С хоһооннорун туттуута

Мандар Уус «Тыл баайдаах» диэн баһыгар маннык өс хоһооннору холобур курдук суруйар: «Көссүө тыл бэлиэ», «Үтүө ат биир кымньыылаах, үтүө киһи биир тыллаах», «Тыл татыарыйдаҕына – санаа кыарыыр, өй кылгыыр», «Кыһыл тыл байхалы оломнуур», «Киһи тыла уоттааҕар абытай», «Тыл - ох», «Аҕыйах тыл минньигэс, элбэх тыл сымсах», «Этиллибит тыл иһиллибэккэ буолбат», «Тыл барда – бас барда» . Мандар Уус бу тыл туһунан баһыгар өс хоһоонноругар тирэҕирэн бэйэтин санаатын бигэргэтэр. Онон саха өбүгэтэ эппит бэргэн этиитигэр олоҕуран Ийэ Тыл – омук баайа буолар диэн эппит.

Мандар Уус өбүгэ бэргэн этиилэригэр – өс хоһоонноругар олоҕуран, санаатын тиэрдэр идэлээх эбит. Холобур:

1. Өбүгэлэрбит барахсаттар, Ийэ кыыһын, Аҕа уолун сиэтэ, батыһыннара сылдьан, үгүс-элбэх лахсыыра, кэпсээнэ суох көрдөрөллөрө, билиһиннэрэллэрэ, бэрт кыһалҕата тирээтэҕинэ быһаараллара, кэпсииллэрэ – Ийэ Өйдөрө олохсуйан, Өркөн өйдөрө күүһүрүөр дылы, Айыы Ситимэ аһаҕас эрдэҕинэ, эттэрэ, оройдоро бүтэйэ илигинэ, өрүсүһэн. Баҕар, ити омук быһыытынан уратыбыт буолуо, дэлэҕэ да өбүгэбит:«Сүүстэ истибиттээҕэр биирдэ көрбүт ордук» - диэ дуо?

Бу холобурга Мандар Уус өбүгэлэрбит оҕолорун хайдах үөрэтэллэрин, иитэллэрин-такайалларын туһунан кэпсиир. Манна өбүгэлэрбит атын омуктан уратытык (диэн бэлиэтээбит), ол эбэтэр, элбэх кэпсээнэ-ипсээнэ суох харахтарынан көрдөрөн, билиһиннэрэн үөрэтэр идэлээхтэрин «сүүстэ истибиттээҕэр биирдэ көрбүт ордук» диэн өс хоһоонугар олоҕуран, санаатын бигэргэргэппит.

2. Оҕолорбутун кытта кэпсэтэрбитигэр хайаан да тылбыт ууһун киллэрэн, бэркэ болҕойон саҥарарбыт-иҥэрэрбит буоллар, күнтэн күн кыраны да буоллар, саҥа тылы-өһү эбинэн иһиэхтэр этэ - «отонноотоххо оҥоойук туолар»...

Мандар Уус бу холобурга этии бүтүүтүгэр: «оччоҕо оҕолорбут тыллара-өстөрө байыа, сайдыа этэ» диэн санаатын суруйбакка, өбүгэ бэргэн этиитин туттубут. Онон Мандар Уус бу этиитигэр түмүктүүр санаатын бэргэн этиинэн биэрбит.

3. «Үс дойду барыта Кэмнээх» эбэтэр «Балык ыамнаах, киһи кэмнээх» – диэбитэ өбүгэбит. Бу этиигэ

4. «Кыыс – омук анала» диэн мээнэҕэ этиллибэтэх өс хоһооно. Удьуор хаанын харыстаан өбүгэбит барахсан кыыһын ыраах, туспа дьоҥҥо ыал оҥорон, олох олохтуура – саҥа Ийэ Ууһун төрүттүүрэ...Уол оҕотугар тэгил тэҥнээҕин булан кэргэн кэпсэтэрэ.

Мандар Уус бэйэтин холобурунан, бу өс хоһооно сахаҕа, хайа баҕарар омукка, удьуор салҕаныытыгар улахан суолтатын итэҕэтэр гына быһааран суруйбут. Бу өс хоһооно мээнэҕэ этиллибэтэх диэн бэлиэтээбит. Кырдьык даҕаны, кыыс ийэ буолан, оҕо төрөтөн бэйэтин ууһун, удьуорун, омугун салҕааччы буолар. Онон, кыыс омук анала. Былыр кэргэн кэпсэтэр кыыстарын, эбэтэр күтүөт уолларын кимтэн-кииннээҕин, хантан-хааннааҕын барытын билэн-көрөн баран биирдэ холбооттууллара. Хаан ырааҕа, уруу чугаһа диэн өбүгэлэрбит эмиэ этэн тураллар. Билиҥҥи кэмҥэ оҕолор ыал буолалларыгар үксүн улахан болҕомто ууруллубат, сорох ардыгар чугас аймахтыы да дьон ыал буоллахтарына көҥүллэрэ. Маннык ыал буолуу омук эстиитин бэлиэтиир диэн санааны Мандар Уус бэлиэтиир. Тоҕо диэтэххэ, чугас аймахтыылар хааннара биир буолан, оҕолоро – инники кэскиллэрэ мөлтүүр-ахсыыр. Онон, бу кыыс – омук анала диэн өс хоһооно маннык дириҥ өйдөбүллээх эбит.

5. Бастаан үөскүүр- төрүүр барыта маҥнай бэйэтин төрдүн-ууһун иһигэр сыыйа нэһирэн, бытааран барыа: холобур, биир саҥа суорт үүнээйини үөскэтэн, таһааран баран, сирин да уларыппакка, атын да суорду кытта холбообокко сылтан сыл биир кэм үүннэрэ турдахха, өтөр кэминэн үүнүүтэ мөлтөөн, аһы биэриитэ аччаан, амтана уларыйан барыа... «Эстээри гыммыт ыал ыта ытырыык, ынаҕа кэйиик буолар» диэн бэргэн этии баарын эмиэ билэбит...

6. Быһаҕаһа быдьар, сорҕото содур.

7. Онон биһиги иннибитигэр турар киһи кимин кини тас көрүҥүттэн буолбакка, тылыттан-өһүттэн эрэ дьиҥин билэбит. «Ынах маҕыраһан, киһи кэпсэтэн билсэр» – диирэ өбүгэбит.

Мандар Уус бу өбүгэбит бэргэн этиитигэр тирэҕирэн омук олох олоро кэлбитин туоһулуур сүдү өйдөбүлэ Ийэ Тылыттан тутулуктаах диэн этэр. Кимтэн кииннээхпитин, хантан хааннаахпытын, хайа омук буоларбытын дьүһүммүт-бодобут да, быһыыбыт-таһаабыт да быһаарбат, соҕотох Ийэ тылбыт эрэ туоһулуур кыахтаах эбит. Ону бу өбүгэбит бэргэн этиинэн бигэргэтэр.

8. –Аны билигин бука бары – төрөппүттэр, оҕону иитэр тэрилтэлэр, көрдөрөр-иһитиннэрэр, биллэрэр тэрилтэлэр үлэһиттэрэ, бары үрдүкү салайааччылар, бар дьоммут, бу саха омук туһа диэн, бары биир өйүнэн-санаанан түмсэн туруннарбыт, билигин да хойут буолбатах, Ийэ тылбытын өрүһүйүө этибит диэн эрэл санаа кыыма кылахачыйар: «норуот күүһэ – көмүөл күүһэ»...

Мандар Уус бу өс хоһоонугар тирэҕирэн саха тыла сайдарыгар түмсүөҕүҥ диэн норуоту ыҥырара көстөр. Билигин да тылбытын тилиннэриэҕиҥ, атаҕар туруоруохха сөп диэн бэлиэтиир. Уонна санаатын «Норуот күүһэ –көмүөл күүһэ» диэн өс хоһоонунан түмүктүүр. Бу өс хоһооно – бары бииргэ түмсэн, сомоҕолостохпутуна тугу барытын кыайар-хотор кыахтаахпыт диэн суолталаах.

Мандар Уус кинигэтигэр өс хоһоонноругар тирэҕирэн санаатын бигэргэтэн, дьоҥҥо тиэрдэр эбит. Маннык ньыманы туттуута кини өбүгэ этиилэригэр сөпсөһөрө, ол этиилэри бэйэтин олоҕор улахан суолталаахтарын, кини эмиэ дириҥ, мындыр, толкуйдааҕын көрдөрөр эбит диэн түмүккэ кэллим.

Наши рекомендации