Хоһуласпыт тылы туттуута

Саха тылын биир саамай эриэккэс кэрэ этигэн ньымата тыл бүтүннүүтэ эбэтэр тыл олоҕо хоһулаһара буолар. Хоһуласпыт тыл Мандар Ууска элбэхтик көстөр. Саха тылыгар тылы хоһулаан туттуу баарын аан маҥнай О.Н.Бетлингк бэлиэтээбитэ. Онтон тыл олоҕо хатыланыытын Е.И.Убрятова чинчийбитэ, хоһуласпыт тыл суолтатын, этиигэ хайдах туттулларын ырыппыта.

Хоһуласпыт тыл дэгэт суолтата олус киэҥ: предмет бэлиэтэ улаханын-кыратын, толорутун-быһаҕаһын көрдөрөр, бэлиэни күүһүрдэр-сымнатар, хайааһын араас тэтимин биэрэр, иэйии эгэлгэ дэгэтин арыйар кыахтаах.

Cаха тылыгар саҥа чааһа барыта хоһулаһыан сөп. Хоһуласпыт тыл формата эмиэ араас буолар. Тыл бүтүннүү эбэтэр олоҕо эрэ хоһулаһан, дорҕооно, грамматическай формата араастык уларыйан, саха тылыгар эҥин дьикти элбэх халыып үөскүүр. [7. 25c ].

Мандар Уус хоһуласпыт тылы туттуутун 6 бөлөххө наардаатым:

1. Тыл уларыйыыта суох хоһулаһар.

Аат тыллар: Ол иһин омук-омук барыта бэрт түргэнник билсиһэ, өйдөһө, чугаса охсон...Былыр да, быйыл да саха омук сир-сир аайы уос номоҕор сылдьар, сэһэҥҥэ кэпсэнэр сүдү күүстээх бөҕөлөрдөөх... Онон омук – омук тыынар айылҕабыт, айылгыбыт, салгыны күөртээн дорҕоон таһаарар кыахпыт...Алаас-алаас аайы айаатаан лаҥкынатара үһү...Тоҕой-тоҕой аайы кистээн дьаралытара үһү...

Туохтуур: Тэтиммит түргэтээтэ-түргэтээтэ диэн түөспүтүн охсунабыт да...

Сыһыат туохтуур: Кэм-Кэрдии усталаах-туоратыгар чочуйан-чочуйан, дьэ, ситэрэн-хоторон... Муҥура суох бытархайдары мунньан, Кэмнэриттэн таһаарар албаһы айаммыт, Сир Ийэ барахсаны, хаста эмэ уончата уҥара-уҥара тилиннэрэн баран...Тус бэйэлэрин сүнньүлэригэр эргийэ-эргийэ уонна кыра улаханы тула эргийэн, кинилэргэ анаммыт Кэм кэрдиитэ туолуор дылы олох олороллор. «Тиҥ гына тэбиэлиир, ньир гына охсуолуур» тыаһа сир аннынан ньиргийэрин истэ-истэ бэйэбит эппит салаһар буоллаҕа...Өрө тыынан ыла-ыла...Өрүсүһэ-өрүсүһэ үрдэ суох үөскээн... Оттон билэ-билэ соруйан оҥордохпутуна... Киһи-аймах үксээн салгыы сайдан, бөлөхтөһө-бөлөхтөһө тастан саба түһүүлэртэн көмүскэнэргэ анаан араас бөҕөргөтүнүүлэри, түмсэ-түмсэ сүүнэ куораттары туттан бардылар. Ити-бу Ыган-ыган төрөтөр курдук эрэйдэнэн таһаарбыт... Омук дэһэ-дэһэ иирсээн-илбис эҥэрдэммэккэ, эйэ-дэмнээхтик олоруҥ... Оһох кыымын булкуйан, хасыһан – хасыһан, кыракый кыымнаах чоҕу булан... быччыҥын көрүнэ-көрүнэ быыппастар... Уһун күнү быһа билииктээн үөрэтэн-үөрэтэн баран... Санаабыт ситимин быһа-быһа үлэлээн муҥнанабыт... Хас эмэ тыһыынчанан сылларга кылахтаһан-кылахтаһан... Түүннэри-күннэри ааҕан-ааҕан... (Кэлэн-кэлэн)...суруйан-суруйан... Аны ол бэйэлээх «умналаан-умналаан» мунньуммут... Уон-сүүрбэ сыл үөрэнэн-үөрэнэн бараммыт... Тимир эллэнэн-эллэнэн тимир буолар...Уол оҕо эриллэн-эриллэн эр киһи буолар.Мөккүһэн-мөккүһэн Кырдьык диэн... Дьэ, ол аннын сэрэнэн-сэрэнэн сэгэтэн көрдөххө!..Сүүрэн иһэр киһи аҕылыы-аҕылыы кэпсэтэ сатыырын курдук.Өтөр кэминэн хары харбаһар хабааннааҕын харахтаары халлаан диэки көрө-көрө хабырынар идэлэниэ... Тыын быһаҕаһынан тыына-тыына...

Ахсаан аат: Үөрэх этэринэн икки-икки аҥаар мөлүйүөн сыллардааҕыта бадахтаах. Алҕас истибэтэх буоллахпына, үс-үс аҥаар мөлүйүөн сыллардааҕыта дьон олоро сылдьыбыт олохторун – тоҕута сынньыбыт таастарын үлтүркэйин булбуттар диэн сурах-садьык аан дайдыны атыйахтаах уу курдук аймаан эрэр. Кумааҕыга оҕуруо курдук биир-биир тиһиллэн... Икки-икки аҥаар мөлүйүөн сыллардааҕыта дьон олоро сылдьыбыт таастарын үлтүркэйин буолбуттар...Дьоммун-сэргэбин биирдии-биирдии бу баар курдук харахпар оҥорон көрөөччүбүн...

Сыһыат:сотору-сотору улуу сэрии уота өрө туран...Сотору-сотору көҥүлгэ тахсан көччүйээри...Өтөр-өтөр өрө тыынан... Аар Айылҕабыт Айар Күүһүн төрүөт төрдүгэр уон тарбахпытын уган, олуонатык орооһон эрэрбит кэлин туохха-туохха тиэрдэр...Нуучча судаарытыбата сотору-сотору ситимин быһан кэбиһэр...

Даҕааһын:Ону баара, дьэ саҥа уҥуохпут кытаатан, силгэбит ситэн иһэн, эдэр-эдэр курдук, уоламчыбытыгар тэптэрэн, бачча тухары этэҥҥэ турар күрүөбүтүн ыһан, күрүөһүлээри сор-хаан бөҕө буолан эрдэхпит... Өбүгэбит барахсан сыыйа-баайа кэрэкэ-кэрэкэ тылларын кэккэлэтэн кэпсээн...Күөгэйэр күнүгэр эдэр-эдэр курдук эрчимнээх. Дьоҕурбут ньымабыт аҥы – аҥы буоллаҕа.Уран-уран тылларын уурталаан...Нарын-нарын тылларын наардаан...Билиини-көрүүнү быстах-быстах өйдөбүллэри хомуйан...Хас биирдии киһиэхэ син кыра-кыра дьиктилэр бааллар.Онно эбии хат-хат устан... Сүүһүнэн эскиһи хос-хос быраҕан «ыт өлүүтүн көрөллөр».

Сыанабыл эбиискэ:Өтөр буола-буола..

Өбүгэбит барахсан хайа-хайа сир-дойду хонноҕор-быттыгар хорҕойон үөскээн.

Саҥа аллайыы: Оо, арах-арах!

Солбуйар аат:Улуу Олоҥхотун хаһан-хаһан аан бастаан олоҥхолоон онолуйбутун аны кэлэн ким чопчу быһаарыа буоллаҕай...Тугу-тугу санаан эрэрэ буолла...Туох-туохдиэбитэ дьэҥкэ баҕайытык иһиллэн кэлээччи.Сир Ийэбит төһөтө-төһөтө уунан халыйан бычалыйа сытарын...Хаһыс-хаһыс Улуу мууһуруу Эбитэ буолла?...

Ойуулуур-дьүһүннүүр тыл: Оҕо даллаҥныы-даллаҥныы, саҥа тылланан, мип-минньигэстик «омуктуу саҥаран» чыып-чаап диэн эрдэҕинэ...

Тыаһы үтүктэр тыл: Бу маннык түгэни харахпытыгар ойуулаан көрүөҕүҥ эрэ: икки кыракый үрүйэчээннэр үөрэ-көтө чырылыы-чырылыы сырсан түһэн иһэллэр.

2. Хоһуласпыт тыл бастакы компоненын аһаҕас дорҕооно уһуур.

Өөр-өр сайыһа одуулуу олордоҕо...(даҕааһын)

Дьэ, холобур, быдан, быданнааҕыта, быдан дьылларга, былыыр-былыр, өрдөөҕүтэ, өтөр, өтөрдөөҕүтэ, былырыын, иллэрээ сыл, үнүр...

3. Хоһуласпыт тыл бастакы компонена уларыйар.

Даҕааһын аат: Хааммытыгар баар сырдыктан-сырдык, ыраастан-ыраас, сылаастан-сылаас , олохпутун сүрүннүүр сүдү күүстээх сүүрээммит буолар. Саҥаттан-саҥа омуктар... Кэрэттэн-кэрэ тылларын... Төрүт Тылтан – Ийэ Тыл диэн сүдүттэн сүдү күүстэри...

Аат тыл: Киһилии киһи...

Сыһыат туохтуур: Тоҥмут илиитинэн сэрэниин-сэрэнэн ылан...

Хойутун-хойут...

4. Хоһуласпыт тыл иккис компонена уларыйар.

1) …күөн-күөҥҥэ көрсөн...

2) ...үтүө-үтүөнэн...

3) ...мөкү-мөкүнэн...

4) ...уус-уустан...

5) ...ойуун-ойуунтан...

6) ...олоҥхоһут-олоҥхоһуттан уһуллан салгыы сайдаллара...

7) ...киһи киһитэ...

8) ...былыр-былыргыттан билиҥҥээҥҥэ дылы...

9) Тыыннаах хаалар баҕаттан – тыын-тыыҥҥа харбас Кэмэ кэлэн, орто дойду уйгутуттан урут уоба, ордук хаба охсор уҕарыйбат баҕалаах Обот-Мэнэгэй баһылыктыа...

4. Хоһуласпыт тыл икки компонена иккиэн уларыйаллар.

Холобур:

1) ...тылыттан-тылыгар түһэрэн толорор буолара...

2) ...тыынтан-тыыҥҥа...

3) ...үйэттэн-үйэлэргэ үөскүү, үүнэ-сайда, тэнийэ туруоҕа...

4) Хатыҥтан хатыҥ, хахыйахтан хахыйах, ньургуһунтан ньургуһун, лыахтан лыах, куобахтан куобах, бөрөттөн бөрө, көҕөнтөн көҕөн, хотойтон хотой, балыктан балык, киһиттэн киһи.

5. Тыл буолар-буолбат формата хоһулаһар: Дьэ, бу дьэ бу, туох да туолката суоҕу тобулан көрбөккө толкуйга ылларан бу тоҥхоһон олордохпутун көрөллөр-көрбөттөөр!

СР П.А.Ойуунускай аатынан Госудраственнай бириэмийэтин лауреата Б.Ф.Неустроев – Мандар Уус саха тылын биир эриэккэс этигэн ньыматын тыл хоһулаһыытын «Ойуу тыла. Айыы тыла» кинигэтигэр хото туттубут. Ааптар ыл араастаан хоһулаһар көрүҥүн барытын кэриэтэ туттубут.

Наши рекомендации