Сомоҕо домоҕу туттуу
Икки эбэтэр хас да тыл өйдөбүлү уус-ураннык хоһуйан этэр холбуу суолталаммыт ситимэ сомоҕо тыл дэнэр. Сомоҕо тыллар өйдөбүлү уустаан-ураннаан этэргэ туттуллаллар.
Сомоҕо домох саха кэпсэтэр тылыгар, уус-уран айымньы бары көрүҥнэригэр элбэхтик туттуллар, саха тылын ордук кэрэ, сытыы, этигэн, бэргэн оҥорор, үөрэх, билии тарҕанарыгар төрүөт буолар.
Мандар Ууска сомоҕо домох үгүстүк көстөр.Ааптар кинигэтигэр сомоҕо домоҕухайдах туттубутунГригорьев тылдьытыгар олоҕуран кэтээн көрдүм. Холобур:
1. Атааннаах-мөҥүөннээх Аан Ийэ Дойдугу Төлкөбүт түһэн,Түөрэхпит олорон, биһикпит ыйанар, күн-күбэй Ийэ көмүс күбэйин соппойор Ытык Күнэ үүннэҕинэ – Удьуорбут уһуур.
Биһикпин ыйаабыт сирим – үчүгэйдик билэр сирим (төрөөбут үөскэбит дьиэм таһа сир).
2. Ол уот уоҕа хараан соҕүдүйэ барыыта олоҥхоһут киһи тоҥ күөс быстыҥа таалан, талбааран, ох курдук оҥостон, кустук курдук куоһанан, бэйэ бодотун тардынан, оллоон кэбиһэн, таһыттан тыас-уус, киирии-тахсыы аралдьыппатын диэн икки хараҕын симэн, сыҥаах баттанан, барытын бары бутэйдэнэн, бүөлэнэн баран, дьэ оргууй аҕайдык Уһутуур Улуу Куйаар курдук уһуга торумнаммат улаҕалаах санаатын далыгар уйдаран, Үөгүлүүр үрдүк Мэҥэ Халлаан курдук кэмэ биллибэт киэҥнээхис эйгэтигэр киирэн, ойор күннэри, орто дойдулары отой умнан, аламай күннээх, алгыс тыыннаах Айыы халлаанынан, охсуһуулаах-мөккүөрдээх орто дойду урсунунан, өһүөннээх-өлөрсүүлээх Үс-Ньүкэн Үөдэн түгэҕинэн түөрэ эргийэн тахсар үлүскэннээх айаныгар туруннаҕа – Олоҥхолоон бардаҕа...
Ох курдук оҥостон (с.7) – барарга, айанныырга үчүгэйдик, кичэнэн тэрин, оҥоһун, бэлэм буол. Урут оҕу көнө, табыгас, ыраахха диэри барар буоллун диэн, олус кичэйэн онороллор эбит - бу онно холоон этии буолар. [9. 62 с.]
3. Дьэ, аны бэйэбит иннибитигэр бэрэбинэ сытарын көрбөккө, ама, хайдах атыллаан ааһыахпытый?
Бэйэтин иннигэр бэрэбинэ сытарын көрбөт – диэн бэйэтин сыыһатын көрбөккө, атын дьон сыыһатын, буруйун аахсар киһини этэллэр.
4. Ууну омурдубуттуу – саҥарбат (ууну омурдубут киһи курдук саҥарбат буолбут дииллэр). [9. 100c.]
5. Оттон биһиги өбүгэлэрбит барахсаттар бу чымаан тыыннаах дойдубутугар маҥнай кэлиэхтэрин утаа суруктарын-бичиктэрин харах харатын курдук харыстаанилдьэ сылдьан иһэн, олох иһин өлөр-тиллэр туруутаһыы кэмигэр суруксут дьоннорун былаҕайга былдьатан уонна өрүсүһэн оҕолорун, ыччаттарын үөрэттэрэн хаалбакка сыыйа умнан-тэнэн бардахтара...
Харах харатын курдук харыстаан–(нууччаттан киирбит). Хараҕы харыстыыр курдук, бэркэ кичэйэн, олус сэрэнэн (харыстаа). [113 c.]
6. Ол самаан сайын сатыылаабыт саргылаах сириттэн-уотуттан ордорон бу тоҕус ый кыыдааннаах кыһыннаах, томороон тымныылаах аан тумарык дойдутугар (түҥ былыргыттан бэркэ ыкссатаҕына уоскуйан, «тыын ыла түһэр» киэҥ нэлэмэн Сибиир Эбэтин биир бүөмчү хонноҕо-быттыга буоллаҕа эбээт...) көһөн-көтөҕүллэн кэлэн, эмиэ саҥалыы түһүүлэнэр сирин үктэнэн, моҕол ураһатын ураҕас-сэриилэрин туруору туппутунан бардаҕа...
Тыын ыл – сынньан уоскуй диэн суолталаах. [9. 96 c.]
7. Саха унньуктаах уһун үйэтигэр Сир Ийэҕэ олох олорбут омуктартан үгүстэрин кытта үтүөнэн да, мөкүнэн да алтыһан, ыал, дьукаах олорон, арыт кыргыһан кыайан, арыт кыайтаран-хотторон, атахха биллэрэн, син баччаҕа кэллэхпит.
Атахха биллэрдэ – диэн туохтан эрэ куттанан куотта, тэскилээтэ диэн суолталаах. [20 c.]
8. Аны бу улуу дьоммут бары устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах, бары тамахтарыгар силлэппит «уот бэлэстэр».
Уот бэлэс – диэн тыллаах киһини этэллэр. [102 c.]
9. Биир үтүө күн икки атах ириҥэ мэйиитэ иитиллэн, тыла-өһө сүрдэнэн, санаатын дала кэҥээн аны көннөрү күннээҕи тылынан-өһүнэн кэпсэтэртэн, быһаарсартан салҕа быһыытыйан, күннээх халлаан тэҥэ сырдык, кэрэ дорҕоонноох, чөҥөрө чүөмпэ курдук дириҥ далай ис хоһоонноох, иччилээх, илбистээх, арчылаах, алгыстаах тылынан саҥа аллайан, хоҥмут уоһун хоҥнорон, өрөөбүт уоһун өһүлэн санаатын сайгыырга, сүрэҕин сөрүүркэтэргэ таластаҕа...
Хоҥмут уоһун хоҥнорон, өрөөбүт уоһун өһүлэн – диэн олоҥхоһуту, ырыаһыты, ойууну көрдөһөн, ытыктаан, дьоһуннаахтык олоҥхолоо, ыллаа, кыыр диэн көрдөһөр тыллара. [116 c.]
10. Тыл Иччитэ Ытык Чыыбыстаан Орто Туруу Бараан Дойду толомон маҥан ньуурун дьоллоох туонатыгар Олох олорорго Ытык Ыйаахтарын ыйдарбыт оччотооҕу омуктартан биир маҥнайгынан, бэркэ маанылаан, хатаҕалаан Тыл Төрдүн күүһүн, илбиһин иҥэрбит, тамаҕар силлээбит дьонуттан биирдэстэрэ Урааҥхай Саха улуу төрдө буолбатах этэ дуо?
Тамаҕар силлээ – уһуй, үөрэт диэн суолталаах. [32 c.]
11. Ол сүдү дьоммут албаннаах ааттарыгар бу саҥа үйэ дьоно, биһиги, сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн, хоолдьуктаах бэйэбит хоҥкуйантураммыт«сүрэхпитигэр умайар көмүлүөк оһохпутугар» өйдөбүнньүк аһын кэрээбэккэ кээһэ сырыттарбыат!
Сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэн, хоолдьуктаах бэйэм хоҥкуйан – улаханнык көрдөһөн, ааттаһан эрэбин диэн суолтаҕа туттуллар. [118 c.]
12. Өбүгэбит барахсан нохтолоох тойон сүрэҕэ толугуруу мөхсөн, хас тымырын-сыдьаанын устун итии хаана сүүрэн түллэҥнии күүрэҥнээн, кута-сүрэ имэҥирэ дьалаһыйан, долгуйан, өрөкүйэн, илбиһирэ илгистэн, тыын быһаҕаһа тыынан тыҥырҕаан, илэ-бодо олоҥхолоон доллоһута олорорун аны көрбөппүт-истибэппит, иҥэриммэппит эбээт.
Тыын быһаҕаһынан тыынан – ыксаан, тиэтэйэн, бэтиэхтии тыынан диэн суолталаах. [95 c.]
13. Сир Ийэ үрдүгэр атааннаспат, атыҥыраспат гына биир дьүһүннээх, айах атан быһаарсарга холоох гына биир тылынан саҥарар киһи-аймаҕы айан бараммыт туох да кыһалҕата суох «түөспэр силлии» сыппытым ордук буолуо суоҕа этэ дуо?
Түөһүгэр силлэнэр – туох да кыһалҕата суох буолбут, күннээбит киһини этэллэр.[92 c.]
14. Чэ, бу биһиги туос-ама дьон кыайан көрбөппүт баа буолбатын даҕаны, аныгы кэмҥэ оннооҕор анаан идэтийбит ойууһут дьоммут, уустарбыт, иистэнньэҥнэрбит оҥоруохтаах, айахтыахтаах айымньыларын эрдэ кыайан дьэҥкэтик анааран көрбөккө, им-балайга бырыгылдьытан, көрдөөн муҥнанан, сүүһүнэн эскиһи хос-хос быраҕан «ыт өлүүтүн көрөллөр».
Ыт өлүүтүн өл – акаарытык эрэйдэнии, солуута суохха эрэйдэнии, сылайыы. [120 c.]
15. Итинтэн сылтаан Олохпут Тэтимэ олоччу да уларыйда, хайа диэки хайысхаланан иһэрбит, төһө түргэнник сыҕарыйарбыт торумнаммат буолла, тэтиммит түргэтээтэ-түргэтээтэ диэн түөспүтүн охсунабыт да, холобур, биһиги хатанан иһэр Арассыыйабыт судаарыстыбата Аан Дойду сайдыылаах судаарыстыбаларын төһө кэминэн куоттарбытын санаатахха, киһи курутуйуох курдук.
Түөһүн охсунар – бэрдимсийэр, мин аҕай дэнэр, киһиргиир киһини этэллэр. [92 c.]
16. Аҕыс иилээх – саҕалаах, айгыр – силик айылҕалаах, атааннаах – мөнүөннээх Аан Ийэ Дойдутугар аччаччы тэбинэн турар, алтахтаан хаамар, устаты муруннаах, уу-хаар харахтаах, уу-ньамаан саҥалаах Урааҥхай саха оҕото буоллун диэн аат ааттаан, уһугунан дугуммут,оройунан көрбүт уолҕамчы бэдиги, уһаатын тэнийдин, орто дойду олоҕун иилээтин-саҕалаатын, көмүскээтин-харыстаатын, харааннаатын диэн, Ытык Ыйааҕын ыйан, Ытык Аналын аннаан, Ытык иэһин этэн, Ийэ кутун кутан, Ийэ өйүн иҥэрэн, Ийэ тылын тыыннаан, Салгын Кутун салайан, Буор кутун буҕатытан Олох олохтообута эбитэ үһү диэн буолар, тоҕой-сэлэ доҕотторуом...
Оройунан көрбүт – мэник, мэниктээбит, мэнигэ киирбит, улдьаарбыт оҕону этэллэр. [62 c.]
17. Сиикэй-буһуу буолбутуттан санаата оонньоон сабыстан олордоҕо.
Cанаата оонньуур – санаата хараастанар, санааргыыр, уйадыйар, долгуйар, айманар диэн суолталаах. [69 c.]
Мандар Уус сомоҕо домоҕу туттуутун Н.С.Григорьев «Сомоҕо домох тылдьытынан» сирдэтэн кэтээн көрдүм. Түмүктээн эттэххэ, Мандар Уус сомоҕо домоҕу айымньытыгар хото туттар эбит. Ааптар сомоҕо домох суолтатын, өйдөбүлүн бэркэ диэн билэр, ол кини уу сахалыы санаалаах, тыллаах-өстөөх, толкуйдаах киһи буоларын бэлиэтиир. Кини кинигэтин тыла-өһө кэрэ, сытыы, этигэн буоларыгар сомоҕо домох улахан суолталаах.