Сы´ыат туохтууру туттуу
96 №. Сы´ыат туохтууру с³пк³ туттан этиини ааҕы². Холобур: Аны санаатахха, эдэр буоламмыт туохтан да толлубат, мээнэ санаарҕаабат этибит. - … эдэр буолан онн.
Бол±ойу²! Сы´ыат туохтуур хамсаныы тэтимин к³рд³р³р кэпсэтии тылыгар туттуллар саамай табыгастаах халыып буолар. Саха тылыгар сы´ыат туохтуур сирэйинэн, ахсаанынан уларыппакка туттуллар.
1. Быраа´ынньык ахсын ы²ыраннар, эрдэ ыал буолбут дьонунан алгыс этиттэрэллэрэ. 2. Андаатары тыыннаахтыы тутаннар Халыма э²эр µ³скэппиттэрэ. 3. Ийэлэр сиэннэрин к³р³нн³р оҕолорун инники кэскиллэрин о²орсоллор. 4. Убайдарым, эдьиийдэрим математикаҕа кыахтаах буоланнар, мин эмиэ ол эйгэҕэ оҕо эрдэхпиттэн чуга´ым. 5. Дьонум саастарын тухары сµ³´µ иитиитинэн дьарыктаммыт буоланнар, би´иги эмиэ кыылга-сµ³лгэ сыстаҕаспыт.
97 №. Сы´ыат туохтууру булу². Ханнык тµбэлтэ±э сирэй, ахсаан сы´ыарыытын ылынарын ³йд³³н к³рµ². Бы´аары².
I. Туундара куйаарын тымырын була²²ын,
Толбонноох баайдарын тµмµгэ буола²²ын,
Сахаада² саргытын кµлµµ´µн тута²²ын
Сандааран тура±ын, Якутскай куоратым!
(Илья Ча±ыл±ан. «Якутскай куорат»)
II. 1. Ол биһиги тотурҕааммыт тордурҕаспыппыт диэхтээн… 2. Мин хас сыл аайы эйиэхэҕэ туспа диэн ааттаан кэлээри гына-гынабын, улаатымсыйан быһа сытыйаммын, мин бэйэлээх урутаан тоҥхойуом дуо диэммин, туой тардыахтанан хаалар этим. 3. Мин даҕаны сайын эйэлэһэ диэн ааттааммын, эйиэхэҕэ чопчу туһулаан, аат-ааттаан кэлэн бараммын (эһиги хаһыа да буолаҥҥыт дьиэ күлүгэр олороргут), эн урут кэпсэппэтэҕиҥ иһин, атын сиртэн иһэр курдук туттаммын, дьиэбэр төннүбүтүм. 4. Бу туох гынаарыбыт иирсибит-баайсыбыт баҕайыларбытый даа. (Реас Кулаковскай).
¥³скээбит сы´ыат | Сы´ыат туохтуур |
Киэн туттунуулаахтык кэпсээтэ | Киэн туттан |
Тапталлаахтык ааттыыра | Таптаан ааттыыра |
Убаастабыллаахтык сы´ыанна´ар | Убаастаан сы´ыанна´ар |
Ытыктабыллаахтык ааттыыллар | Ытыктаан ааттыыллар |
Сэнэбиллээхтик к³р³р | Сэнии к³р³р |
Болҕомтолоохтук ааҕы² | Болҕойон ааҕы² |
Сатабыллаахтык к³рд³рбµт | Сатаан к³рд³рбµт |
Ордуктук саныыр | Ордук саныыр |
Итэҕэтиилээхтик арыйар | Ки´и итэҕэйиэн курдук арыйар |
98 №. Бэлиэтэммит тылы сы´ыат туохтуурунан солбуйан аа±ы². Этии истиилэ хайдах уларыйарын эти².
1. Билигин оруобуна кµн му²утуурдук кылгыыр кэмэ. 2. Бу тымныы-туман кэм²э суолга сэрэхтээхтик сылдьар наада. 3. Ити боппуруо´у би´иги дьаныардаахтык туруорсабыт. 4. Айыл±а дьикти кэрэ к³стµµлэрин дири² иэйиилээхтик кэпсиир. 5. Ийэ айыл±абытыгар харыстабыллаахтык сы´ыанна´ы². 6. Уус тарбахтаах буолан, µрµ² к³мµс юбилейнай мэтээл дизайнын тупса±айдык о²ордо±о…
99 №. ¥³скээбит сы´ыаты с³пт³³х халыыбынан солбуйу². Сы´ыарыы эбиллэрэ наада дуо?
1. Андрей билигин к³²µллµк айар худуо´унньук бы´ыытынан биллэр. 2. Кириисис сабардаан, дьон атыыла´ар дьо±ура биллэрдик намтаата. 3. Быраа´ынньыгы µ³рµµлээхтик а´ыы тµгэнин к³р³±µт. 4. Омук тылын билиим миэхэ олустук к³м³л³спµтэ. 4. Эдэр ыччат ону табатык ³йдµ³н наада. 5. Дор±оону с³птµк са²ары². 6. Дьокуускайга Н³мµгµ кµнэ µрдµк та´ымнаахтык ыытыллыбыта.
1. О±онньор кµµгэ´и то±о эрэ олус кы´амньылаахтык (кы´анан туран) булта´ар. 2. Дакылааччыт итини барытын ³р³ к³т³±µллµµлээхтик кэпсээтэ. 3. Аргы´ым мин диэки итэ±эйбэтэхтик к³р³н кэбистэ. 4. Кини этэрэ барыта ылыннарыылаахтык и´иллэр. 5. Биэчэр олус долгутуулаахтык ааспыта. 6. Дьэ кы´ыылаахтык хоттордубут. 7. Саллаат уолаттар дойдуларыгар ытык иэстэрин µтµ³ суобастаахтык толорон эргилиннилэр.
100 №. Уонна ситим тылынан холбоммут биир уустаах чилиэни сы´ыат туохтуурунан солбуйан аа±ы². Туох уларыйда?
1. Эн кµн аайы оскуола±а кэлэ±ин, µ³рэнэ±ин (кэлэн µ³рэнэ±ин). 2. Уолаттар т³гµрµччµ олороллор, тугу эрэ кэпсэтэллэр. 3. ¥с тэллэй холбуу µµммµт, сэлээппэлэрэ сыстыспыт. 4. Мин мо±отой лыа±ы сиирин онно к³рбµтµм уонна итэ±эйбитим. 5. Са´ыл куттаммыт уонна са´ан хаалбыт. 6. Биэриини бэлэмнээтэ уонна ыытта Майя Власьева. 7. ¥лэ±итин суруйа±ын уонна туттара±ыт.
101 №. Бэлиэтэммит тылы сы´ыат туохтуурунан солбуйан аа±ы². Этии истиилэ хайдах уларыйарын эти².
Диэн: 1. Студеннар маннык µчµгэй дьиэ±э µ³рэнэллэриттэн астыналлар. 2. Ийэм хоту олорор быраата кэлэ сылдьыбата±ыттан хомойор. 3. Пенсия эбиллэригэр эрэниэххэ с³п дуо? 4. Дойду кризистэн тахсарын кэтэ´эбит. 5. Гриби хонтуруоллуур Комитет мааскалаах режими олохтуулларыгар модьуйда. 6. Иэдээ²²э тµбэспиттэр анал счет а´ыллыбытыттан олус µ³рдµлэр.
Буолан: 1. Ремонт µчµгэйдик о²о´уллубата±ыттан бары да эрэйдэннибит. 2. Дьэбдьиэй сиэннэрин к³р³рµттэн кырдьарын да умнан сылдьар. 3. Са²а спортивнай комплекс тутуллубутуттан µ³рэбит эрэ. 4. Айдаар кыра бырааттаммытыттан сµргэтэ к³т³±µллэн сылдьар. 5. Саргы ситэ µ³рэммэтэ±иттэн кыбыстан са²ата суох олордо.
Ситим тылы туттуу
102 №. Уонна ситим тылы атын ньыманан солбуйан аа±ы². Этии ис хо´ооно, истиилэ хайдах уларыйарын эти².
Бол±ойу²! Саха т³рµт тылыгар уонна ситим тылы солбуйар араас ньыма баар. Билигин ол ньыма умнуллан уонна ситим тылы кыбытар µгэс олохсуйда.
Запятой: 1. £бµгэ сырдык уонна µтµ³ µгэ´ин умнума². 2. Бу бэртээхэй уонна сонун кµрэхтэ´ии кэлин да сал±ана турдун. 3. Кµн Куйаарыма µтµ³ уонна кµµстээх санаата. 4. Бµ³р – ис уорган µлэтигэр барытыгар наадалаах уонна ту´алаах.
Дефис: 1. Эйигин т³р³³бµт кµ²²µнэн итиитик уонна исти²ник э±эрдэлиибин. 2. ¥³рэ±и уонна билиини билигин ыраата барбакка дьиэ±итигэр олорон ылыахха с³п. 3. Дэ² уонна о´ол тахсыбатын ту´угар т³р³ппµттэр о±олоргутун сэрэти². 4. Айанньыттар ха´ан уонна ханна сылдьыбыттарын ту´унан кµннµктэригэр бэлиэтээбиттэрэ баар.
Сы´ыат туохтуур: 1. Та²ара бу алдьархайы барытын к³рбµт уонна ыты кыраабыт. 2. Мин на´аа хомойдум уонна ³³р да ³р ытаатым. 3. Быйыл саас кэмигэр ардаата уонна от бэркэ µµннэ. 4. Дьон ис туругун кумаа±ынан кырыйан та´аарабын уонна кэпсиибини, алгыыбын.
Да-да эбиискэ: 1. Аныгы о±олор омук тылынан аа±аллар уонна кэпсэтэллэр. 2. Арыгы ки´и доруобуйатын айгыратар уонна алдьатар. 3. Эбэм сµрэ±э уонна курта±а ыалдьар. 4. Уол ону ³сс³ билэ илик уонна билэр да кыа±а суох.
Кытта дь³´µ³л: 1. Маайа уонна Даайа тугу кэпсэттилэр? 2. Ийэ уонна о±о сынньанарыгар туспа хос арыллыбыт. 3. Литература уонна олох быстыспат ситимнээхтэр. 4. Хабырыыс уонна Ньукулай от мунньа киирдилэр.
-лаах сы´ыарыы: 1. Былыр куобах уонна сылгы бырааттыылара эбитэ µ´µ. 2. Кыыс уонна уол сы´ыана улам кµµ´µрэн испит. 3. Эбээ уонна сиэн икки ардыгар уйан ситим баар эбит. 4. Саасчаана уонна Сардаана эт саастыы кыргыттар.
-лыын сы´ыарыы: 1. Ол киэ´э Кµннэй уонна Дьулус киинэ±э барбыттара. 2. Тµ´ээтэхпинэ таайым бокуонньук уонна кини кэргэнэ от мунньа сылдьаллар. 3. Сэрии бµппµт сура±ын истэн, кырдьа±астар уонна эдэрдэр бары µ³рбµттэр. 4. Миэхэ улаханнык ыалдьыбыт кыыс уонна ийэ киирэн кэлбиттэрэ.
Икки-икки эбиискэ: 1. Арай биирдэ тайах уонна кутуйах м³ккµспµттэр. 2. Ытыыр уонна кµлэр а±ас-балыс. 3. Ыраах сир уонна халлаан ыпсыытыгар £лµ³нэ ³рµс кэтит лиэнтэтэ субуллар.
103 №. Этии ис хо´оонунан к³р³н, уонна ситим тылы атын ньыманан солбуйан суруйу².
1. Тайахтаах уонна баттыктаах имбэлииттэр уонна кырдьа±астар тµмсµµ буолар сиригэр кэлбиттэр. 2. Биллэриигэ пааспардаах уонна дастабырыанньалаах кэли² диэн суруллубут. 3. Государство сµрµн сыала уонна соруга норуот материальнай уйгутун уонна духовнай сайдыытын хааччыйыы буолар. 4. Уолаттары уонна кыргыттары ку´а±антан уонна сиэрэ суох бы´ыыттан харыстыахха. 5. О±о быраабын к³мµскµµр программа о²о´улунна уонна олоххо киирэн эрэр. 6. Мин уонна кэргэним олус чэйимсэхпит. 7. Эти уонна хааны чэбдигирдэ таарыйа баанньыкка сылдьыахха. 8. Бу бы´ылаантан ыла а±а уонна уол сы´ыаннара биллэ уустугурбута.