Уус – уран сиһилиир ньыманы туттуута
Борис Федорович Неустроев–Мандар Уус баай уус–уран нэһилиэстибэтэ тыл үөрэҕин өттүттэн ситэ-хото үөрэтиллэ илик.
Мандар Уус уус–уран сиһилиир ньыманы хомоҕойдук туттубут. Ону ырытарбар 4 бөлөххө арааран көрдүм: 1) Уус-уран тэнийбит быһаарыыны (эпитети) туттуута; 2) Тыыннааҕымсытыыны тууттуута3) Тэҥнэбили туттуута; 4) Метафораны туттуута.
1. Уус-уран быһаарыыны (эпитети) туттуута
Эпитет хайа баҕарар уус-уран айымньыга уонна үксүн олонхоҕо хойуутук туттуллар.
Тыл үөрэхтээхтэрэ бэлиэтииллэринэн, уус-уран быһаарыы олоҥхо биир сүрүн уратыта, чопчулаан эттэххэ, олоҥхоһут хоһуйар-дьүһүйэр тутаах ньымата буолар. Хайа баҕарар олоҥхоһут улуу куйаар тутулун, үс дойду киэбин-киэлитин, олохтоохторун дьүһүнүн-бодотун, таҥаһын-сабын, аһын-үөлүн, дьиэтин-уотун, үгэһин-үөрүйэҕин, дьарыгын-дьоҕурун, сиэрин-туомун, айанын-сырыытын, охсуһуутун-дьайыытын бүүс-бүтүннүүтүн саас-сааһынан ымпыктаан-чымпыктаан ойуулуур-сиһилиир үгэстээх. Бу уустук соругу уус-уран быһаарыы эрэ толорор кыахтаах. [6. 5 с.]
Мандар Уус уус-уран тыла-өһө олоҥхоһут тылыгар чугас. Ол курдук, кинигэтигэр олоҥхоҕо курдук уус-уран тэнийбит быһаарыы олус элбэх.
Мантан салгыы сиинтэксис биир ураты көстүүтүн – тэнийбит уус-уран быһаарыы тутулун Мандар Уус холобурдарыттан ылан (3№-дээх сыһ. Көр), ырытан көрдүм:
1. Аат туохтуур атын тылы салайар айылгылаах буолан, тиэкис кэрчигин төһө баҕарар тэнитэр кыахтаах:
Уолугунан тыыммыт, А6+АТбыт
оройунан көрбүт, А6+АТбыт
ортотунан курдаммыт, A6+АТбыт
уһугунан дугуммут, А6+АТбыт
босхо бастаах бороҥ урааҥхай оҕото буоллаҕа.
Бу холобурга –быт сыһыарыылаах ааспыт кэмнээх аат туохтуур 4 устуруокаттан турар быһаарыы суолталаах кэрискэтин көрөбүт, ити барыта урааҥхай оҕото диэн быһаарар тылын кытта тэҥҥэ холбонор ситиминэн ситимнэспит. Ити оҥкулун көрдөххө, устуруокаҕа тыллар ситимнэһиилэрэ тэбис-тэҥ, манна 1 эрэ халыып (модель) баар.
2. Барамай туохтааҕын бэлиэтиир –лаах сыһыарыыта тиэкис кэрчигин төһө баҕарар тэнитэр кыахтаах. Маннык сыһыарыылаах кэрчик быһаарыы эбэтэр кэпсиирэ оруолугар туттуллар. Быһаарыллар тыл (х-р: Урааҥхай саха оҕото) иннигэр –лаах сыһыарыылаах кэрчик турар түбэлтэтигэр ити барыта быһаарыы суолталанар, оттон балары миэстэлэрин атастаһыннардахха, -лаах сыһыарыылаах кэрчик кэпсиирэ суолтатын ылынар. Холобур:
Устаты муруннаах, Д+Алаах
уу-хаар харахтаах, А-А+Алаах
уу-ньамаан саҥалаах...А-А+Алаах
Урааҥхай саха оҕото
Иэгэйэрикки атахтаах, АТ+АА+Алаах
иннинэн сирэйдээх, А6+Алаах
иринньэх куттаах, Д+Алаах
ириҥэ мэйиилээх...А+Алаах
киһи-аймах.
Эҥинэ бэйэлээхдьүһүннээх-бодолоох, Д//+бэйэлээх+Алаах-Алаах
күн араас тыллаах-өстөөх, А+Д+Алаах-Алаах
үрдэ суох үгүс үгэстэрдээх,А//+суох+Д+Алаах
сиэрдээх-туомнаах, Алаах-Алаах
ахса суох араас ааттаах-суоллаах... А//+суох+Д+Алаах
омугу.
Бэрт чаллах төрдүлээх,Д+Д+Алаах
баараҕай суон умнастаах, Д+Д+Алаах
күнү-ыйы бүөлүөхтүү сараадыйбыт, А-А4+CТ+АТбыт
бөҕө-таҕа лабаалардаах, Д-Д+Алаах
муҥутуу ситэн турар мутукчалаах... СТ+СТ+АТ+Алаах
(тиит мас).
Аҕыс киспэлээх, АА+Алаах
Тоҕус тулааһыннаах, АА+Алаах
Ойон тахсар күннээх, СТ+АТ+Алаах
Охтон баранар мастаах, СТ+АТ+Алаах
Уолан баранар уулаах, СТ+АТ+Алаах
Орто Туруу Дьаҕыл Дойду.
Бу холобурдарга быһаарыы суолталаах кэрискэбыһаарар тылын кытта кэккэлэһэ ситиминэн ситимнэспиттэрин көрөбүт. Бастакы уонна бүтэһик холобуру ылан көрдөххө, устуруокаҕа тыллар ситимнэһиилэрэ майгыннаһар өрүттээх, манна 2 халыып (модель) баар.
3. Олоҥхоҕо аат туохтуур уонна –лаах сыһыарыылаах аат икки таһымҥа туттуллан, уустук тутуллаах быһаарыы суолталаах кэрчиги үөскэтэллэр.
Баттаатахха маталдьыйбат,Т+АТбат
Үктээтэххэ өҕүллүбэт, Т+АТбат
Кэбиэлээтэххэ кэбэлдьийбэт,Т+АТбат
Бу холобурга тыллар ситимнэһиилэрэ тэбис-тэҥ, манна 1 эрэ халыып (модель) баар.
Мандар Уус «Ойуу тыла. Айыы тыла» кинигэтигэр тэнийбит уус-уран быһаарыы хайдах үөскээн, тэнийэн, уустугуран иһэрин кэтээн көрдүбүт. Мандар Уус кинигэтигэр тэнийбит уус-уран быһаарыыта тутулунан, сүнньүнэн, маарыннаһар эбит диэн түмүккэ кэллибит.
2. Тыыннааҕымсытыыны туттуута
Мантан салгыы Мандар Уус «Ойуу Тыла. Айыы тыла» кинигэтигэр тыыннаҕымсытыыны хайдах туттубутун аҕыйах холобуру ылан көрүөхпүт:
1. Дьэ, уонна туран, саарбаҕа суох биир бигэ санааны сананан, тулхадыйбат туруу толкуйу толкуйданан туран, Уһутуур Улуу Куйаар уорааннаах уорҕатынан, куоран-далай ытыстарыгар Олох Симэһиннээх Сиэмэлэрин толору ытыһан ылан, далааһыннаахтык далайан, дайах гына ыһан баран, үкээр куйаас тыынынан сирэлитэ үрэн кээспитигэр сиэрэй тииҥ тиҥилэҕин тириитин саҕаттан тэнийдэр-тэнийэн Сир Ийэ барахсан сириэдийэ чэлгийэн, тэрэйэ-тэрбэйэн таҕыстаҕа үһү диэн буолар, күрүөх-билэ дьонноруом.
Бу холобурга Мандар Уус Үрүҥ Айыы Тойон олох сиэмэлэрин ытыһыгар толору баһан баран ыспытын уонна үрэн кэбиспитигэр Сир Ийэ үүнэн, үөскээн тахсыбытын бу баардыы көрдөрбүт. Үрүҥ Айыы Тойон хаама сылдьара, хамсанара барыта көстөр.
2. Икки кыракый үрүйэчээннэр үөрэ-көтө чырылыы-чырылыысырсан түһэн иһэллэр.
Мандар Уус бу этиигэ үрүйэчээннэри тыыннааҕымсытыыта үөрэ-көтө, сырсан түһэн иһэллэр диэн тылларга көстөр. Онтон чырылыы-чырылыы диэн тыаһы үтүктэр тыл үрүйэ бэлиэтэ буолар. Ол эбэтэр үрүйэ чырылыыр тыаһын бэлиэтиир тыллар. Мандар Уус үрүйэни ньырамсытан, үрүйэ диэҥҥэ –чээн сыһыарыыны эбэр.
3.Үрүйэчээн барахсан үөрэ-көтө кылбачыйа, чырылыы сүүрэн иһэн туора сытар маска кэтиллэн булумахтана түһээхтиир.
Бу холобурга кылбачыйадиэн ойуулуур-дьүһүннүүр тылуонна чырылыы диэн тыаһы үтүктэр тылларүрүйэ дьиҥ хаачыстыбатынбэлиэтииллэр. Тыыннааҕымсытыыны көрдөрөр тыллар үөрэ-көтө, сүүрэн иһэн, кэтиллэн булумахтана түһээхтиир диэн тыллар буолаллар. Мандар Уус үрүйэчээни оҕо курдук сүүрэр, үөрэр-көтөр диэн тыыннааҕымсытар.
4. Үрдүнэн-аннынан түһүөлээн, мөхсөн көрөөхтүүр да, күүс-хаан кыайтаран хайыаҕай, мэһэйдии сытар мас хоту саҥа сүнньүн булан, салгыы сүүрэ тураахтыыр.
Бу этиигэ тыыннааҕымсытыы баһыйар оруоллаах. Инники этиилэрин аахпакка эрэ бу этиини эрэ аахпыт киһи үрүйэчээн туһунан этиллибит диэн билиэ суох эбит. Бу этиигэ тураахтыыр диэн туохтуур атаахтатар халыыба көстөр.
Бу холобурдарга Мандар Уус үрүйэлэрэ оҕо курдук үөрэ-көтө сырсаллар, маска кэтиллэн булумахтаналлар, сүүрэллэр. Ааптар үрүйэни ньырамсытан үрүйэчээн диир уонна тыыннаҕымсытан оҕоҕо майгыннатар.Мандар Уус тыыннааҕысмытыыны хомоҕойдук туттубут эбит.
3. Тэҥнэбили туттуута
Тэҥнэбил – диэн биир предмети эбэтэр кини бэлиэтин атын маарынныыр предмеккэ, эбэтэр кини бэлиэтигэр тэҥнээһин ааттанар.
Борис Федорович – Мандар Уус кинигэтигэр уус-уран сиһилиир ньыма бу көрүҥүн хото туттар. Холобурга манныктары көрүөҕүҥ:
Дьэ, ити көрбүппүт курдук Мандар Уус уус-уран сиһилиир ньыма биир көрүҥүн – тэҥнэбили хойуутук туттар эбит.
Бу үгүс холобурдартан (2 №-дээх сыһ. көр) аҕыйах холобуру ылан көрүөҕүҥ:
1. «Дьыллар-күннэр илим хотоҕоһун курдук субуллан ааһан истилэр» –диэн Кэм устан иһэрин өбүгэбит барахсан сайыһа саныыр буолара...
Бу этиигэ күн-дьыл туһунан суруллубут. Күн-дьыл хайдах устан иһэрин Мандар Уус бу этии өбүгэ этиитэ диэн бэлиэтээбит. Өбүгэлэрбит күн-дьыл устарын илим хотоҕоһугар тэҥнии көрөллөр эбит. Бу холобуртан көрдөххө, ааптар өбүгэ этиилэрин бэйэтин кинигэтигэр киллэрэн, салгыы дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэр сыаллаах туттубут буолуон сөп.
2. Аныгы «сайдыылаах олох» тыына сайан, сир-сир аайы тиһэх олоҥхоһуттар Киҥкиниир Киэҥ Халлаан тэҥэ киэҥ киэлилэриттэн көтөн тахсан иһэр көмүс дорҕоонноро, күөрэтиллибит кыталык курдук кынаттара тостон аара саккыраһан хааллахтара...
Бу этиигэ Мандар Уус бу билиҥҥи аныгы олох сайдан, тиһэх олоҥхоһуттар сүттүлэр диэн суруйбут. Манна ааптар олоҥхоһут киэлитин Киҥкиниир Киэҥ Халлааҥҥа тэҥниир. Оттон олоҥхоһут тыла-өһө симэлийэн эрэрин, күөрэтиллибит кыталыкка тэҥниир. Тоҕо олоҥхону Мандар Уус кыталыкка тэҥниирий диир буоллахха, кыталык Саха сиригэр олус ытыктанар көтөрбүт буолар. Кыталыкка өрүү туох баар кэрэни тэҥнииллэр.Холобур, кэрэ кыыс уобараһын хоһуйарга кыталык «курдук кынталдьыйбыт» эҥин диэн тутталлар. Биллэрин курдук, саха дьоно кыталыгы ытыктыыллар, харыстыыллар. Оттон кыталыгы илэ хараҕынан көрбүт киһи дьоллоох буолар дииллэрэ. Олоҥхо эмиэ саха омук биир саамай киэн туттар уус-уран чыпчаал айымньытабуолар. Ол иһин Мандар Уус олоҥхону эмиэ харыстыахха, ытыктыахха диэн санааттан кыталыкка тэҥнээбит буолуон сөп.
3. Айыы хараҕынан орто дойдуну саҥа анааран көрөр аанньал оҕото – сабыс-саҥа түспүт кыппай хаар курдуккыра да кыырпаҕа суох, ып-ыраас хонуу...
Мандар Уус бу этиигэ саҥа күн сирин көрбүт оҕону олус үчүгэйдик, сабыс-саҥа түспүт кыппай хаар курдук кыра да кыырпаҕа суох, ып-ыраас хонууга тэҥнээбит. Бастаан аахтахха, Мандар Уус саҥа төрөөбүт оҕону, кини хайдах курдук ырааһын, саҥа түспүт хаарга холоото. Ол эрэн манан бүппэт эбит. Кини этэринэн салгыы кэлэр этиигэ: «Онно бастакы суолу, суругу биһиги – төрөппүттэр уонна чугас дьонноро суруйабыт» диир. Бу иккис этииттэн көрдөххө, Мандар Уус оҕону иитии уонна Ийэ Тыл тиэмэлэрин таарыйбыт. Кырдьык да, оҕобут күн сирин көрөөт ийэтиттэн-аҕатыттан, эбэтиттэн-эһэтиттэн, убайдарыттан-эдьиийдэриттэн көрөн-истэн, үтүктэн, үөрэнэн барар. Ол аата бу ып-ыраас хонууга бастакы суолу-ииһи чугас дьонноро түһэрэллэр диэн буолар.Ол суол-иис диэнинэн Мандар Уус бастатан туран Ийэ Тылын этэр. Ол иһин оҕо саҥа төрөөтүн кытта ийэ тылынан кэпсэттэххэ, оҕо Ийэ тыла олохсуйан, хайа баҕарар атын омук тылын үөрэтиэ, сайдыа диэн суруйар. Оттон Ийэ Тылын билбэтэх эбэтэр икки тылга буккуллан хаалбыт оҕо Ийэ Тылыттан сыыйа тэйэн, тылын ситимэ кэһиллэн, салгыы этиитин тутула ыһыллан, санаатын сатаан эппэт буолан эрэйдэнэр диэн бэлиэтээбит. Онон бу Ийэ Тылбыт кыаҕа, күүһэ олус үрдүк эбит.
Борис Федорович – МандарУус тэҥнэбили-уус-уран сиһилиир ньыма биир көрүҥүн хото туттубут. Тэҥнэбил уус-уран айымньы тылын-өһүн байытар, киэргэтэр. Мандар Уус олус дириҥ толкуйдаах, ырааҕы ыраҥалаан көрөр дьоҕурдаах киһи, ол иһин кини тэҥнээһиннэрэ эмиэ олус дириҥ ис хоһоонноохтор эбит.
4. Метафораны туттуу
Мандар Уус метафораны хойуутук туттар эбит. (3№-дээх сыһ. көр) Онтон аҕыйаххолобуру ылан, сиһилии ырытан көрүөҕүҥ:
1. Онон бу быыстала суох кутуллар тыл ардаҕыттан сөптөөҕүн, туһалааҕын эрэ иҥэринии – биһиги бүгүн күннээҕи Ытык Иэспит биир ирдэбилэ буолар!
Мандар Уус бу этиигэ олус интэриэһинэй – тыл ардаҕыттан диэн тыл ситимин туттубут. Бу маннык этии мээнэ иһиллибэт этии, ол иһин метафора курдук суолталаах. Мандар Уус тыл ардаҕа – диэн билиҥҥи күннээҕи олоххо туттуллар туох баар саҥаны-иҥэни, тылы-өһү барытын түмэн этэр. Ону барытын икки тылынан түмэн тыл ардаҕа диэн суруйбут. Тыл ардахтаабата биллэр эрээри, көспүт суолтатынан көрдөххө, кырдьык даарааһынай үчүгэй да, куһаҕан да тыл-өс, саҥа-иҥэ ардах курдук айахпытыттан тахсан, ардах түһэрин курдук таммалыыр. Онон тыл ардаҕа диэн киһи туох баар билэр-билбэт тыла-өһө барыта ааттанар. Мандар Уус тыл ардаҕа диэн саҥа, сонун метафораны үөскэппит диэххэ сөп.
2. Онон атара бөтөрөҥүнэн астаран иһэр Олох Сыарҕатын тосту эргиллиитигэр таһырдьа быраҕыллыбакка...
Бу холобурга Мандар Уус Олох Сыарҕата диэн метафораны үөскэппит. Олох Сыарҕата диэн эбэтэр Олох – Сыарҕа диэн өйдүөххэ сөп. Холобур, олох биир улахан Сыарҕа, онно дьоннор олорсон олох устун айаннаан иһэллэр. Киһи үчүгэйдик олорор буоллаҕына, сыарҕаҕа бигэтик олорор. Оттон сорох дьон куһаҕан суолга кэлэн, Сыарҕаттан эһиллэн хаалыахтарын сөп. Оччоҕо кини олох сыарҕатыттан түһэн, соҕотох эрэйи, сору көрүөн сөп, эбэтэр олохтон букатын туораан хаалыан сөп. Олох устан иһэр, оттон биһиги – дьон-сэргэ олох сыарҕатыгар олорсон иһэбит. Мандар Уус көрөрүнэн: олох – олус түргэнник, атара бөтөрөҥүнэн айаннаан иһэр сыарҕалаах ат курдук. Бу тоҕо наһаа түргэнник айаннаан иһэрий аппыт диир буоллахха, итинэн Мандар Уус бу билиҥҥи аныгы сайдыылаах олоҕу көрдөрбүт. Бу олох тосту эргиллиитигэр сыарҕаттан түһэн хаалбакка салгыы бигэтик тутуһан айаннаан иһиэҕин диир.
Саха киһитэ былыр да, билигин да кыыдааннаах кыһыны быһа сыарҕалаах атынан сылдьар. Бу саха олоҕор-дьаһаҕар олус чугас суолталаах метафора эбит. Онон Мандар Уус уу сахалыы санаалаах, өйүгэр оҥорон көрөр дьоҕурдаах буолара көстөр диэххэ сөп.
3. Мандар Уус этиитигэр «таҥара таммалаппатах» диэн этиитэ метафора буолуон сөп курдук. Таҥара таммалаппатах – диэн ол аата талаана, айылҕаттан айдарыыта суох, таҥара талаан биэрбэтэх диэн суолталаах туттуллубут. Маннык этии мээнэ иһиллибэт, онон сонун этии буоларын быһыытынан метафораҕа киллэриэххэ сөп.
Борис Федорович Неустроев – Мандар Уус «Ойуу тыла. Айыы тыла» кинигэтигэр метафораны элбэхтик туттубут. Ону ааһан саҥа, сонун метафоралары киллэрбит эбит. Бу кини айар талааннаах киһи быһыытынан кыахтааҕын бэлиэтиир.