Дорҕоонунан салайтарар кэнсиэпсийэ
Тимир ууһа, ойууһут Мандар Уус «Ойуу тыла. Айыы тыла» кинигэтигэрбиир олохтон тахсар тыллары наардаан, бүтүн кэнсиэпсийэни айан таһаарбыт. Холобур, бастакы баһын ...Ай... диэн тылтан саҕалыыр. Кини бу тыл хайдах үөскээбитин, ким айбытын киириитигэр сүрдээх үчүгэйдик быһааран суруйбут. Кини этэринэн Үрүҥ Айыы Тойон Орто туруу-бараан Ийэ Дойдуну айбыт эбит. Онтон уу-ньамаан саҥалаах Урааҥхай Саха оҕото буоллун диэн аат ааттаан, ууһаатын-тэнийдин, орто дойду олоҕун ииллээтин-саҕалаатын, көмүскээтин-харыстаатын диэн олох олохтообута эбитэ үһү диэн суруйар.
Бу саҥа айыллыбыт урааҥхай саха ай диэн тылын хайдах маҥнай саҥарбатын маннык быһаарар:
Ол алын кырыытыгар дьэ тыын ылан, ыырдаах-дьаардаах айаҕын аллаччы атан, айбытын үтүктэн:
...һаа...а...аа...ааа...
диэн аан маҥнайгы дорҕоонун таһааран, һалгыҥҥа һатарытан, һатала һуох үөрбүтэ үһү...
Итинтэн эрдийэн, иэйиитэ тиирэ тэбэн, өрө тыынан «һай» диэн һалгыны хамсатан баран:
...Ай...
диэн Аан Тылын амалыйдаҕа...
Ол кэннэ саппахтаах сатыы-маҥан халлааныгар хантайан, аҕыс сардаҥалаах аламай маҥан күнүгэр сөһүргэстээн туран:
...Айыы...
диэн Ытык Тылын ис-иһиттэн иэйэн, Ийэ Кутуттан иэнигийэн туран эттэҕэ – хантан хааннааҕын, кимтэн кииннээҕин Ийэ Өйүгэр хаһан да умнубат гына хам хатаатаҕа...
Дьэ онон, доҕотторуом, һаха киһитэ һанаата һайан, аан маҥнай һалгыны һатарытан һаҥа аллайыаҕыттан һаҕалаан хайдах курдук дириҥ далай ис хоһоонноох, олох төрдүн анаарар Төрүт Өйдөбүллэр Аал Луук Мас буолан үүнэн-чэчирээн, тыллан тахсыбыттарын өссө биирдэ һөҕө көрүөҕүҥ дуу:...һ...һа...һаа...а...аа...ааа...һай...Ай...Айыы...
...айыллыы...айылҕа...айылгы...аймах...айан...аҕа...
Бу Ытык Өйдөбүллэри (чугастыы, билэрдии) нууччалыы тылбаастаан баран, дуоһумсуйан олорон ааҕан көрөөрүҥ эрэ: дьэ төһө биир мас лабааларын курдук биир төрүттэн силигилээн, илим хотоҕоһун курдук ситимнэрэ быстыбакка өрө үүнэн тахсар эбиттэрий».
Бу тыллары ааптар эппитин курдук нууччалыы тылбаастаан көрдүм: Ай – твори, Айыы – божество, айыллыы – творение, айылҕа – природа, аймах – родственник, айан – путь, дорога. Кырдьык да нууччалыытыгар бэйэ-бэйэтин кытта ыкса сибээс көстүбэт курдук.
Аны маннык диэн бэлиэтиир: «Саха киһитэ туох баар улуутун, сүдүтүн бастаан сөҕөн, саҥа аллайар курдук –адорҕоонун уһатан, унаарытан доҕуһуоллуур дьикти уратылаах. Холобурга бэрт аҕыйаҕы ылан көрүөҕүҥ:
– Аар: Үрүҥ Аар Тойон, Аар айылҕа, аар баҕах, аар-саарга аатырыы, аар кырдьаҕас, аарыма, о.д.а. Саха улуутун, сүдүтүн, муҥура суох кыаҕын, киэҥин кэрэһэлиир ытык тыла.
– Аас: аас маҥан, аас баттах, аас-майах олох (тэллэх, олбох), о.д.а. бастакытынан, дириҥ ытыктабылы этэр тыл: аастыйбыт баттахтаах аар кырдьаҕас. Иккиһинэн, өҥү көрдөрөр тыл, ойуулуур тыл: күдэн, күдэрик толбонноох маҥан дьүһүнү (холобур, сылгы түүтүн өҥүн арааран этэллэрэ) хоһуйаллар.
– Аал: Аал Луук Мас, аал уот, аал – улахан оҥочо, көтөр аал о.д.а. Эмиэ улахан, улуу диэн өйдөбүлгэ туттар тылбыт.
– Аан: аан бастакы, Аан Дойду, Аан Ийэ Дойду, аан холорук, аан туман, аан күдэрик, аан тыл, Аан Уххан Тойон – аал уот иччитэ, Аан Дьааһын – саха саныырынан Аан Дайды бэрээдэгин тутан олорор Улуу Этиҥ таҥарата. Аан – дьиэ аана, ампаар аана, хотон аана, күрүө аана, хаспах аана, од.а – туох эмэ киирэрэ – тахсара, сылдьарга аналлаах айаҕа. Бастакыны, маҥнайгыны тоһоҕолуур тылбыт.
– Аат: үтүө аат, үрдүк аат, албан аат, аат-суол. Киһи аламай күн сырдыгын көрөөтүн кытта аан бастаан аат иҥэрэллэр. Киһи ааттаах буолан «мин» диэн ытык өйдөбүллээх. Ону ааһан хайа баҕарар иитиэх кыыллар, көтөрдөр, дьиэ сүөһүлэрэ, кыыллара аат иҥэрдэххэ бэркэ диэн ылыналлар уонна олохторугар эркээйи оҥостоллор – бу анал ааттарынан кинилэри кытта алтыһаҕын, өйдөһөҕүн».Кырдьык да,саха киһитэ маннык саҥарар эбит ээ диэн санааҕа кэлэбит.
Мандар Уус Ай диэн биир тылтан элбэх тыл төрөөн-үөскээн иһэрин, бэйэ-бэйэлэригэр ыкса сибээстээхтэрин бэлиэтээн суруйбут. Бу тыллар: Айыы, Айыллыы, Айылгы, Айылҕа, Аймах, Аҕа бары биир Ай диэн олохтон үөскээн тахсаллар.
Салгыы “Кэм-Кэрдии Эргиирэ” диэн аатаах баһыгар Мандар Уус Эргиир...Эргийии...Эрийии...Эриллии...Эргимтэ...Эрэдэһин...диэн тыллары биир кэнсиэпсийэ оҥорон көрдөрөр.Бу тыллар тугу бэлиэтииллэрин, быһаарыыларын «Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьытыгар» көрдүм:
Эргиир – аат. 1. Туох эмэ төгүрүмтэтэ; тугу эмэ эргийэн кэлии.Бу күөл эргиирэ ыраах. 2. Туох эмэ бэйэтин кубулуйбат эргимтэтин тохтообокко хатыланар курдук уларыйыы хамсааһына.Айылҕаҕа уу эргиирэ. Холкуос үллэһиллибэт сүрүн уонна эргииргэ сылдьар фоннарыүөскэтэр уонна былааннаахтык туһанар.
Эргийии – аат т. 1. Тула кулахачый, тула холоруктаа. Массыына көлөһөтө эргийэр. Арай кылаас иһигэр кыргыттар үҥкүүлээн эргийэ сылдьаллара. С.О.2. Тугу эмэ тула кый.Күөлү эргийэн кэл.Тиит баһын эргийэ хаамтым. 3. Ханна эмэ баран төннөн кэл. Куораттан икки хонугунан эргийиэм.4. Туохха эмэ хайа эмэ өттүгүнэн буол. Утары эргий. Эргийэн ойоҕоһунан буолла. 5. Тохтуу сылдьан баран эмиэ саҥалыы буол, уруккугар төнүн. Сэрии буттэ, Тиһэх тэргэн ньим барда. Сир үрдүгэр Эйэ кэмэ эргийдэ.К.Уу. 6.(кэпс.) өлбүт киһи уҥуоҕун тут. Аҕам уҥуоҕун эргийдим.
Эрийии–аат т. 1. Тугу эмэ, биир уһугун хамсаппакка, нөҥүө уһугуттан наар биир өттүгэр эргитэ тутан мускуй. Быаны эрий. Талаҕы эрийэн көпсөлөө. Таҥаһы уутун ыгаргар наһаа эрийимэ.2. Тугу эмэ эргитэн туохха эмэ киллэр, олорт. Аан тутааҕын биинтэтин эрий. Гайканы суруугар ыга эрий.3. Тугу эмэ эргитэн улэлэт. Сэппэрээтэри эрий. Төлөпүөнү эрий.4. Тугу эмэ туохха эмэ тула эргитэ сөрөө. Сабы маска эрий. Ат буоһатын илиигэр эрийэн тут. 5. Киһини туох эмэ туһугар хоруйдатан, арахпакка олуй – моһуй. Балыыһаттан тахсыбыт Кирилл Чокуурабы ыар буруйдааһын салгыы эрийэн барар.
Эриллии- туохха эмэ
Эргимтэ-
Эрэдэһин – аат. 1. Туох эмэ тас өттүнэн тугунан эмэ ыга эриллибитэ, эриллибит кэлгиэтэ. Дьоҕуур хамса эрэдэһинэ. 2. Даҕ. суолталаах. Эриллибитэбэтэр эриллэр оҥоһуулаах.Эрэдэһин тимир. Эрэдэһин күлүүс.
Манан көрдөххө тыллар бары биир эргийии диэн уопсай өйдөбүлү бэлиэтиир эбиттэр. Мандар Уус бу баһыгар туох барыта эргиирдээх диэн суруйар.Холобур: «Ый Эргиирэ, Күн Эргиирэ, Сир Эргиирэ, Сулус Эргиирэ, Куйаар Эргиирэ, Кэм-Кэрдии Эргиирэ, Олох Эргиирэ, Уйэ Эргиирэ, Сыл-хонук Эргиирэ, Кун-дьыл Эргиирэ, Өй-санаа Эргиирэ, Тыл-Өс Эргиирэ, Сайдыы Эргиирэ, Айылҕа Эргиирэ, Уу-хаар Эргиирэ, Тыал-куус Эргиирэ, Силлиэ-Холорук Эргиирэ (эрийиитэ, эргитиитэ), Ытык Эргиирэ, Суоруна Эргиирэ, Көлөһө Эргиирэ, Хаан Эргиирэ, ДНК Эрэдэһинэ (Эргиирэ), Молекула Эргиирэ, Атом Эргиирэ...»
Мандар Уус Эргиир диэн тылы маннык быһаарар: «Эргиир...Эт мэйиибит эргийиэр дылы, үллэр үйэбит да тухары эргийиэх – бүтэр муҥур уһугун букатын булларыа суоҕа... Бу да иһин Ытык Өбүгэбит олоҕун хаһан да бүппэт, муҥура суох дириҥ өйдөбүллэрин барытын Эргиир диэн төрүт тылынан тоһоҕолоон Ийэ Өйүгэр хаһан да хамсаабат гына хам хатаатаҕа».
Бу үгүс араас эргиирдэртэн Мандар Уус Кэм-Кэрдии эргиирин туспа ылан көрөр. Кини маннык суруйар: «Кэм диэн бүтэр уһуга суох Улуу Эргиир эҥсиллэн, Олох алын баһа хоҥуннаҕа диэн буолар...»
«Саха саныырынан аллараа дойдуга, орто дойдуга, үөһээ дойдуга баар барыта:
...Кэмнээх-Кэрдиилээх...
...Кээмэйдээх...
...Кэрчиктээх...
...Кэриҥнээх...
...Киэлилээх...
...Киэҥнээх...
...Кэтиттээх...
...Кирбиилээх...
...Кэрээннээх...» диэн суруйар.
Мандар Уус бу өйдөбүллэри тоҕо маннык кирилиэс курдук быһыылаах туруортаабыта олус интэриэһинэй. Биир өттүнэн кини бу тылларынан сир үрдүгэр баар барыта хаһан эрэ, ханна эрэ тиийэн бүтэр кэмнээх, туох барыта «кэрээнэ суох, сиэрэ суох бас-баттах, бэйдиэ барыа, үрдэ суох үөскүө суохтаах» диэн этэр, быһаарар. Эбэтэр маннык суруйара бу Кэм-Кэрдии Эргиирэ бутэр уһуга суоҕун бэлиэтиир буолуон сөп. Бу кини суруйар уратыта буолар. Мээнэ ылбычча сытыары суруйан барбыта буоллар киһи хараҕар быраҕыллыа да, болҕойуллуо да суох этэ. Бу кини дьоҥҥо дьайар, санаатын тириэрдэр суруйар ньымата буолуон сөп.
«Удьуор төрдө, Удьуор Тардыыта»диэн баһыгар маннык суруйар: «Өбүгэбит барахсан Удьуор төрдө, Удьуор Тардыыта диэн сүдү өйдөбүллэр тустарынан билиитин-көрүүтүн дириҥэ, сиһилиитэ биһигини, билиҥҥи дьону, сөхтөрөр даҕаны, соһутар даҕаны».
Уонна маннык холобуру аҕалар:
...Уу...
...Уус...
...Ууһаа...
...Удьуор...
...Утум...
...Уруу...
«Тоҕо бу дириҥ өйдөбүллэр бары «Уу» диэн убаҕас дорҕоонтон устан таҕыстылар? Тоҕо диэтэххэ, Олох диэн Улуу күүс Ууга үөскээн баран, хонууга, салгыҥҥа тахсан, сайа оҕустаран салгыы сайдан бардаҕа... Дьэ уонна: уу-хаар һаҥалаах, устар ууну сомоҕолуур уус-уран тыллаах, уһун санаалаах, улаҕалаах өйдөөх, устата муруннаах урааҥхай оҕото уу-һаха аатыран айыллыбатахпыт дуо?! » диэн суруйар.
Мандар Уус учугэйдик өйдөнөр гына бу тыллары биирдиилээн быһааран суруйар:
- Ууһааһын: уу, уус, төрүт-уус, төрүт-уус дьон, төрөө-ууһаа, тэний-ууһаа, ийэ ууһа, аҕа ууһа, биис ууһа...
- Удьуордааһын: удьуор, удьуор төрдө, удьуор тардыыта, удьуор-хаан, удьуор харылы, удьуор дьон, кэлбит удьуор, кэлбит удьуор оҕото, удьуор кэхтиитэ, удьуор эстиитэ, удьуор быстыыта. (Оо, арах, арах!!)...
- Утумнааһын: утум, утум-ситим, утумнаабыт, утум кэһиллиитэ, утум быстыыта...
- Уруурҕаһыы: уруу, уруурҕааһын, уруурҕаһыы, уруу ситимэ, уруу-хаан, уруу-тамайар, уруу-аймах...
- Хаан: хаан-аймах, хаан-уруу, хаан тардыыта, хаан-тамайыы, уруу-хаан тамайыы...
- Аймах: аймахтыы, аймахтаһыы, аймах-хаан, киһи-аймах...
- Сыдьаан: уруу-сыдьаан, тымыр-сыдьаан, хаан-сыдьаан...
Бу холобурдары ааҕан, ырытан көрдөххө, бары ыкса сибээстээхтэр, бэйэ бэйэлэригэр суолталарынан чугастар эбит. Үчүгэйдик өйдөөн көрдөххө, үксүлэригэр «хаан» диэн тыл элбэхтик ситимнэһэр эбит. Холобур: удьуор-хаан, уруу-хаан, хаан-аймах, аймах-хаан, хаан-сыдьаан.
Бу баһын түмүгэр маннык диэн суруйар: «Удьуор Төрдө Олоҕу түстүүр улуу күүһэ уһун Кэмнэргэ уурастыбатар ханнык!
Дом!»
Онон Мандар Уус Удьуор Төрдө Удьуор Тардыыта диэн өйдөбүллэр кини олоҕор улахан суолтатын көрдөрбүт. Хас биирдии киһи олоҕор сүҥкэн суолталаах буолар диэн бэлиэтээн этэр эбит.
Ийэ Сиргэ им-ньим...диэн баһыгар маннык суруйар: «Өрүсүһүү диэн өлүү күүһэ өрө күүгэннирэн туруо: былдьасыһыы-тарасыһыы, тырыта-хайыта тыытыһыы, ыыс-бурут тылынан ыыстаһыы, кэрээнэ суох сиэһии-асаһыы...»
...өйдөспөт буолуу...
...өһүргэнсии...
...өсөһүү...
...өстөһүү...
...өһөхтөһүү...
...өргөстөһүү...
...өлөрсүү...
...өһөрсүү...
Бу холобурга тыллар бары « ө » дорҕоонтон суруллубуттар. Бу кэрчик уксэ «ө» уонна «ү» дорҕоон дьүөрэлэһиититтэн турар. Тыллар өйдөбүллэрэ барыта куһаҕан суолталаахтар. Өһүргэнсииттэн өсөһүүгэ, өсөһүүттэн өстөһүүгэ, өстөһүүттэн өһөхтөһүүгэ, өһөхтөһүүттэн өргөстөһүүгэ, өргөстөһүүттэн өлөрсүүгэ, өлөрсүүттэн олох да өһөрсүүгэ тииийиэххэ сөп диэн ситимнээн суруйбут. Кырдьык да, санаан көрдөххө олоххо маннык ситиминэн барбыт түбэлтэ үгүс курдук.
Көрбүппүт курдук, Мандар Уус биир дорҕоонтон саҕаланар тыллары ылан, суолталарынан наардаан, тыллары биир кэнсиэпсийэ оҥорор эбит. Дьиҥинэн тус-туһунан өйдөбүллээх тыллары ааптар биирэ биириттэн ситимнэнэр гына сатабыллаахтык сааһылаабыт. Бу маннык ситимнэспит тыллар олус дириҥ, киэҥ өйдөбүлү биэрэллэр. Дорҕоонунан салайтарар кэнсиэпсиэйэ Мандар Уус биир ураты айар ньымата буолар диэн түмүккэ кэлэбит.