Этиини биир уустаах чилиэннэринэн тэнитии.

Биир уустаах чилиэн этиигэ биир синтаксическай оруоллаах, биир тылга сыһыаннаһар, биир ыйытыыга хоруйдуур, этиллэр санааны чуолкайдаан биэрэр.Этии биир уустаах чилиэннэрэ этиини төһө баҕарар тэнитэр кыахтаахтар.

Мандар Уус этиитин тэнитэр иккис ньыматынан этии биир уустаах чилиэннэрин туттара буолар. Маннык тэнийбит этиини Мандар Уус холобурдарыгар көрүөҕүҥ:

Дьэ, субу Кэмтэн ылата үгүс Үтүмэн Дьыллар усталаах-туораларыгар Удьуор Хааҥҥынан айаннаан кэлбит, күн бүгүн Эйиэхэ – тус бэйэҕэр эрэ анаммыт Ийэ Тылын кэрэтэ, итиитэ, истиҥэ, иһирэҕэ, имигэһэ, ибирэ-сибирэ, илбиһэ, чиҥэ, дьиҥэ, күүһэ-күдэҕэ, аба-хомуһуна, дириҥэ, ньиргиэрэ, ылбаҕайа, ырааһа хас үүдэһиҥҥинэн, утаһыҥҥынан, имҥинэн, тымыргынан-сыдьааҥҥынан эккэр-хааҥҥар тарҕанан, өйгөр-санааҕар сөҥөн, кукар-сүргэр олохсуйан, Ийэ Тылга Улуу Таптал сөҕүрээбэт кутаатын күөдьүтэн күүдэпчилэтэн таһаардаҕа! [33 c.]

Этии уопсайа 56 тылтан турар. Онтон 25 тыла этии биир уустаах чилиэнэ. Бу этии аҥаарын кэриҥэ этии биир уустаах чилиэннэриттэн турар эбит. Ол эбэтэр бу этиигэ биир уустаах чилиэн баһыйар оруоллаах. Бу этиигэ биир уустаах быһаарыы предмети биир өттүттэн сырдатар, сурукка соппутуойунан араарыллыбыт:

«Ийэ тылынкэрэтэ, итиитэ, истиҥэ, иһирэҕэ, имигэһэ, ибирэ-сибирэ, илбиһэ, чиҥэ, дьиҥэ, күүһэ-күдэҕэ, аба-хомуһуна, дириҥэ, ньиргиэрэ, ылбаҕайа, ырааһа...»

Манна сыһыаннаһар тутаах чилиэнэ туһаан. Мандар Уус этии биир уустаах чилиэннэринэн Ийэ Тыл туох баар хаачыстыбатын, бэлиэтин барытын толору биэрбит. Салгыы биир уустаах сиһилиини көрөбүт:

«Ийэ Тылыҥ хас үүдэһиҥҥинэн, утаһыҥҥынан, имҥинэн, тымыргынан-сыдьааҥҥынан эккэр-хааҥҥар тарҕанан, өйгөр-санааҕар сөҥөн, куккар-сүргэр олохсуйан,Ийэ Тылга Улуу Таптал сөҕүрээбэт кутаатын күөдьүтэн күүдэпчилэтэн таһаардаҕа!».

Биир уустаах сиһилии сыһыаннаһар тутаах чилиэнэ кэпсиирэ буолар. Бу кэрчиккэИйэ Тыл киһиэхэ хайдах дьайан, өтөн киирэн тапталы үөскэтэрин Мандар Уус этии биир уустаах чилиэннэрин көмөтүнэн тиэрдибит. Бу холобуртан көрдөххө, этии биир уустаах чилиэнэ этиини тэнитэр эрэ буолбакка, этии ис хоһоонун дириҥэтэр, байытар кыахтаах эбит. Онон Мандар Уус этэр санаатын дьоҥҥо толору тиэрдээри этиитин биир уустаах чилиэннэринэн тэниппит.

Кэккэлэтэн уонна төхтөрүйэн этиини туттуута

Борис Федорович этиилэригэр олоҥхо сабыдыала көстөр диэтибит. Ол курдук Мандар Уус кэккэлэтиини уонна төхтөрүйэн этиини эмиэ үгүстүк туттубут. Бу ньыма үксүн олоҥхоҕо көстөр.

Олоҥхоһуттар уран-дьайаан айымньыларын ис хоһоонун истээччилэригэр ситэри-хотору тириэрдээри, эстетическэй дуоһуйууну бэлэхтээри, тыллары дорҕоонунан дьүөрэлээн ситимнииргэ, тыллары хоһулаан, хатылаан, ханыылаан туттарга үөрэммиттэрэ, төхтөрүйэн этии, кэккэлэтии курдук этигэн ньымалары айан, саныыр санааларын чиҥэтэн-дьиппинитэн этэр үтүө үгэстэммиттэрэ. [Торотоев Г.Г. Ийэ тылбыт эрчимэ эстибэтин: айымньыны уонна истиили ырытыы: Үөрэнэргэ көмө. – Дьокуускай: Саха государственнай университетын издательствота, 2009. – 128с.]

Кэккэлэтэн этии

Кэккэлэтэн этии – диэн атын-атын суолталаах этиилэри кэккэлэтии ааттанар. Мандар Уус кинигэтиттэн маннык холобурдары көрүөҕүҥ:

1. Тоҕус хартыгастаах добун – маҥан Халлаан туругуруон туура иннинэ, аҕыс сардаҥалаах аламай маҥан Күн алаарыйа тыгыа ыыра иннинэ, сэттэ киспэлээх Сир Ийэ Хотун сириэдийэ экчи иннинэ, иэгэйэр икки атахтаах ириҥэ мэйиитинэн сабаҕалаан да диэн санаата эргиллэн кэлбэт.

2. Үрүҥ Айыы Тойон айбытын курдук, Улуу Суорун Тойон дьайбытын курдук, Аан Дьааһын Тойон дьаһайбытын курдук, Чыҥыс Хаан ыйбытын курдук, Одун Хаан онорбутун курдук. Синонимнаһыы көстөр: айбытын – оҥорбутун, дьаһайбытын – ыйбытын.

3. Охсууларын уҕарытар, тэбиилэрин тэҥилиир, өргөстөрүн мүлүрүтэр, өстөрүн намыратар...

4. Баттаатахха маталдьыйбат, үктээтэххэ өҕуллубэт, кэбиэлээтэххэ кэбэлдьийбэт.

5. Аҕыс киспэлээх, тоҕус тулааһыннаах.

6. Имириир тыыннарын, ибирдиир сэбирдэҕин.

7. Кимтэн кииннэхпитин, хантан хааннаахпытын.

8. Өһүллүбэт үрдээһиннэрэ, тулхадыйбат тулааһыннара.

9. Саһа сылдьан самнарар саҥнаах, үөмэ сылдьан өлөрөр үгэстээх, тууйан тумнарар «толкуйдаах».

10. Хастаабыт тиит курдук харыланан, сууллаабыт тиит курдук сотолонон, үс былас өрбөгөр өттүктэнэн, биэс былас биэкэгэр бииллэнэн, сиһин этэ ситэн, буутун этэ буһан, холун этэ хойдон, өтөр кэминэн хары харбаһар хабааннааҕын харахтаары халлаан диэки көрө – көрө хабырынар идэлэниэ, тэҥҥэ тэбиэлэнэр тэҥнээҕин көрдөөн тэгил дойдулар диэки көрө – көрө тэһийбэт идэлэниэ…

11. Анардастыы айбардаан, кэлтэйдии киэбирэн…

12. Эт мэйиибитинэн АЙАН – Уон тарбахпытынан Дьайан олордохпут!

13. Чыҥыс Хаан Ыйааҕын чиҥэтистин, Одун Хаан Оҥоһуутун олохтостун диэн булгуччулаах сорудахтаан, Олох Эҥсиллэр Эргиирин садырымыгар үйэ-саас тухары алтан сэргэтин анньан, аар баҕаҕын туругурдан, алаһа дьиэтин тэрийэн, аал уотун оттон олох олохтоотохпут буолуохтун!

14. Киирбэт күннээх, кэрээбэт кэҕэлээх, өрөөбөт өтөннөөх өрүү күөх дойду.

Кэккэлэтиигэ үксүгэр дорҕоонноро дьүөрэлэһэр. Тыл маҥнайгы сүһүөҕүн аһаҕас дорҕооно кэнники сүһүөхтэргэ турар аһаҕас дорҕооннор хаачыстыбаларын быһаарыытын аһаҕас дорҕооннор дьүөрэлэһиилэрэ дэнэр.

Аһаҕас дорҕооннор дьүөрэлэһиилэрэ түүр тылларын фонетикатын биир ураты көстүүтүнэн буолар уонна тылга илин, кэлин аһаҕастар уонна уос аһаҕастара тустаах бэрээдэгинэн туттуллууларын модьуйар быраабылаларга олоҕурар. Ол быраабылалар халбаҥнаабакка утумнаахтык тутуһуллалларын иһин ардыгар аһаҕас дорҕооннор дьүөрэлэһиилэрин сокуоннара дэнэллэр.[Дьячк. 38-39 с.]

Мандар Уус кинигэтиттэн аҕыйах холобуру ылан, дорҕоонун дьүөрэлэһиитин ырытан көрүөҕүҥ:

1. Саһа сылдьан самнарар саҥнаах, үөмэ сылдьан өлөрөр үгэстээх, тууйан тумнарар «толкуйдаах».

Саһа сылдьан самнарар саҥнаах – бу олукка айах кэлин аһаҕас дорҕоонноро (а, ы) дьүөрэлэспиттэр. Бүтэй дорҕооннортон (с, н) дьүөрэлэспитттэр. Манна биир сүһүөх 3-тэ хатыламмыт (са-са-са). Сүһүөҕүн ахсаана 9.

Үөмэ сылдьан өлөрөр үгэстээх– бу олукка уос илин аһаҕас дорҕоонноро (үө, ө, ү) дьүөрэлэспитэ. Сүһүөҕүн ахсаана 10.

Тууйан тумнарар «толкуйдаах» – бу олуккауос кэлин аһаҕас дорҕооно (у, о) дьүөрэлэһиитэ көстөр. Сүһүөҕүн ахсаана 8.

2.Өһүллүбэт үрдээһиннэрэ, тулхадыйбат тулааһыннара.

Өһүллүбэт үрдээһиннэрэ – илин аһаҕас дорҕооннор (ө, ү, э) дьүөрэлэспиттэр. Сүһүөҕүн ахсаана 9.

Тулхадыйбат тулааһыннара– кэлин аһаҕас дорҕооннор (у, а, ы) дьүөрэлэспиттэр. Сүһүөҕүн ахсаана 9. Бу олукка бүтүн сүһүөх хатыланыыта баар (тул-тул).

3. Киирбэт күннээх, кэрээбэт кэҕэлээх, өрөөбөт өтөннөөх өрүү күөх дойду.

Киирбэт күннээх, кэрээбэт кэҕэлээх – илин аһаҕас дорҕооннор (и, э, ү) дьүөрэлэспиттэр.Бүтэй дорҕооннортон сүнньүнэн (к, р, б, х) дьүөрэлэспиттэр.

Өрөөбөт өтөннөөх өрүү күөх дойду–илин аһаҕас дорҕооннор (ө, ү, үө) дьүөрэлэспиттэр. Бу олукка бүтүн сүһүөх хатыланыыта (өр-өр) баар. Бүтэй доҕооннортон (р, б, т) дорҕооннор дьүөрэлэспиттэр.

Мандар Уус кэккэлэтэн этиини хомоҕойдук туттубут. Кэккэлэтэн этиигэ дорҕоон дьүөрэлэһиитин уонна сүһүөх ахсаанын ырытан көрдүбүт. Түмүктээн эттэххэ, Мандар Уус кэккэлэтэн этиилэригэрдорҕооно толору дьүөрэлэспит, сорох холобурдарга бүтүн сүһүөх хатыланыыта баар, сүһүөҕүн ахсаана сүнньүнэн майгыннаһар эбит

Төхтөрүйэн этии

Төхтөрүйэн этии фольклор айымньыларын туллар тутааҕа буолар.Бу ньыма классик суруйааччылар айымньыларыгар киэҥник туттуллар.

Төхтөрүйэн этии – диэн биир санааны иккистээн, төхтөрүйэн этии ааттанар. Биир санааны хатылааһын диэн быһаарыахха сөп. Холобур: Кыыс оҕо ырыата, уол оҕо тойуга. Манна кыыс уонна уол оҕо киһи диэн өйдөбүллээхтэр, онтон ырыа уонна тойук эмиэ биирдиҥи суолталаахтар. Онон бу этии биир санааны хатылыыр. Кыыс уонна ырыа диэҥҥэ –ыайах ортотунааҕы кыараҕас аһаҕас дорҕоонноро дьүөрэлэһэллэр, онтон уол уонна тойук диэн тыллар –отыл кэннинээҕи уос киэҥ аһаҕас уонна –у уос кэлин кыараҕас аһаҕас дорҕоонноро дьүөрэлэһэллэр. Төхтөрүйэн этиигэ тыллар дорҕоонноро дьүөрэлэһэллэр уонна этии кэрэ, этигэн буолар.

Мандар Ууска маннык төхтөрүйэн этии олус элбэхтэ көстөр. Холобур:

1. Кэмэ биллибэт, кэрдиитэ көстүбэт.

2. Киҥкиниир Киэҥ Халлааҥҥа, куҥкунуур Улуу Куйаарга.

3. Санааларын сайҕаан, толкуйдарын тобулан.

4. Аргыарынан ыҥылыйар, үргүөрүнэн үҥүлүйэр.

5. Ыйааһын хараҕар ууран ыараҥнатта, бэски туорааҕар ууран биэрэҥнэттэ...

6. Саарбаҕа суох биир бигэ санааны сананан, тулхадыйбат тулуу толкуйу толкуйданан туран.

7. Үрдэ суох үгүһү, ахса суох арааһы.

8. Айбыт Айыыбын, олохтообут олохпун.

9. Туллаҥнаабат гына тулхадыйбат тулааһынныыһыбын, айгыраабат гына ааттаах акылааттыыһыбын, өҕүллүбэт биир көнө сүрүннүүһүбүн.

10. Ытык ыйаахпытын ыйдаран, Ытык аналбытын анатан.

11. Арбаҕастаах да абыраабат, бытырыыстаах да быыһаабат.

12. Иннэ суох иэдээн иннибитигэр күүтүөҕүн, аана суох алдьархай анныбытыгар ааҥныаҕын.

13. Аан Дайды аһын амтаннааҕын амсыырдаан, Сир Ийэ сирэмин силгэһиннээҕин сиэн.

14. Айыы киһитэ анаарбат, Күн киһитэ көрбөт.

15. Туһалаах толкуйун дьэ тобуллубут, сөптөөх сүбэтин дьэ буллубут! – дэһэн, субу курдук диэн булгуруйбат Уураах ууран, ыйыллыбат Ыйаах ыйан, саҥа саҥаран, тыл этэн сөҥүдүйбүттэрэ үһү.

16. Албан аата ааттаныа, суон сураҕа сураныа.

17. Абыраллаах санааны санаата, туһалаах толкуйу тобулла.

18. Бу орто туруу дойдуга олох олорорго оҥоһуута оҥоһуллубут, төлкөтө түстэммит, түөрэҕэ түспүт оҕо кута оннун булан олохсуйуоҕуттан...

19. Иннэ-кэннэ биллибэт, иитэ-саҕата торумнаммат, кэмэ-кэрдиитэ кэрчиктэммэт.

Бу холобурдартан аҕыйах холобуру ылан дорҕоонун дьүөрэлэһиитин уонна сүһүөҕүн ахсаанынан ырытан көрүөҕүҥ:

1. Баттаатахха маталдьыйбат, үктээтэххэ өҕүллүбэт, кэбиэлээтэххэ кэбэлдьийбэт.

Баттаатахха маталдьыйбат - бу холобурга айах кэлин аһаҕас дорҕооннор (ы, а) дьүөрэлэспиттэр. Сүһүөҕүн ахсаана 8.

Үктээтэххэ өҕүллүбэт - илин аһаҕас дорҕооннор (ү, э, ө) дьүөрэлэспиттэр. Сүһүөҕүн ахсаана 8.

Кэбиэлээтэххэ кэбэлдьийбэт –– айах илин аһаҕас дорҕооно (э, и, иэ) дьүөрэлэспит. Кэб – кэб Сүһүөҕүн ахсаана 9 буолла.

Онон кэккэлэтии дорҕооно толору дьүөрэлэспит. Оттон сүһүөҕүн ахсаана икки кэрчиккэ тэҥ, үһүс кэрчиккэ уларыйбыт.

2. Кэмэ биллибэт, кэрдиитэ көстүбэт.

Кэмэ биллибэт – э –айах илин киэҥ аһаҕас дорҕооно дьүөрэлэспит. Сүһүөҕүн ахсаана 5.

Кэрдиитэ көстүбэт– э – айах илин киэҥ аһаҕас дорҕооно, ө –уос илинкиэҥ аһаҕас дорҕооно уонна ү – уос илин аһаҕас дорҕооно дьүөрэлэспит. Сүһүөҕүн ахсаана 6.

3. Абыраллаах санааны санаата, туһалаах толкуйу тобулла.

Абыраллаах санааны санаата – бу олуккакэлин аһаҕас дорҕооннор(ы, а)дьүөрэлэспиттэр. Сүһүөҕүн ахсаана 10. Тыл олоҕо бүтүннүү хатыламмыт (санаа-санаа).

Туһалаах толкуйу тобулла – бу олукка кэлин аһаҕас дорҕооннор (у, о, а) дьүөрэлэспиттэр. Бүтэй дорҕооннортон (т, л) дьүөрэлэспит. Биир сүһүөх 2-тэ хатыламмыт (то-то). Сүһүөҕүн ахсаана 9.

4. Аан Дайды аһын амтаннааҕын амсыырдаан, Сир Ийэ сирэмин силгэһиннээҕин сиэн.

Аан Дайды аһын амтаннааҕын амсыырдаан – бу олуккаилин аһаҕас дорҕооннор (а, ы) дьүөрэлэспиттэр. Бүтэй дорҕооннортон (н, м)дьүөрэлэспиттэр. Биир сүһүөх 2-тэ хатыламмыт (ам-ам). Сүһүөҕүн ахсаана 12.

Сир Ийэ сирэмин силгэһиннээҕин сиэн–илин аһаҕас дорҕооннор (и, э) дьүөрэлэспиттэр. Бүтэй дорҕооннортон (с, н) дьүөрэлэспиттэр. Сүһүөҕүн ахсаана 12. Бу олукка биир сүһүөх 4 төгүл (си-си-си-си) хатыланар.

Борис Федорович – Мандар Уус төхтөрүйэн этиилэри айымньытыгар хото туттар суруйааччы эбит. Төхтөрүйэн этиилэр дорҕоонноро дьүөрэлэһэллэр, сүһүөҕүн ахсааннара майгыннаһаллар. Төрдүс холобурга дорҕоон толору дьүөрэлэспит, сүһүөҕүн ахсаана тэбис-тэҥ. Бу холобур тутулун да, дорҕоонун дьүөрэлэһиитин да өттүнэн Мандар Уус саамай табыллыбыт төхтөрүйэн этиитэ буолар. Түмүктээн эттэххэ, Мандар Уус төхтөрүйэн этиитин дорҕоонун хомоҕойдук дьүөрэлиир, майгыннаһар ис хоһоонноох олуктар тутулларын сатабыллаахтык аттарар.

Наши рекомендации