Тыаһы үтүктэр тыллар
Тулалыыр эйгэҕэ үөскүүр тыаһы-ууһу уонна араас харамай саҥатын-иҥэтин бэлиэтиир тылы тыаһы үтүктэр тыл дэнэр.
Тыас уонна саҥа биһиги тулабытыгар үөскүүр, кулгаах истэр-билэр көстүүтэ буолар. Чопчу тыас кулгаахха дьайыытыттан үөскүүр көстүүнү биһиги айахпытынан үтүктэн тыл оҥорон таһаарабыт. [морф.125 c.]
Л.Н.Харитонов маннык быһаарар: «Звукоподражание представляет собой условное приблизительное обозначение средствами языка звуков окружающей среды. Такими являются, например, звуковые комплексы (тыаһы үтүктэр тыллар) типа: бөө или мөө – приглушенный угрожающий рев быка, даах – крик вороны, ньир – звук отдаленного грома, сильного сотрясающего удара, түҥ – звук выстрела, хаах – крик ворона, звук харканья».[366 c.]
Тыаһы араас дьон кулгааҕа тус-туһунан истэр эрээри омук дьоно саҥа дорҕоонун үөскэтэр үөрүйэхтэрэ хаарчахтаан үгүс тыаһы, саҥаны биирдик бэлиэтиир буолбуттар. Холобур, саха киһитин кулгааҕар ыт «ар», ыт оҕото «ньаҥ», ынах «маа, муу», тарбыйах «мээ», оҕус «бөө, моо», чыычаах «чыып, чаап», кэҕэ «кук-куук», тураах «даах»,туруйа «туруу-рук», кус «маат, мээт», күөрэгэй «дьири-дьир, дьыры-дьыр»курдук саҥараллар. Омук дьоно бу харамайдар саҥаларын атыннык ылыналлар, онон туспатык бэлиэтииллэр. Холобур, нуучча дьонугар ыт «гав», кус «кря-кря», тураах «кар» диэн саҥарар.
Тыас салгын хамсааһыныттан үөскүүр. Онон тыас барамай ханныгыттан (улаханыттан, ыйааһыныттан, кытаанаҕыттан, сымнаҕаһыттан, убаҕаһыттан, бытархайыттан, кэтититтэн, хаптаҕайыттан, о.д.а. кэриҥиттэн) тутулуктанан уонна ханнык барамайы кытта хайдах дьайсарыттан тутулуктанан араас буолар. Холобур, эстэр, дэлби барар тыас ырааҕыттан, чугаһыттан араастаан түҥ, лүҥ, дар, дор, ньир, пас, пос, о.д.а. иһиллэр. Тимир эттиктэр лыҥ, лоҥ, лүҥ, чаҥ, чоҥ, чуҥ, о.д.а. тыастаахтар. Убаҕастар чар, чол, чолк, чур, чыр, о.д.а тыаһы үөскэтэллэр. Кураанах бытархай эттик кур, күр, кыр, сыр, сур, о.д.а. тыастаахтар. Сымнаҕас, инчэҕэй, баллаҕар эттиктэр ньал, ньалк, о.д.а. тыаһыыллар.
Айылҕаҕа барамай, харамай, эттик элбэх. Үөскэтэр тыаһа эмиэ үгүс. Ол эрээри тыаһы үтүктэр олох тыл саха тылыгар оннук элбэх буолбатах. Л.Н.Харитонов аахпытынан, 200-тэн тахса олох баар эбит. Ол оннугар икки уонна үс сүһүөхтээх олоҕу үөскэтэр өлүүскэ элбэҕин бэлиэтиир. Ол курдук тыаһы үтүктэр тыл тутулунан биир, икки уонна үс сүһүөхтээх олох буолуон сөп. Холобур, тас, лис, бар; лиһир, лоһур, чолур, битигир, тилигир, күһүгүр, о.д.а.
Тыл үөрэхтээхтэрэ дорҕоон бары омуктарга биирдик өйдөнөр ыарахан, кытаанах, суостаах, истиҥ, уйаҕас тыаһы бэлиэтиирин сэргэ чопчу омук дьоно эрэ биирдик өйдүүр дорҕоонноох буолалларын бэлиэтииллэр. Л.Н.Харитонов саха тылын тыаһы үтүктэр тыллара эмиэ бэйэлэрэ ураты уобарастаахтарын бэлиэтээбитэ. Киэҥ аһаҕас дорҕооннор киэҥ, сатархай, оттон кыараҕас аһаҕастар кыараҕас хабархай тыаһы үөскэтэллэр диир. Тэҥнээ: тас – тыс , лэс – лис, дар – дыр, сар – сыр, хап – күп, лаҥ – лүҥ, лас – лыс, бар – быр, хаах – куук, о.д.а.
Тыас уонна саҥа үөскээһинигэр быһаарар оруолу бүтэй дорҕоон ылар. Тыл иннигэр уонна кэннигэр турар, бүтэйдэр тыас саҕаланыытын уонна бүтүүтүн араас кээмэйин, хаачыстыбатын үөскэтэллэр. Ньиргиэрдээхтэр – ньиргиэрдээх (бар, дар, даах), дьиэрийэрдэр – дьиэрийэр (лаҥ, лоҥ, лыҥ), ньиргиэрэ суох төлөркөй тыастаахтар – быстаҕас тыаһы (тап, топ, тип), быыһылыыр тыастаахтар – сирилиир тыаһы үөскэтэллэр (тыс, суус, сыс).
Өссө О.Н.Бетлингк кэлиҥҥи аһаҕастар – ыарахан, илин аһаҕастар – чэпчэки тыаһы үөскэтэллэр диэн бэлиэтээбитэ. Тыл уһун кэмнээх сайдыытын түмэр дорҕоон, бу тыаһы уонна саҥаны үөскэтэр тылларга эрэ буолбакка, бүттүүн саха омугун бары тылын баайыгар киһи уйулҕатыгар күүскэ дьайар систиэмэни үөскэппит. Уран тыллаахтар, хомоҕой хоһоонноохтор, ыпсаҕай ырыалаахтар ону сатаан туһанан дьон кутун туталлар.
Билиҥҥи саха тылыгар тыаһы үтүктэр тыл төрүт көрүҥүнэн барамайы да, бэлиэни да көрдөрбөт. Кини тылга туттуллар туһуттан, сыһыарыы, аттарыы, ханыылааһын уонна хатылааһын ньымаларынан саҥа тылы үөскэтэн, даҕааһын, сыһыат уонна туохтуур буола кубулуйар. Холобур. Хонуу ото хонон туран хоп-сип хобугунаста, сип-сап сибигинэстэ (К) – сыһыат. Сотору буолаат тыа иһигэр ар-бурсаҥа оргуйа түстэ. – даҕааһын. Икки күнү быһа ардах түһэн курулатта (АА) – туохтуур.Онон тыаһы үтүктэр тыл бэйэтэ туспа саҥа чааһын быһыытынан ис хоһооно да, тылга оруола да суох. Тыаһы үтүктэр тыл сүнньүнэн туохтууру үөскэтэр олох буолар.
Тылга көтөр-сүүрэр уонна үөн-көйүүр үксүгэр биир-икки эрэ араас саҥалаах курдук бэлиэтэнэр. Ол курдук тураах «даах», чыычаах «чыып»,ыт «ар», «аҥ» диир. Ити киһи кулгааҕа тыас уонна саҥа дорҕоонун бэйэтин мээрэйинэн кэмниириттэн тахсар. Дьиҥэр, дорҕоон өссө атын бэлиэлэрдээх, кээмэйдээх. Ону киһи кулгааҕа ылбат. Киһи атын омук дьонун тылын маҥнай эмиэ кус-хаас саҥатын курдук ылынар. Онон тыаһы, саҥаны үтүктүү үөрүйэҕэ тыл баайа эрэ буолбакка, омук ураты дьоҕурун көстүүтэ буолар.[4. 125с].