I баһа. Уус – уран айымньы поэтиката
Мандар Уус ураты истиилэ
Дьупулуом үлэтэ
КӨМҮСКҮҮРГЭ КӨҤҮЛЛЭННЭ: ҮЛЭНИ САЛАЙДА: саха тылын
саха тылын истилиистикэтин уонна истилиистикэтин уонна
нууччалыы-сахалыы тылбаас нууччалыы-сахалыы
хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ тылбаас
б.б.х., хаапыдыратын дассыана,
_______________ С.П. Васильева Торотоев Гаврил Григорьeвич
СЫАНАБЫЛЫ CУРУЙДА: ҮЛЭНИ CУРУЙДА:
АБХИНТуоКҮ кэтэхтэн үөрэх
ҮЛЭ КӨМҮСКЭННЭ:НСТ-06 бөлөх устудьуона
Ларионова Ульяна Федоровна
Дьокуускай, 2012с
Иһинээҕитэ:
Киириитэ
I бас:Уус-уран айымньы поэтиката
1. Б.Ф.Неустроев – Мандар Уус олоҕо уонна айар үлэтэ Суруйааччы маастарыстыбатын өйдөбүлэ
2. Уус – уран сиһилиир ньыма (троп)өйдөбүлэ
1.1. Эпитет
1.2. Метафора
1.3. Тэҥнэбил
1.4. Тыыннааҕымсытыы
3. Саха тылын үөрүйэҕэ
3.1. Сомоҕо домох
3.2. Өс хоһооно
3.3. Ханыыласпыт тыллар
3.4. Хоһуласпыт тыллар
3.5. Ойуулуур – дьүһүннүүруоннатыаһы үтүктэр тыллар
4. Тылбаас түөрүйэтэ
II бас: Мандар Уус ураты истиилэ
1. Ойуу тыла. Айыы тыла айымньы тутула
2. Мандар Уус уус–уран сиһилиир ньыманы туттуута
3. Мандар Уус тыл үөрүйэх көстүүлэрин туттуута
3.1. Ханыыласпыт тыл
3.2. Хатыланар тыл
3.3. Сомоҕо домох
3.4. Өс хоһооно
4. Ойуулуур-дьүһүннүүр уонна тыаһы үтүктэр тыллары туттуута
5. Тойоннооһунун уратыта
5.1. Дорҕоонунан салайтарар кэнсиэпсийэ
5.2. Сурук бэлиэтин туттуу
- Элбэх туочука айар ньыма быһыытынан
- Күүһүрдүү бэлиэтин уратытык туттуута
- Ыйытыы бэлиэтин уратытык туттуута
- Тириэни туттуута
6. Тылы суолталаан улахан буукубаны туттуута
7. Мандар Уус этиини таҥар уратыта
- Этиитин тэнитэр ньымалара
- Төхтөрүйэн этиитэ уонна кэккэлэтиитэ
8. Мандар Уус «Ойуу Тыла» олугун тылбааһа
Түмүк
Туһаныллыбыт литэрэтиирэ испииһэгэ
Сыһыарыылар
Киириитэ
Үлэ тиэмэтэ: Мандар Уус ураты истиилэ.
Үлэ сыала: Борис Федорович Неустроев – Мандар Уус «Ойуу тыла. Айыы тыла» кинигэтин тылын–өһүн ырытан, суруйааччы тус истиилин үөскэтэр тыл көстүүлэрин быһаарыы.
Үлэ сыалын ситиһэргэ маннык чопчу соруктар тураллар:
1. Суруйааччы тус истиилин чинчийбит нуучча уонна саха учуонайдарын үлэлэрин ааҕыы, туһааннаах кэрчиктэри бэлиэтэнии;
2. Мандар Уус “Ойуу тыла. Айыы тыла” кинигэтиттэн уус-уран сиһилиир ньымаларга, тыл үйэлээх үгэһигэр сөп түбэһэр холобурдары хомуйуу;
3. Муспут матырыйаалы наардаан, түөрүйэҕэ олоҕуран ыпсаран суруйуу;
4. Мандар Уус уратытын көрдөрөр сүрүн түмүгү таһаарыы.
Үлэ тоҕоостооҕо: Борис Федорович Неустроев – МандарУус бөлүһүөктүү көрүүлээх, дэгиттэр талааннаах киһи: уус идэлээх, ону таһынан тыл баайдаахураты суоллаах–иистээх суруйааччы. Кини саха духуобунай култууратын өйүгэр-сүрэҕэр дириҥник сөҥөрдөн илдьэ сылдьар айылҕаттан айдарыылаах киһи. Саха норуотун эргиччи дьоҕурдаах маастарын айар үлэтин, тус истиилин билиҥҥи кэмҥэ ким да анаан-минээн дириҥник чинчийэ илик. Бу дьупулуомунай үлэ Мандар Уус тус истиилин үөрэтэргэ маҥнайгы холонуу буолар.
Үлэм түөрүйэтин төрүтэ. Нуучча тыл үөрэхтээхтэрэБ.В.Томашевскай, Г.Г.Хазагеров, И.Б.Лобанов, саха тылын үөрэхтээхтэрэ Боескоров Г.К.,М.П.Алексеев-Дапсы, Т.И.Петрова, Г.Г.Торотоев үлэлэрэ тирэх буоллулар.
Чинчийии барыма: Суруйааччы айар маастарыстыбата.
Чинчийии барамайа: Мандар Уус тус истиилэ.
Чинчийии ньымата:Чинчийэр үлэбэрэридьиэстиир ньыманы,тыл эспэримиэнин,сахалыы-нууччалыы тылбааска тэҥнээн ырытыы ньыматын туһанным.
Көдьүүһэ: Бу чинчийии матырыйаалын айымньылаахтык туһанан, ыстатыйа эбэтэркинигэ суруйан бэчээттэтиэххэ сөп,ону тэҥэ саха тылын идэтигэр үөрэнэр устудьуоннар суруйааччы истиилин үөрэтэллэригэр көмө матырыйаал быһыытынан туһаныахтарын сөп.
I баһа. Уус – уран айымньы поэтиката
ЛитературоведВарвара Борисовна Окорокова поэтика диэни маннык быһаарбыт: «Поэтика–диэнайымньы уус – уран уратытын, ойуулуур – дьүһүннүүр ньымаларын, истиилин, форматын чинчийэр литератураны үөрэтэр наука салаата ааттанар.»[«Литература теорията»: (Абитуриеҥҥа көмө) / В.Б.Окорокова – Дь., 2000с, – 46с.]
Оттон Б.В.Томашевский «Теория литературы. Поэтика» диэн кинигэтигэр поэтика соругун уонна тугу үөрэтэрин маннык быһаарбыт: «Задачей поэтики (иначе – теория словесности или литературы) является изучение способов построения литературных произведений. Объектом изучения в поэтике является художественная литература. Способом изучения является описание и классификация явлений и их истолкование. [22 c.]
Дисциплина, изучающая конструкцию нехудожественных произведений, называется риторикой; дисциплина, изучающая конструкцию художественных произведений, - поэтика. Риторика и поэтика слагаются в общую теорию литературы. [25 c.]
В общей поэтике изучается не происхождение поэтических приемов, а их художественная функция. Каждый прием изучается с точки зрения его художественной целесообразности, т.е. анализируестя: зачем применяется данный прием и какой художественный эффект им достигается. В общей поэтике функциональное изучение литературного приема и чвляется руководящим принципом в описании и классификации изучаемых явлений». [26 c.]
Маастарыстыба – диэн суруйааччы талаанын таһыма, уус – уран литератураҕа баай ньымаларын баһылаабыт, бэйэтин эйгэтигэр ордук ситиһиилэммит, саҥаны олохтообут бэлиэлэрэ ордук поэтикаҕа көстүүтэ ааттанар. . [«Литература теорията»: (Абитуриеҥҥа көмө) / В.Б.Окорокова – Дь., 2000с, – 43с.]
Хайа да суруйааччы, биллэн турар, бэйэтин талааннаах, үрдүк маастарыстыбалаах уус-уран айымньыларын нөҥүө норуот сайдыытыгар дьайар, историяны кытта биир сибээстээх. Ол эрээри, хас биирдии суруйааччы үлэтин көрүҥнэрэ уратылардаах. [Cпирид. 30 c]
Уус–уран сиһилиирньыма (троптар)
Поэтическай троптардиэн тыл көспүт суолтатынан эбэтэр тэҥнээх хоһуйан, уус – уран обраһы айар ньымалар.
Б.В.Томашевскайбыһаарыытын көрөбүт: «Приемы изменения основного значения слова именуются тропами. Когда мы имеем дело с тропом, то мы должны различать в нем прямое значение слова (его обычное употребительное значение) и переносное, определяемое общим смыслом всего данного контекса.
В тропах разрушается основное значение слова; обыкновенно за счет этого разрушения прямого значения в восприятие вступают его вторичные признаки. Тропы имеют свойство пробуждать эиоциональное отношение к теме, внушать те или иные чувтсва, имеют чувтсвенно-оценочный смысл».
[52 c.]
Интэрниэт ситимигэр троп диэни маннык быһаарбыттар: «Троп(от др.-греч.τρόπος — оборот) — в художественном произведении слова и выражения, используемые в переносном значении с целью усилить образность языка, художественную выразительность речи».[http://ru.wikipedia.org/wiki/.]
Уус – уран сиһилиир ньыма көрүҥнэригэр манныктар киирэллэр: тэҥнэбил, метафора, эпитет, метонимия, синекдоха, гипербола, тыыннааҕымсытыы о.д.а. Кинилэри, аҕыйах тылынан күүстээх обраһы айар буоланнар, ордук поэзияҕа тутталлар.
Эпитет – предмеккэ, көстүүгэ өҥ – дьүһүн, бэлиэ, хаачыстыба биэрэр, характеристикалыыр, быһаарар тыл. Холобур, революционер поэт П.А.Ойуунускай «Кыһыл Ойуун» , «Кыыһар сардаҥа уотугар, Кыһыл үйэбит дьолугар», «Кытарар дьэргэн былааҕым кыыһан – ыыһан таҕыста» уо.д.а. Поэт бу суолтаҕа утарыта тутан, «хара» эпитеты эмиэ киэҥник туттар: «Хара санаа күлүктэннэ», «Хара дьайдарын алдьатан», «Хара хаан олбохтоох хаппытаал олоҕо», уо.д.а. [«Литература теорията»: (Абитуриеҥҥа көмө) / В.Б.Окорокова – Дь., 2000с, – 28с.]
Онтонинтерниэт ситимигэр маннык быһаарбыттар: эпитет(от др.-греч.ἐπίθετον — «приложенное») — определение при слове, влияющее на его выразительность. Выражается преимущественно именем прилагательным, но также наречием («горячо любить»), именем существительным («веселья шум»), числительным (вторая жизнь).
[ http://ru.wikipedia.org/wiki/].
Г.Г.Хазагеров, И.Б.Лобанов«Основы теории литературы» учебникка эпитет диэн маннык быһаарыллыбыт: Обычно эпитетом называют«художественное определение». Но что это такое? Наверное, самый правильный ответ будет – эпитет есть определение в художественной речи. В свое время Владимир Маяковский говорил, что для него эпитетом является даже слово «красный» в собственном имени «Красная Пресня». Эпитет в художественной речи может, конечно, быть тропом, как «серебряные руки» в строчке романса: «И твои серебряные руки в тройке, улетевшей навсегда». Но в этом же романсе «дорога дальняя» и «ночка лунная» также, несомненно, могут трактоваться как эпитеты, хотя никакого тропа здесь нет: дорога действительно дальняя. Но в обыденной речи мы не посчитаем «лунную ночь» эпитетом. [3. 128с.]
Уус-уран сиһилиир ньыма биир саамай сүрүн көрүҥэ метафора буолар. Б.В.Томашевскай метафораны маннык быһаарбыт: «В этом случае предмет или явление, озночаемое прямым, основным значением, не имеет никакого отношения к переносному, но вторичные признаки в некоторой их части могут быть перенесены на выражаемое тропом. Иначе говоря, предмет, озночаемый прямым значением слова, имеет какое-нибудь косвенное сходство с предметом переносного значения. Этот случай тропа именуется метафорой». [53 c.]
Метафора–тылы көспүт суолтатыгар туттуу, биир предмет бэлиэтин атын предмеккэ көһөрөн холуйан этии. Холобура:
Хара уу
Халыс гынна.
Дойду, сир
Тотон турда,
(Эллэй)
Манна поэт курааннаабыт сир ардах кэнниттэн абыраммытын көрдөрөн, «топпутун» туһунан этэр. «Сааскы киэһэ сарыала Томтор үрдүн көрбүт», – диэн Эллэй сарыалы, харахтаахха холуйан, «көрбүт» диэн метафораны айар.[2. 29с.]
Троп, основанный на сходстве, называетсяметафорой. Наверное, это самый «творческий» из всех тропов, потому что выбор предмета для сравнения с описываемым объектом ничем не ограничен.
Олицетворение и овеществление – два тропа, являющиеся разновидностью метафоры.
Сравнение имеет ту же природу, что и метафора, но в сравнении упоминаются оба сравниваемых предмета: «пруд как сталь», «снег как сахар», а в метафоре один из объектов сравнения подразумевается. [3. 132-133с.]
Тэҥнэбилгэ биир предмети эбэтэр кини бэлиэтин атын маарынныыр предмеккэ, эбэтэр кини бэлиэтигэр тэҥнээһин буолар:
Төрөөбүт
Төрүт тыл
Сөрүүн сүөгэй курдук
Сүрэҕи – быары
Сөрүүкэтэр,
Убаҕас отон
Уутун курдук
Улахан куйааска
Утаҕы ханнарар...
(Күндэ)
Манна поэт төрөөбүт тыл кэрэтин, күндүтүн саха аһын үтүөтүгэр тэҥниир.[2. ]
Тыыннааҕымсытыы–хамныыр харамайы, айылҕа көстүүлэрин, хамсаабат эйгэни киһилии быһыылаан, майгылаан, сирэйдээн көрдөрүү уус –уран обраһы айар ньыма быһыытынан. Холобур:
Халлааны хайа суруйар
Хара хабаҕал оһоҕун
Хаҥас чанчыгын
Хайа тардынна да,
Хаста даҕаны
Хабараан баҕадьытык
Хаһыытаан хардьыгынатта.
Манна Өксөкүлээх Өлөксөй борохуот аалынан техника сүдү кыаҕын, сайдыытын уруйдуур. [2.]
Нууччалыы кинигэҕэ маннык суруллар: «Олицетворение – это перенесение свойств одушевленных существ и прежде всего человека на свойства неодушевленных существ. Это один из самых древних тропов, часто встречающихся в фольклоре. Некоторые авторы считают его «первотропом». Например: «небо хмурится», «стога грустят», «вьюга злится». [3. 132-133с.]
Хатылааһын–биир өйдөбүлү хатылааһын, төхтөрүйэн этии, күүһүрдэн образ ис хоһоонун чопчулуур ньыма. Холобур:
Мыыланы билбэтэх былааттаах,
Сууйууну көрбөтөх соттордоох,
Ырааска ыксаласпатах ырбаахылаах,
- диэн поэт дьахтар обраһын сиһилии ойуулуур. . [2. 30с.]
1.1. Тыл үөрүйэҕэ (узус)
СГУ СФТКФ доцена Тамара Ивановна Петрова тыл үөрүйэҕин маннык быһаарар: «Хайа да омук саҥарар саҥатыгар тыл «суураллыбат сокуона», туох да быраабылата суох саҥара үөрэммит үөруйэҕэ, (узус) баар буолар. Тыл уратыта, кэрэтэ, этигэнэ ол узуска сылдьар. Узус сүнньүнэн тыл ситимигэр, этиигэ, сомоҕо тылга көстөр: араас омук биир суолталаах тылы араастык туттар, биир өйдөбүлү атыннык этэр. Холобур: нууччалыы открой рот, открой глаза дэнэр, оттон саха айаххын ат, хараххын ас диир, хараххын ат диир олуона. Саха салгын сиибин диир, нуучча дышу свежим воздухом диир, ем воздух диэбэт. Нууччалыы муха сидит на потолке, вареное яйцо диэн буолар, англичанин сахсырга дьиэ үрдүгэр баар, оргуйбут сымыыт диир эбит». [7. 40c.]
Кини этэринэн: «Тыл үөрүйэҕин оҕо кыра эрдэҕиттэн истэн-билэн улаатар, хайдах саҥарарын толкуйдуу турбат. Ол иһин «төрөөбүт тыл», «ийэ тыл» диэн ааттанар. Узус тылдьыкка кыайан көстүбэт, онон омук тылын үөрүйэҕин ол дьону кытта олордоххо эрэ баһылыахха сөп» диэн быһаарар.
Тамара Ивановна Петрова «Тылы кыайан билбэт киһи туох ханнык иннинэ узуһу кэһэр, атын омук тылын тылбаастаан саҥарар. Онон тыла дьадаҥы, истэргэ туора буолар. Тыл үөрүйэҕэ уларыйан бардаҕына, кэрэтэ, ураты бэлиэтэ, кырааската, сыта түһэн, тылбаас тылга кубулуйар» - диэн этэр. [7. 40c]
«Онон тылы үчүгэйдик билэргэ тыл суолтатын, грамматикатын таһынан, өссө туттуллар ураты үөрүйэҕин билиэххэ наада» диэн Т.И.Петрова бэлиэтиир. [7. 40c.]
Тыл үөрүйэҕин (узуһу) интернет ситимигэр маннык быһаарбыттар:
Узус (от лат. usus — применение, обычай, правило) — общепринятое носителями данного языка употребление языковых единиц (слов, устойчивых оборотов, форм, конструкций).
Узуальное употребление, с одной стороны, противопоставляется окказиональному (временному, индивидуальному, обусловленному специфическим контекстом) употреблению и, с другой стороны, языковой норме.
Под узусом также понимаются и «частные» нормы, отличающиеся от нормы литературного языка; в этом смысле говорят об узусах профессиональных (например, узусе научного изложения), узусах социальных групп, узусе обиходного общения и т. п. Узус, будучи тесно связанным с языковой нормой, тем не менее отличен от неё: узус может фиксироваться словарями (толковыми, фразеологическими, орфографическими и т. п.) и далее кодифицироваться в языковую норму.
[http://www.filologia.su/usus/].
Саха тылын үөрүйэҕэр өс хоһооно, сомоҕо домох, ойуулуур-дьүһүннүүр, тыаһы үтүктэр тыллары, ханыыласпыт, хоһуласпыт тыллары киллэриэххэ сөп.
С хоһооно
Саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын биир саамай былыргы уонна кылгас көрүҥүнэн өс хоһоонноро буолаллар. Өс хоһооно олох-дьаһах, үлэ-хамнас, сиэр-майгы, о.д.а. тустарынан биир түмүктэммит, чочуллубут этиилээх эбэтэр бастакы этиини хатылыыр, чопчулуур, чуолкайдыыр иккис этиилээх буолуон сөп. Бу өс хоһоонугар киирэр этиилэр бэйэ-бэйэлэригэр ис хоһооннорунан дьүөрэлэһэр, форма өттүнэн сөп түбэһэр буолаллар.
Саха өһүн хоһоонноро бэрт былыргы кэмтэн силис тардаллар. Итини саха өһүн хоһооннорун үөрэппит учуонайдар бэрт өрдөөҕүттэн бэлиэтииллэр. Холобур, 1072 сыллаахха суруллан бүппүт Мажмуд Кашгари «Диван Лугат – ат тюрк» диэн түүрк тылларын тылдьытыгар куш аласы ташында, киши аласы ичиндэ диэн өс хоһооно баар. Ол сахалыы көтөр эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһигэр диэҥҥэ сөп түбэһэр.
Өс хоһоонноро төһө да кылгастарын иһин дириҥ ис хоһоонноохтор, саха норуотун олоҕун төрүт былыргы аҕа уустаах олохтон (тутултан) ыла бүгүҥҥү күҥҥэ диэри көрдөрөллөр диэн саха сэбиэскэй кэмнээҕи фольклористарын аҕалара Г.У.Эргис ыйан турардаах. Ол курдук кини «Очерки по якутскому фольклору» (М., Наука, 1974) кинигэтигэр саха өһүн хоһоонноругар аҕа уустаах уонна кылаассабай (баайдаах-дьадаҥылаах) тутулу, ссэбиэскэй кэми көрдөрөр өс хоһоонноро баалларын ыйан туран, өссө уопсастыба олоҕо уларыйдаҕын аайы саҥа өс хоһооннорунан байа, сайда, үүнэ турар фольклор көрүҥэ диэбитэ. Ол курдук сүгэ кыайбатаҕын сүбэ кыайар; Сүбэ сүүрүгү тутар; Сэрии үрдүгэр буор ыспат курдук өс хоһооннорун аҕа уустаах тутулга; оттон баай-дьадаҥы үөскээһинин, социальнай баттал үөдүйүүтүн кытта сибээстээх өс хоһоонноро: үрдүк өһүөлээхтэр, суон буруолаахтар; Сыһыы муҥунан сыспай сиэллээхтэр, хотон муҥунан хороҕор муостаахтар; Халыҥ хаһанан харчы кэбиһэр, суон саалынан мохсуо кэбиһэр уо.д.а.
Өс хоһооннорун уус-уран уратыта кинилэр кылгастарыгар сытар. Үгүс өс хоһооно биир чочуллубут бэргэн этиинэн бэриллэр: көссүө тыл бэлиэ. Баҕалаах маска ыттар. Атас туһугар атах тостор. Киһи тыла – ох. Тыала суохха мас хамсаабат. Өс хоһоонноро үгэс курдук кэпсэтэр тылга үгүстүк туттуллаллар. Онон киһи өйүгэр дөбүгүс түһэр, өйдөнүмтүө буолаллар. Ол иһин үгүс өс хоһоонноро олус кылгас 2 – 3 устуруокалаах хоһоон куормата куормалаах буолаллар: уулаах көрдүгэҥҥэ көтөр түһэр, оттоох алааска ынах мэччийэр. Тылтан тыл тахсар, саҥаттан саҥа тахсар. Дьэбин тимири сиир, санаа киһини сиир. Уулаах балык быстыбат, ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат.
Саха өһүн хоһооннорун ойуулуур-дьүһүннүүр биир сүрүн ньыматынан тэҥнээһин буолар. Тэҥнээһин үгүс өттүгэр диэбиккэ дылы, дылы уонна курдук диэн тылларынан бэриллэр: күөс хоруота бэрсибит өҥөлөөхпүн диэбиккэ дылы. Эһэни өлөрбөккө эрэ тириитин үллэстибиккэ дылы. Ылбайга быһахтаммыт курдук. Оҕус үрдүгэр ойуу-бичик анньыбыт курдук.
Уус-уран тыл атын ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалара саха өһүн хоһоонноругар киэҥник туттуллар. Метафора: үүннээх-ьэһииннээх үтүө тыл; метонимия:буруолаах буруолааҕы муҥа суох саныыр; аллегория: хагдаҥ оттоох сиргэ олордуо суох күтүр; күлүү-элэк: таҥара атаҕын кууһа сытар; гипербола: муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан, уо.д.а.
Онон, өс хоһоонноро төһө да олус кылгастарын иһин норуот тылынан уус-уран айымньытын бары эгэлгэ уус-уран ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалара кинилэргэ бэрт киэҥник туттуллаллар. Ол өс хоһооннорун үрдүк уус-уран таһымныыр, чочуллубут куормалыыр, өйгө хатанымтыа оҥорор. [16. 3-7c.]
Сомоҕо домох
Икки эбэтэр хас да тылөйдөбүлү уус-уранннык хоһуйан этэр холбуу суолталаммыт ситимэ сомоҕо тыл дэнэр. Сомоҕо тыллар өйдөбүлү устаан-ураннаан этэргэ туттуллаллар. [14. 31 c.]
Сомоҕо домох саха кэпсэтэр тылыгар, уус-уран айымньы бары көрүҥнэригэр элбэхтик туттуллар, кини саха тылын ордук кэрэ, сытыы, этигэн, бэргэн оҥорор, үөрэх билии тарҕанарыгар төрүөт буолар.
Сомоҕо домох тыллара солбуллубат. Бу – уларыйбат формалаах тыл ситимэ. Онон ситимнэһии бүтүннүү биир тыл, биир уустук өйдөбүллээх.
Сомоҕо домох үксүн икки, үс, онтон да элбэх тылларга арахсыбат ситимнэринэн бэриллэр. Холобур: Харытыттан харбаппыт.Ытыһын соттон хаалла. Харыйаны таҥнары соспут курдук (киһи).
Сомоҕо домох бэйэтэ туспа быһаарыллар өйдөбүллээх, анал төрүт суолталаах. Иэдэс биэрэр – сөбүлээбэт, кэлэйэр; буут биэр – куот, тэскилээ; дьон санаатын тутта (сууйдэ) – дьону бэйэтин диэки тарта, дьоҥҥо сөбүлэттэ, таптатта.
Саҥа чаастарынан ыллахха, сомоҕо тыллар аат тыл, даҕааһын, аат туохтуур, туохтуур, сыһыат суолталара суолталаах буолаллар. Холобур:
а) аат тыллар:күөх сүрэх; алын сыҥаах; икки сирэй; туллар тутаах; эргийэр киин; кутурук маһа; биллэр күөл балыга;(ким эмэ) уҥа илиитэ; муҥур ыраахтааҕы;айаҕын абатын, тумсун тууһун (көр); сир түннүгэ (киһи) уо.д.а.
б) даҕааһыннар: муннугар сыттаах; тымныы тыыннаах; ыарахан атахтаах; таҥнары хайыылаах; сымыыттааҕар бүтэй, балыктааҕар кэлэҕэй; аһаҕас сарыннаах, үүттээх өттүктээх; алтынньыга диэри астаах, олунньуга диэри оттоох уо.д.а.
в) аат туохтуурдар: суор хараҕын сиэбит (киһи); (туох эмэ туһугар) муннукка ытаабыт (киһи), былдьаһыкка сылдьар (үлэһит), биир өлүүгэ өлбүт (дьоннор), киһи илии туппат (киһитэ), хороҥ оту тосту үктээбэт (киһи), ыһыгын аара ыйаабыт (киһи) уо.д.а.
г) туохтуурдар: тилэх баттас, кураанаҕы куустар, ытыскын сотун, (тугу эмэ) анныгар баттаа, айаххын минньит, (ким эмэ) айаҕын бүөлээ, аҕа баһын тосту олор, ала кулуну төрөт, илииҥ үөһэ түһэр; таала кырыыланар, кураанах маска хаан аҕыыр уо.д.а.
д) сыһыаттар: оруо маһы ортотунан; икки илиибинэн (сөбүлэһэбин); суон саалынан мохсуо бырахсан, халыҥ хаһанан харчы кэбиһэн; сүүһүм көлөһүнүн уллуҥахпар ааҕан, уллуҥаҕым көлөһүнүн сүүспэр ааҕан уо.д.а. [14. 32c.]
Сомоҕо тыллар уус-уран ойуулааһын туттугун быһыытынан словарнай састаап ордук сыаналаах араҥата буолаллар уонна норуот айымньытыгар, уус-уран литератураҕа, кэпсэтиигэ киэҥник туттуллаллар. Саха тыла сомоҕо тыллар састааптарынан баай, ол аналлаах бастакы тылдьыкка 3000 кэриҥэ тыл киирбититтэн да көстөр (Н.С.Григорьев тылдьытын көр). [14. 34c.]
Сомоҕо домох тупсаҕайа, кэрэтэ, сытыыта, саҥарарга, кэпсэтэргэ, олоххо табыгаһа саха дьонугар салгын, уу курдук наадата саарбаҕа суох. [11. 4c.]