Боппуруос. Олоҥхо –норуот ыччатын айыы тыынныыр кыһата
Саха итэ5элин, сиэри-туому, үгэһи билиһиннэриигэ олоҥхо олук буолар. Үс дойду, аал луук мас, үс кут, киһи уонна олох, ытык сирдэр, сырдык хараҥа күүс, ытык кыыл, көтөр, таҥха, бэйэни харыстаныы, ойуун, ыал буолуу, - олоҥхо муудараһа.
Төрүт култуураны олоҥхонон үөрэтии программа автора Г.С. Попова.
Бастатан туран, олоҥхо - норуот өлбөт өйүн, олох мындырын, философиятын кэрэһэлиир улуу айыыта.
Норуот аан дойдуну, айылҕаны, олоҕу, киһини чинчийиитин биир сүдү көстүүтүнэн былырбылыргыттан кини эпическэй айымньыларын ааттыыллар. Саха оннук айымньытынан бүтүн киһи-аймах улуу мөккүөрүн, үтүө уонна мөкү күрэстэ иитин уус-ураннык хоһуйар олоҥхото буолар.
Үтүө уонна мөкү, дьол уонна сор, кэрэ уонна бүрэ, төрүүһүн уонна өлүү о.д.а. – бүтүн аан дойду норуоттарыгар баар сүдү мөккүөрдэринэн, олоҕу хамнатар күүстэринэн буолаллара биллэр.
Киһи-аймах үйэлэр тухары сүппэт-оспот үтүө сиэрин-майгытын, олох туһугар туруулаһан охсуһуу наадатын, эр санааланыы күүһүн, кэрэ, үтүө быһыы-майгы үйэлээһин, киһи олоҕо бүтүн норуотун олоҕор суолталааҕын олоҥхо философията кэрэһэлиир.
Олоҥхо – норуот үөрэтэр-иитэр түҥ былыргы мэҥэтэ.
Акулина Серафимовна Попова «Олоҥхо киэҥкиэлитигэр» үлэтигэр бэлиэтиирин курдук: "Саха дьонугар "айыы киһитэ аһыныгас, күн киһитэ көмүскэс" диэн өйдөбүл баар, ол эбэтэр "аһыныгас" киһи өйө-санаата, сиэрэ-майгыта үрдүк таһымнаах. Оттон "көмүскэс" киһи бэйэтин да, атын дьону да көмүскүүр кыахтаах, эбэтэр өй-санаа, күүс-уох өттүнэн да эмиэ ситэ сайдыылаах буолуохтаах. Онон саха киһитэ толору сайдыылаах (гармоничноразвитый) киһи буолан, айыы киһитэ, эбэтэр сайдыы үрдүкү чыпчаалыгар – айар дьоҕурга тиийбит киһи (творческая личность) буолар. Саха киһитэ олоҥхоттон уһуйуллан оннук муҥутуур чыпчаалга тиийэрэ".[5, с.120].
Буүлэ ис хоһоонун, тутулун кэпсиибит.
Олоҥхо – айар айыы күүс кэрэһитэ. Олоҥхо уус-уран тыл, өҥ-дьүһүн, ырыа, музыка, театр, биир кэлим түмүллүбүт, сиппит-хоппут искусство улуу көстүүтэ. Ол иһин кини норуот айар талааныгар өлбөт мэҥэ уутун курдук өрүү тыын угар.
Олоҥхо педагогиката
Олоҥхо педагогиката диэн өйдөбүлү аан маҥнай Россия айымньылаах педагогикатын Академиятын академига, норуот педагогикатын Ороһутааҕы музейын төрүттээччи Константин Спиридонович Чиряев киллэрбитэ. Олоҥхо үөрэтэр, иитэр өттүн үрдүктүк сыаналаан маннык суруйбута: «Олоҥхо иитэр, үөрэтэр суолтатынан педагогическай энциклопедияҕа холоонноох… Олоҥхо киhи өйүн-санаатын сайыннарара, дириҥэтэрэ, атыннык эттэххэ, үөрэтэрэ, педагогическай функцияны ырааҕынан толороро диэн эмиэ баар эбит».
Саха бастакы этнопедагога Виктор Федорович Афанасьев саха оҕону иитэр ньыматын киэҥник ырытар үлэлэригэр олоҥхоҕо сигэммитэ үгүс.
Олоҥхо норуот педагогикатын сүрүн өйдөбүлүн, тутулун, тиһигин түмэр. Онон олоҥхону сиһилии үөрэтии, чинчийии оҕону олоххо бэлэмнээн киһи гына иитэргэ кыаҕы биэрэр.
2004 сыллаахха «Олоҥхо педагогиката» Концепция барыта оҥоһуллубута. Бу концепция олоҥхо сүрүн идеятыгар олоҕуран, норуот педагогикатын араас ньыматынан туһанан саха оҕотун билиҥҥи уларыйа турар быһыыга-майгыга олоххо бэлэмнээх киһилии киһини иитэр кыһалҕа тирээбитинэн быһаарыллар.
Концепцияҕа олоҥхо сүрүн идиэйэтин оҕо иитиитигэр маннык хайысханан туһаныахха сөбө ыйыллар: 1) Көрдөрүү. Олоҥхоҕо сыһыаннаах ойуу-бичик, араас оҥоһук, туттар тэрил, мал-сал – барыта көрдөрүүгэ турар, онон оҕону тулалыыр эйгэ олохсуйар. Олоҥхону толорон көрдөрүү. 2) Алтыһыы. Олоҥхо сүрүн өйүн-санаатын, тылын-өһүн кытта алтыһыы саха ыйдарынан үлэҕэ сылыбыһа барар. Оҕо көрбүтүн, алтыспытын түмүгэр бэйэтэ тутан-хабан оҥорорго үөрэнэр. Оҕо айылҕаҕа үгүстүк сылдьан, айылҕалыын алтыһар. 3) Уһуйуу. Уһуйуу суолтата улахан, ньымата элбэх, араас. Уһуйуу 4 хайысханан сайдар: өйгө-санааҕа, кэрэҕэ, дьоҕурга-идэҕэ, эти-хааны эрчийиигэ. 4) Такайыы. Толкуйу тобуларга, дьоҕуру, ньыманы үөскэтэргэ такайыы көдьүүстээх. 5) Сайыннарыы. Оҕо өйдүүр дьоҕурун сайыннаран, истибитин иҥэринэр, өйүгэр тутар, хатыыр; толкуйун сайыннаран кэтээн көрөр, чинчийэр таґымҥа тахсар.
Төрүт омуктар оскуолаларын чинчийэр институт 2004 сылтан оҕолорго, төрөппүттэргэ, учууталларга, иитээччилэргэ аналлаах «Олоҥхо педагогиката» диэн серияны, кинигэни таһаарда. Манна утумнаахтык үлэлиир иитээччилэр уопуттара киэң сэҥээриини ылар. Бу үлэни ТООЧИ сүоүннүүр научнай үлэґитэ, п.н.к. Екатерина Петровна Чехордуна уоннаф.н.к. Нина Игнатьевна Филиппова салайаллар.
Олоҥхону үөрэтии методиката. Нина Игнатьевна Филиппова (1980).
Онон, норуот тылынан уус-уран айымньытын чыпчаалынан буолбут олоҥхо - дьон-сэргэ, ыччат дьоҕурун, талаанын арыйар, өй-санаа угар, айымньылаах үлэҕэ кынаттыыр сүдү айыы. Олоҥхо аҕыс уон аҕыс хаттыгастаах, тоҕус уон тоҕус кииллээх дьикти дириҥ норуот өйүн-санаатын баайа. Кинини араас өттүттэн чинчийии, ырытыы, норуокка тиэрдии соруга турар. Чинчийээччилэр олоҥхо киэҥ киэлитигэр киирэн, мындырын, сэһэнин ырыҥалаан, өйдөрүгэр-сүрэхтэригэр тургутан көрдөхтөрүнэ эрэ, ис дьиҥин, номоҕун, күүһүн, кыаҕын арыйарга суол үктүөхтэрэ.
Бастатан туран, ханнык баҕарар омук ыччатын иитэригэр, сайыннарарыгар норуот тылынан уус-уран айымньыта быһаарар суолталааҕын болҕомтоҕо ылыы – үөрэтии-иитии сүрүн соругун быһыытынан туруоруу олохтоох.
Иккиһинэн, олоҥхо киһи тылын, толкуйдуур, анаарар, ырытар кыахтарын сайыннарыыга айылҕаттан бэриллибит ийэ тыыны илдьэ сылдьарынан тугунан да солбуллубат улуу күүс буоларын төрөппүт, иитээччи, учуутал хайаатар да ураты болҕомтоҕо ылара эрэйиллэр.
Үсүһүнэн, олоҥхону оҕону иитии, сайыннарыы киинин быһыытынан туһаныы – эйгэни үөскэтии.