирэтэ уратылаах буолар. Дьыала, наука истиилигэр судургу туохтуур кэпсиирэни арааран этэр ньыма баар (расщепленное сказуемое). Холобур: кэпсэтии ыытыллар – кэпсэтэллэр; к³м³ о²орор – к³м³л³´³р.

1. Улуустар уонна куораттар икки ардыларыгар дуогабар тµ´эрсии о²о´уллар. 2. Ч³л олох сиэрин олохтоо´ун ыытыллар. 3. Арыгылаа´ыны утары охсу´уу политикатын ырытыыны о²ороллор. 4. Лицензията суох бултаа´ыны бобууну ыытыыга µлэлэ´эллэр. 5. Имбэлииттэр саарбахтыыр боппуруостарыгар ыйытыыны биэрдилэр. 6. «ЭПЛ Даймонд» кэрэ а²ардарга анаан 40% чэпчэтиини бэлэхтиир. 7. Араас та´ымнаах тэрээ´иннэри, улуустаа±ы ыччат отделын кытта шефтэ´иини, к³рсµ´µµлэри бэйэлэрин к³±µлээ´иннэринэн тэрийэн ыыталлар.

21 №. Нууччалыы тыл ситимин икки араастык тылбаастаа². Холобур: оказывать помощь – к³м³т³ о²ор, к³м³л³с.

Давать совет, задавать вопрос, взять во внимание, проявить интерес, стоять в очереди, производится регистрация, идет подготовка кадров, идет выздоровление, идет уборка урожая, сделать замечание, производится акция милосердия.

22 №. -ааччы сы´ыарыынан µ³скээбит аат тыл хайдах и´иллэрин сыаналаа². Атыннык хайдах уларытыахха с³бµн толкуйдаа².

1. Тµµлµ билгэлээччилэр суруйалларынан, биирдэ к³стµбµт тµµл олоххо туолара сэдэх. 2. Кыллааччы – му²ха кынаттарыттан оту-ма´ы, муу´у о.д.а. ыраастааччы. 3. Кредит ылааччылар µлэнэн хааччыллыбыт буолуохтаахтар. 4. Ат спордун сэ²ээрээччилэр ипподром²а мустубуттар. 5. Э´игини кытта бииргэ буолаары тиийэн кэллим, мин, ыытааччыга холонооччу Мичийээнэ. 6. Кэнники кэм²э быар сµ´µрэр ыарыыта элбээбититтэн сылтаан, хаан туттарааччы ахсаана да а±ыйаата. 7. Бу дьа´ал хас биирдии нолуок т³л³³ччµгэ сы´ыаннаах. 8. ¥рдµк µ³рэ±и бµтэрээччи сыл ахсын элбээн и´эр, оттон µлэнэн хааччыллааччы улам а±ыйыыр.

Туораа´ын: аа±ааччы, суруйааччы, буруйдааччы (обвинитель), буруйданааччы (обвинямый).

Били²²и саха тылыгар хайаа´ыны о²орор ки´ини барытын а²ар кырыытыттан -ааччысы´ыарыылаах аат тылынан этии (тугу эрэ гынааччы…) истиили бутуйар, тыл култууратын, эстетикатын намтатар. Маны сэргэ саха т³рµт тылыгар -ааччы сы´ыарыынан µ³скµµр мэлдьи буолар хайаа´ыны бэлиэтиир µгэс киэбэ баар. Холобур: Сахалар сайын аайы ы´ыах ы´ааччылар. Хас субуота ахсын «О´уокай киэ´этигэр» кырдьа±астар мустааччылар.

23 №. Тиэкис тылын-³´µн чочуйу².

ПРЕЗИДЕНТ ТЫЛ ЭТИИТЭ ЭБЭ¢КИЛЭРГЭ ЭРЭЛ САНАА КЫЫМЫН САХТА

1. Россия эбэ²килэрин III съе´игэр дойду араас регионнарыттан 40 делегат кэлэн кыттыыны ылла. 2. Съезд са±аланыытыгар СР Президенэ В.Штыров дири² ис хо´оонноох э±эрдэ тылы эттэ. 3. Кини Саха сирин уонна Россия эбэ²килэрин киэ² ы²ырыылаах форумнара ити а±ыйах ахсааннаах омук сµрµн национальнай быраа´ынньыгын – Таба´ыттар кµннэрин ыытыыны кытары тэ²²э дьµ³рэлэспитэ тирээн турар суолталаа±ын, РФ сиригэр-уотугар олорор эбэ²килэр дойду уонна республика социальнай-экономическай сайдыытыгар, культура уонна искусство эйгэтигэр, государственнай салалта органнарыгар киллэрбит кылааттара с³±µмэр улаханын то´о±олоон бэлиэтээтэ. 4. Ону сэргэ Вячеслав Анатольевич Саха сирин со±уруу оройуоннарын промышленнай ба´ылаа´ын салгыы сайдар кэскилин били´иннэрдэ. 5. Ол бы´ыытынан газ турбатын тутуу бырайыагын ырытан о²оруу са±аланна, Эльконнаа±ы хайа-металлургическай комбинаты тутуу µлэтэ бара турар. 6. Итинэн сибээстээн, Президент съезд кыттыылаахтарыгар тулалыыр эйгэ харыстабылыгар уонна ха´аайыннаа´ын µгэс буолбут дьарыгын урукку оннунан хаалларыыга сы´ыаннаах проблемалары дьµµллэ´иигэ уонна олору туоратыы суолларын тобулууга саамай к³хт³³х кыттыыны ылалларыгар сµбэлээтэ. («Саха сирэ» ха´ыаттан).

Наши рекомендации