Бырайыактааьын оҕону үөрэтиигэ туох көдьүүстээҕий?
1. Бу ньымаҕа проблеманы быһаарар, таба суолу көрдүүр, чинчийэр, ырытар, айар ньыма барыта түмүллэр. Үөрэнээччи учуутал биэрэр бэлэм билиитин ылбакка, билиини бэйэтэ үлэлээн булунар. Сыралаһан булбут билиитин олоххо туһана үөрэнэр.
2. Уруокка бэриллэр 40 мүнүүтэҕэ хаайтарбакка үлэлээһин. О5о бэриллибит тематын уруок таһынан булар, ырытар, чинчийэр.
3. «Улуу дидактика» бириинсиптэригэр оло5уран, о5о сааһын учуоттаан судургуттан уустукка сыыйа киирии. Холобур үлэ маннык бэрээдэктээхтик барыан сөп: холобурдары булуу- иллюстрация оҥоруу – тэттик өйтөн суруйуу - иһитиннэрии – дакылаат- реферат-бырайыак.
4. Оҕо сыралаһан булбут үлэтин түмүгүн бэйэтэ көрөр.
5. Учуутал сорудаҕы оҕо тус уратытын, кыаҕын учуоттаан биэрэр. Холобур, үөрэ5эр ыарырҕатар оҕо киниэхэ туһаайыллан бэриллибит сорудаҕы үчүгэйдик толорон санаата көтөҕүллэр, бэйэтин кыаҕар эрэлэ күүһүрэр.
6. Айар бырайыак оҕо айар кыаҕын, дьоҕурун сайыннарар.
Бырайыактааһын ньымата араас технологиялардаах:
· Чинчийэр үлэ (исследовательскай)
· Көрдүүр үлэ (поисковой)
· Кыһалҕалаах үлэ (проблемнай)
· Айар үлэ (творческай)
Бырайыактыыр үлэҕэ учуутал координатор (салайан биэрээччи), оҥорон таһаарааччы (разработчик ), эксперт, (сыаналааччы), консультант (сүбэһит) буолуон сөп.
Бырайыактааһыҥҥа о5о билэр көрөр, истэр үөрүйэ5э сатабыла сайдар, кимтэн да тутулуга суох бэйэлэрин билиилэрин сатаан оҥорон таһаара үөрэнэллэр, иһитиннэрэр эйгэни удума5алыыр буолар, ырытар өйө (критическое мышление) уонна айар дьо5ура сайдар. Бырайыак индивидуальнай анал , бөлө5үнэн, локальнай уонна телекокоммуникационнай буолуон сөп. Кини сүрүн сыалынан о5о5о араас тутаах кыахтар үөскээһиннэрэ буолар. Ол курдук тутаах кыахтарынан билиини, сатабылы, сыаннастары, ханнык ба5арар усулуобуйаттан сатаан тахсар, толкуйу тобулар кыа5ы ааттыахха сөп.
Бырайыактыыр үлэ кэмигэр араас сатабыллар үөскүүллэр:
- Бэйэ5э эргиллии сатабыла( рефлексивные умения);
2. Кэрдуур чинчийэр сатабыллар (поисковые, исследовательские) умения);
3. Сатаан алтыһар үөрүйэҕэ (умения и навыки работы в сотрудничестве);
4. Салайар сатабыл (менеджерские умения и навыки);
5. Культура, традиция, этикет сатабыла (коммуникативные умения);
6. Сатаан көрдөрөр, кэпсиир көмүскүүр сатабыллар (презентационные умения и навыки):
Бырайыактааһын хаамыыта:
Бырайыактааһын маннык былаанынан барар:
толкуйдааһын ----- олоххо киллэрии ------ рефлексия
Үлэ хаамыыта | Ис хоьооно | Үөрэнээччилэр үлэлэрэ | Учуутал үлэтэ |
1.Бэлэмнэнии | 1. Тема аата, 2. Сыал туруоруу, 3. Баҕа санаата (миссия) 4. Уратыта, сүрүнэ 5. Кимиэхэ туһаайыллара 6.Туһата, сыала,соруктара | Учууталы кытта теманы ырытыы, эбии информацияны ылыы. Сыал туруоруу | Бырайыактааґын ис хоһоонун билиһиннэрии, темаҕа көһүлээһин. Сыал туруорарга көмөлөһүү. Үлэ хаамыытын кэтээн көрүү. |
2. Былааннааһын | 1)Информация хомуллар матырыйаалларын чопчулааһын | Соруктары туруоруу. Былаан оҥоруу. | Бэйэ идеятын этии. Үлэ хаамыытын кэтээн көруу. |
3. Көрдөөһүн | 2) Информация хомуллар ньымаларын быһаарыы 3) Үлэ түмүгүн көрдөрөр ньыматын быһаарыы 4) Бөлөххө эбээһинэһи үллэрии | Ситиьии кирбиитин хайдах ылары тобулуу | Кэтээн кірір. Этии киллэрии. Үлэ хаамыытын кэтээн көрүү. |
4.Чинчийии | 1) Матырыйаалы хомуйуу, чопчулааьын 2) Үлэ кэмигэр үөскээбит атын санааны ырытыы. 3) Сөптөөх барыйааны талыы 4) Туруоруллубут соруктары бэрээдэгинэн толоруу | Туруоруллубут соруктары бэрээдэгинэн толоруу | Кэтээн көрүү. Субэлээһин, үлэни салайсан биэрии. |
5. Түмүк оҥорон таһаарыыта (презентация). | 1) Матырыйаалы ырытыы 2) Тумук оностуу | Матырыйаалы ырытан бырайыак оноруу. | Кэтээн көрүү. Үөрэнээччилэр көрдөһүүлэринэн көмөлөһүү. |
6. Бырайыагы көмүскээһин, сыаналааьын. | 1) Бырайыагы көмүскээһин (тылынан, көрдөрөн, суругунан.) 2)Үлэ хаамыытын ырытыы (табыллыбыт-табыллыбатах өрүттэрэ). | Бырайыагы көмүскээһин, куолаан ырытыы, сыанабыл биэрии. | Истии, ыйытыы. Ырытыы кэмигэр үлэни салайсыы. Үлэ туолуутун хаачыстыбатын, саҥалыы көрүүтүн сыаналааһын. |
Үксүгэр хас биирдии бырайыак түмүгэ - айар үлэ. О5о айар дьо5урун көрдөрөн оҥорбут бырайыагын сыаналыырга ыарахан буолар. Ол иһин бырайыактааһын технологиятыгар сыаналааһыҥҥа учуутал сүрүн бол5омтотун о5о ис кыа5ын туһанан төhө дьаныардаахтык үлэлээбитигэр уурар. Бу түмүгэр о5о санаата кэлэн, үлэлиир кө5ө үрдээн култуура уруоктарыгар иҥэриммит сатабылын олоххо туһанар. Бырайыактааһын ньыматын уруокка эрэ буолбакка, элективнэй кууруска, куруһуокка туһаныахха сөп. Ол курдук кылаас таһынан үлэҕэ бу технологияны эмиэ туһаныахха сөп. Холобура “Уран тыл уустара» диэн тиэмэҕэ. Онно саха литературатын классик суруйааччыларын олохторун, айымньыларын чинчийии буолар.