Ii. төрүт өй-санаа мындырын ыччакка тириэрдии
2.1. Норуот төрүт өйө-санаата ыччатын угуттуур үөрэҕэ.
2.2. Киһи уонна айылҕа быстыспат ситим (олоҥхо киэптээх уруок).
2.3. Саха сирин ытык кэрэ сирдэрэ (искусство предметтэрин алтыһыннарыы уруок).
2.3.Төрдү-ууһу билии – туруктаах буолуу төрдө (чинчийэр уруок).
2.5. Амма ааттаах аартыктарынан айан (экспедиция уруок).
2.1.Саха норуота бэйэтэ омук быһыытынан атын омуктартан уратылаах. Ол курдук киһи күннээҕи олоҕун-дьаһаҕын эрэ буолбакка, тулалыыр эйгэни, аан дойдуну анаарар куйаардыы хабааннаах, айылҕаны кытта быстыспат сибээстээх философскай көрүүлээх.
Р.И. Бравина бэлиэтииринэн былыргы саха аныгылыы эттэххэ, мифоэкологическай өйүнэн-санаанан салайтаран, олоҕун оҥосторо, төлкөтүн түстүүрэ.
Саха философскай өйө-санаата киһи уйулҕатын, ис күүһүн чопчулуур кут-сүр-тыын диэн, киһи орто дойдуга аналын, олоҕун быһаарар, оҥоһуу-төлкө-дьылҕа диэн киһи тулалыыр эйгэни, аан дойдуну, киһи аймаҕы кытта дьүөрэлэһиитин көрдөрөр уустук өйдөбүллэри ситимниир, наардыыр.
Ханнык баҕарар норуот бэйэтин төрүт сиэригэр-туомугар, үгэһигэр тирэҕирэн, онтон күүс ылан, омук быһыытынан сайдар, уратыланар.
Баары атынынан солбуйуу – саҥаны киллэрии (новаторство) буолбат. Саҥа эргэттэн (урут баартан) төрүүр, эргэ саҥардыллыыта (саҥаттан тиллиитэ) новаторство диэн – ол буолар. Сайдыы төрдө – төрүт үгэс ол аатырар.
Тыһыынчанан сыллары тыынан – олорон кэлбит омук өйө (муудараһа), тыла (талаана) бэйэтин иһигэр бүтүннүү тилиннэҕинэ, былыргы – аныгы саха диэн өйдөбүл суох буолуоҕа: соҕотох (биир) былыргы өйдөөх араарыллыбат аныгы саха омук диэн үөскээн-үөдүйэн кэлбит үөрүйэҕинэн туспа омук баар буолуоҕа. Кини олоҕу (киһини) өйдөөһүнэ (көрүүтэ, истиитэ, анаарыыта) атыттартан быдан ураты буолуоҕа. Уопсайынан да, норуот бүттүүн духуобунай баайа (былыргыта уонна аныгыта) урут да, билигин да күннээҕи олоҕор холбуу бааллан, үөскүү-үөдүйэ турар… (ВНП)
Бастатан туран, олоҥхо - норуот өлбөт өйүн, олох мындырын, философиятын кэрэһэлиир улуу айыыта. норуот аан дойдуну, айылҕаны, олоҕу, киһини чинчийиитин биир сүдү көстүүтүнэн былыр былыргыттан кини эпическэй айымньыларын ааттыыллар. Саха оннук айымньытынан бүтүн киһи-аймах улуу мөккүөрүн, үтүө уонна мөкү күрэстэһиитин уус-ураннык хоһуйар олоҥхото буолар. Саха итэ5элин, сиэри-туому, үгэһи билиһиннэриигэ олоҥхо олук буолар. Үс дойду, аал луук мас, үс кут, киһи уонна олох, ытык сирдэр, сырдык хараҥа күүс, ытык кыыл, көтөр, таҥха, бэйэни харыстаныы, ойуун, ыал буолуу, - олоҥхо муудараһа. Үтүө уонна мөкү, дьол уонна сор, кэрэ уонна бүрэ, төрөөһүн уонна өлүү о.д.а. – бүтүн аан дойду норуоттарыгар баар сүдү мөккүөрдэринэн, олоҕу хамнатар күүстэринэн буолаллара биллэр.
Киһи-аймах үйэлэр тухары сүппэт-оспот үтүө сиэрин-майгытын, олох туһугар туруулаһан охсуһуу наадатын, эр санааланыы күүһүн, кэрэ, үтүө быһыы-майгы үйэлээҕин, киһи олоҥхо бүтүн норуотун олоҕор суолталааҕын олоҥхо философията кэрэһэлиир.
Акулина Серафимовна Попова «Олоҥхо киэҥ киэлитигэр» үлэтигэр бэлиэтиирин курдук: "Саха дьонугар "айыы киһитэ аһыныгас, күн киһитэ көмүскэс" диэн өйдөбүл баар, ол эбэтэр "аһыныгас" киһи өйө-санаата, сиэрэ-майгыта үрдүк таһымнаах. Оттон "көмүскэс" киһи бэйэтин да, атын дьону да көмүскүүр кыахтаах, эбэтэр өй-санаа, күүс-уох өттүнэн да эмиэ ситэ сайдыылаах буолуохтаах. Онон саха киһитэ толору сайдыылаах (гармонично развитый) киһи буолан, айыы киһитэ, эбэтэр сайдыы үрдүкү чыпчаалыгар - айар дьоҕурга тиийбит киһи (творческая личность) буолар. Саха киһитэ олоҥхоттон уһуйуллан оннук муҥутуур чыпчаалга тиийэрэ".[5, с.120].
Айыы үөрэҕин сэһэнньитэ Л.А. Афанасьев-Тэрис: «Саха өйдүүрүнэн, киһи да, айыы киһитэ да биирдэр, ол аата киһи айыылартан төрүттээх. Айыылар диэн аан дойдуну оҥорбут, айа-тута, үөскэтэ турар күүстэр. Онон саха киһитэ киһи төрүөҕүттэн үтүө күүстэртэн төрүттээх диэн итэҕэйэр. Бу саха менталитетын саамай төрдө буолар» - диэн суруйар. Бу кылгас гынан баран олус дириҥ ис хоһоонноох олох сэһэнэ.
«Бүтүн оҥоруу» үөрэх программатын автора И.Г. Баишев бэлиэтиирнэн, биһиги үөрэхпит соруга биир – киһи үтүө сырдык күүс (Айыы күүһэ) кыайарыгар итэҕэллээх, бэйэтин дьоллоох дьылҕатыгар эрэллээх буоларын ситиһэн, киһи бэйэтин күөртэнэн, сайдан, кыаҕыран, барҕаран иһэригэр тиэрдии. «Сиэр-туом, үгэстэр» салаасүнньүнэн оҕону духуобунастыыр, бэйэтигэр эрэллиир, үчүгэй үрдээһинигэр итэҕэллиир хайысхалаах. Онон учуутал оҕоҕо духуобунас үөскээһинин салайар. Үөрэтии кылаана онно туһаайыллар.
Хас биирдии омукка өбүгэ муспут баайыгар-дуолугар, өйүгэр-санаатыгар кыттыһар соҕотох ньыма баар. Ол норуот тылын-өһүн, сиэрин-майгытын, үгэһин, итэҕэлин, уус-уран айымньытын үөрэтии-билии, өйдүү сатааһын, олоххо туһаныы. Билиҥҥи уларыйыы кэмигэр, үөрэхтээһин саҥа ирдэбилэ олоххо киирэр кэмигэр араас ньыманы туһанан ити айымньылар ис дьиҥнэрэ тугу кэпсиирин быһаара сатааһын, киһи олоҕор туох аналлааҕын дьоҥҥо тиэрдии наука тирээн турар соруга буолар.
Билигин өбүгэлэр үгэстэригэр, төрүт культураны үөрэтиигэ саҥалыы сыһыан саҕаланыахтаах. Ол курдук, урукку өттүгэр культура үөскээбит кэмин историята үөрэтиллибит эбит буоллаҕына, билигин төрүт культура ис тутулун чинчийэн, ырытан көрүү, наардааһын бара турарын бэлиэтиэххэ сөп. Холобурдаан эттэххэ, биһиги ученайдарбыт сахалар киһи быһыытынан бэйэлэрин билиниилэрин күүскэ сырдаталлар, маны сэргэ илиҥҥи, арҕааҥҥы философскай көрүүлэри кытта тэҥнээн, алтыһыннаран көрүү оҥоһуллар. Итиннэ олоҕуран төрүт культура предметигэр үөрэтиллэр өйдөбүллэр философскай төрүт өйү-санааны илдьэ сылдьаллар. 2009 с. ылыныллыбыт «Россия гражданинын личноґын сиэрин-майгытын сайыннарыы уонна иитии концепцията» федеральнай государственнай үөрэх стандартарын методологическай тірµтµнэн буолар.
Концепция сүрүн национальнай ытык өйдөбүллэригэр тирэҕирэн ыччакка норуот култууратын билиһиннэриигэ маннык төрүттэри тутуһуохха сөп.