Да±аа´ын ааты туттуу
Да±аа´ын аат истиил аайы тус-туспа суолталаах туттуллар. Саха тылыгар да±аа´ын аат аат тылтан (-лаах, -таа±ы, -мсах, -гы (-кы, -²ы)), да±аа´ынтан (-ты²ы, -тай, -лаах (-лаахай)) туохтууртан (-ыгас, - а±ас, -ыык, -ымтыа, -±ар, -с) экспрессивнэй-эмоциональнай дэгэттээх араас сы´ыарыынан уонна атта´ык ньыманан (ханыыла´ан: µтµ³-мааны ки´и, икки тыл ситиминэн: уот кы´ыл, хара саадьа±ай) µ³скµµр. Кыччатар уонна кµµ´µрдэр формалаах.
¥³скээбит да±аа´ын аат кэпсэтэр тылга уонна уус-уран истиилгэ туттуллар. Били²²и саха тылыгар нууччаттан киирии да±аа´ын аат µгµс. Холобур: государственнай, федеральнай, политическэй, химическэй, альтернативнай, медицинскэй о.д.а. Киирии да±аа´ын аат публицистика±а, дьыала, наука тылыгар µгµстµк к³ст³р. Маннык к³стµµ олус элбээтэ±инэ, бастакынан, уу сахалыы халыып µтµрµллэр, икки´инэн, тыл тылбаастаммакка хаалан, сахалыы дуу, нууччалыы дуу этилллибитэ ³йд³мм³т булкаас этии тахсан, саха тыла симэлийэр турукка киирэрэ ³с³ тµргэтиир.
Уустаан-ураннаан, хоґуйан-дьµґµйэн этэргэ да±ааґын аат суолтатын кµµґµрдэр этигэн ньымалары уус-уран истиилгэ, публицистика сорох жанрыгар туттуохха сіп.
№ | Да±аа´ын аат этигэн к³рµ²нэрэ | Холобур |
Ханыыласпыт да±аа´ын аат | к³рсµ³-сэмэй, талба-талыы, намыын-намчы | |
Хатыланар олохтоох да±аа´ын аат | µрдµк да µрдµк, нарыын-нарын, са²аттан са²а | |
Кµµ´µрдэр эбиискэлээх да±аа´ын аат | ып-ыраас, кµп-кµ³х, хабыс-хара²а, тобус-толору | |
Ураты сы´ыарыылаах да±аа´ын аат | эдэр+кээн, сайа±ас+тай, кэрэ+тиэн, µтµ³+кэн+нээхэй | |
Аттарыы халыыптаах да±аа´ын аат | к³м³р хара, туос ма²ан, син кыра, улахан ба±айы |
54 №. Этиини ситэрэн аа±ы².
1. (Аат) ки´и ата´а, (дьол) ки´и до±оро баар µ´µ. 2. Б³к³кµйэ тойонноох, (хаптай) хотуннаах, (сылаанньый) кийииттээх баар µ´µ. (Таабырын). 3. Уһун (ньалҕаар) баттаҕын имэриннэ. 4. Төһө даҕаны сааһа ырааттар, сытыы-хотуу (дабдый) (саҥа) киһи (АФ КК). 5. Миитэрэй диэн сып-сытыытык көрбүт (харах), (кэп-…) хаастаах, (лоппой, тур, сүүс), (толлой, уос), (сынтай) соҕус (көн, мурун), куруук мичээрдээбитинэн сылдьар (мотой) орто (уҥуох), 21 саастаах хара бараан уолчаан (НТ ТО). 6. Ар±а´ыгар сµгµтэлиир (анал) до±оччугуом, к³хсµлэригэр сµгµтэлиир к³лµйэхтиир к³к³тµ³м... 7. Кини (мадьай) атахтаах, кэтит сарыннаах, кылгас (лыхай) моойдоох, атыыр о±ус сµµ´µн тµµтµн курдук (будьуруй) баттахтаах, кэтит (кэ²ирии), хатырыктыйбыт (баллай) уостаах, кыламана суох (кыараа) харахтаах (ЭЭ КТ).
55 №. Да±аа´ын аакка предмет бэлиэтин кµµ´µрдэр халыыбы туттан, этиитэ толкуйдаа².
Бол±ойу²! Саха тылыгар предмет бэлиэтин ордук чорботорго тыл бастакы сµ´µ³±э эбэтэр тыл оло±о хатыланар. Холобур: Сып-сырдык уоттаах; чох хара харахтаах, ырыых-ыраах бардыбыт; кэрэттэн-кэрэ сарсыарда.
£² араа´ыгар: ма²ан, ара±ас, кµ³х, кы´ыл, хара.
Да±аа´ын аакка: т³гµрµк, са²а, чараас, сыгынньах, кµндµ, нарын.
56 №. Киирии да±аа´ын ааты сахатыты².
1. Ипотечнай кредитование быры´ыана олус µрдµк буолан, эдэр дьон ону ту´анар кыа±а лаппа кыра. 2. Воспитательнай µлэ±э проректордаабыта. 3. Острай китайскай бµлµµдэлэри а´ыыбын. 4. Бу иннинэ олохтоохторго харса суох пиратскай диискэлэринэн эргинэ олорбуттар. 5. «Ааптарскай быраабы» кэ´ии диэн 2№-дээх ыстатыйа±а 146 ХК РФ оло±уран, сууттуур бырааптаах. 6. Асфальтнай-бетоннай завод сваялара тµспµттэрэ. 7. Гормональнай таблеткалар ки´и организмыгар дьайар кµµстэрэ улахан. 8. Газированнай утахтары биирдэ эмит и´эбит.
57 №. Ордук да±аа´ын ааты к³±µрэти².
1. Музыкальнай хабааннаах биэрии буолан, артыыстары ы²ыран устуудьуйа±а кэпсэтэбит, ырыаларын истэбит. 2. Дьи²нээх эр ки´и бэйэтин хайдах к³рµнµ³хтээ±ий? 3. У´ун кэмнээх ардахтар тураннар, отчуттар улахан кы´ал±алары к³рµстµлэр. 4. Кэрэни кэрэ´элиир дьикти айылгылаах дьиэ кэргэн. 5. Турнир аан дойду чемпионатыттан итэ±э´э суох киэ² далаа´ыннаах, µрдµк та´ымнаах улахан кµрэхтэ´ии буоларын толору дакаастаата. 6. ¥гµс ³ттµгэр са²а дьиэ аварийнай туруктаах дьиэ оннугар тутуллар. 7. Саха сиригэр бµ³р ыары´ах дьон ахсаана а±ыйах буолбатах.
58 №. Аат туохтуур бы´аарыыны атын халыыбынан солбуйан аа±ы².
Бол±ойу²! Били²²и саха тылыгар этиигэ да±аа´ын аат бы´аарыыны аат туохтуур солбуйар буолла. Холобур: А´ыллыбыт аанынан сµ³´µ киирбит. – А´а±ас аанынан сµ³´µ киирбит.
1. То²оруллубут кµ³рчэх олус минньигэс. 2. К³бµ³р о²орорго сылытыллыбыт µµт наада. 3. Опыт о²орорго токурутуллубут ³стµ³кµлэ туруупканы ылабыт. 4. Сиэдэрэйдик симэммит 12 ба±ананы туруоран эргиппиттэр. 5. О±олор киэргэтиллибит харыйа тула хаамса сылдьан ырыа ыллыыллар. 6. Сэргэ±э ы²ыырдаммыт ат то²он чо²куйан турар. 7. Ы²ырыллыбыт ыалдьыттар бары кэлбиттэр. 8. Сэдэх ма´ынан тулаламмыт кыра б³´µ³лэк.
59 №. Аат тылы да±аа´ын аатынан солбуйан суруйу². Холобур: Тыас араа´ын истэр. – Араас тыа´ы истэр.
I. 1. Кµн-дьыл ыарахаттара маннык чинчийиилэри о²орорго мэ´эйдииллэр. 2. Оло²хо саха ыччатыгар, кэлэр кэнчээригэ суолтата улахан. 3. Кыл сэлээппэ к³стµµтэ нарын, о²о´уута ураты. 4. Ба´ыкка мас хайдыбытын курдук к³н³, о±олуу ³с киирбэх этэ. 5. Дохсун сµµрµк кµµ´э о²очону биэрэккэ с³р³³бµтэ. 6. Куоста му²наах дуу´ата уйан, санаата амарах этэ. 7. Онуоха ытыктыыр учууталым В.В.Скрябин-Идэлги ³²³т³, к³м³т³ улахан.
II. 1. Балык т³б³тµн ойо±о´унан икки улахан хара±а баар. 2. Балыктарга пааралыы лапчааннара бааллар. 3. Хара±а, таныыта т³б³тµн µ³´э ³ттµгэр баар. 4. Т³б³тµгэр баар былчы² балык сы²аа±ын, хайыытын хаппа±ын хамсатар.
60 №. Да±аа´ын аат кэпсиирэни булу². Биир ахсаа²²а туттан аа±ы².
1. Уулаах отон, моонньо±он, хапта±ас утахтара ордуктар. 2. Ханнык ба±арар сок к³рµ²нэрэ ту´алаахтар. 3. К³т³х эт, фасоль, горох В группа витаминнара элбэхтэр. 4. Саас витамин тиийбэт кэмигэр ки´и у²уо±а кытаатарыгар кальций, магний элеменнэрэ наадалаахтар. 5. Импортнай косметика сайдыбыт µйэтигэр бэйэни к³рµнµµ араас препараттара атыыга дэлэгэйдэр. 6. Интернет форумнара о±о бэйэтигэр эрэллээх буоларыгар улахан к³м³л³³хт³р.
61 №. Этиигэ да±аа´ын аат миэстэтин ис хо´оонуттан с³пк³ булан туруору². Холобур: Оспот сµрэх баа´а (Неизлечимая рана) – Сµрэх оспот баа´а; Сырдык сааскы са±ах. – Сааскы сырдык са±ах.
1. Ханнык да атын сиргэ µµммэт кэрэ саха ланды´а. 2. Жатай б³´µ³лэгэр олохтоох балыы´а±а са²а бµ³рµ ыраастыыр отделение µ³рµµлээхтик а´ылынна. 3. Эргэ биэс мэндиэмэннээх дьиэ±э саамай µ³´э икки хостоох квартираны к³рд³рдµлэр. 4. Германия Лейпциг куоратын зоопаркатыгар хараллан турар икки ачыкылаах э´э тµµлэрэ барыта тононон тµстэ. 5. Ар±аа диэки хайа±а мас улахан вышка баара. 6. Кини к³м³тµнэн Москва±а мин бастакы нууччалыы тылбаастаммыт кинигэм тахсыбыта. 7. Маайа оройуон киинигэр а±ыйах ыйдаах сиэстэрэ куурсугар µ³рэнэ киирбитэ.
Ахсаан ааты туттуу
Ахсаан ааты уонна чыы´ыланы бэлиэтиир са²а чаа´а тµµр тылыгар барыта биир халыыптаах. Саха тылыгар ахсаан аат маннык араастаах: 1) т³´³ (биэс, уон, сµµс); 2) кэрискэ (бэ´ис, онус); 3) барыллаа´ын (биэс уонча, сµµсчэкэ); 4) µллэ´ик (биэстии, уоннуута); 5) хомуур (бэ´иэн, онуойах); 6) бытархай (биэс гыммыт µ´э, уон сыалай µс суотай); 7) чопчута суох ахсаан аат б³л³±³ (элбэх, µгµс, а±ыйах, сорох, хас да±аны, бары, балачча). [Саха били²²и тыла. Морполуогуйа. – Дьокуускай, 2009. – С. 86].
Ахсаан аат араас дьыала±а (отчуот, статистика, суот-учуот) эбэтэр архыып матырыйаалыгар элбэхтик туттулар.
Саха тылыгар ахсаан аат публицистика±а уонна уус-уран истиилгэ аа±ааччы бол±омтотун тардарга, ки´и иэйиитин у´угуннарарга анаан туттуллар. Холобур: М³лµйµ³нµнэн ки´и тыынын быспыт А±а дойду Улуу сэриитэ; Сµµ´µнэнлаампалар тырымна´а оонньууллар.
Публицистика±а (биллэриигэ, и´итиннэриигэ, репортажка, хроника±а) ахсаан аат чопчу информацияны биэрэргэ то±оостоох сиргэ туттуллуохтаах. Холобур: Кµн-дьыл туругун кэтээн к³р³³ччµлэр и´итиннэрэллэринэн, сарсын кµнµс 15 кыраадыс сылаас буолара кµµтµллэр. Тыал хотуттан 4-5 миэтэрэ тµргэннээхтик µрэр. Олус элбэх сыыппараны µрµт-µ³´э а±алыы истээччини сылатар.
Оттон уус-уран истиилгэ ахсаан ааты туттарга икки суол баарын µ³рэхтээхтэр бэлиэтииллэр: «В художественной речи четко определились два подхода к стилистическому освоению имени числительного: использование его в информативной и экспрессивной функциях» [Голуб И.Б. Стилистика русского языка. Изд. 4-ое. М, 2003. - С. 257].
62 №. Ахсаан ааты ситэрэн аа±ы². Фольклор айымньытыгар туох суолталаа±ын бы´аары².
Бол±ойу²! Норуот айымньытыгар итэ±эли кытта ситимнээх саха ытык ахсаана: 3, 7, 9 сыыппара элбэхтик туттуллар. Ахсаан аат фольклор тылыгар итэ±эли бэлиэтиирин тэ²э, дор±оону дьµ³рэлиир суолталаах. Маннык тµбэлтэ±э ахсаан аат экспрессивнэй дэгэти биэрэр. Холобур: биэс тарба±ын курдук билэр; сэттэ кыталык кыыс, то±ус туруйа уол; а±ыс айдаан, то±ус моргуор.
£с хо´оонугар: 1. О±ус тириитин … сµлбэттэр. 2. ¥тµ³ ки´и … тыллаах, µтµ³ ат … кымньыылаах. 3. Биир мэник сµтэрбитин … к³рсµ³ кыайан булбат. 4. Кыыс о±о тэллэ±эр … уоттаах.
Таабыры²²а: 1. Бай±ал тµгэ±эр … манньыат тимирэн сытар µ´µ. (¥ргэл). 2. … бырааттыы дьиэ-дьиэлэригэр киирсибэттэр µ´µ. (Дьыл кэмэ). 3. … уйалаах, … сымыыттаах, … лабаалаах, … туорахтаах Аал-Луук мас баар µ´µ. (Т³гµрµк сыл). 4. Ампаар и´игэр … куруппааскы сытар µ´µ. (Тиис)
Оло²хо±о: 1. … саха µ³скµµ илигинэ, … саха т³рµµ илигинэ, … саха бии´ии илигинэ… 2. … былас тохтор долгун су´уохтаах… 3. … былас дарайар сарыннаах, … былас биэкэйэр бииллээх, … былас µкэйэр ³ттµктээх… 4. … дьиэлийэр дьиибэлээх, … аа´а тµ´эр аптаах, … куота тµ´эр кубул±аттаах, дьолту туйгуна, абаа´ы атамаана олорор эбит.
Остуоруйа±а: 1. Биир сарсыарда туран … ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин алаас сы´ыыга ына±ын ыы барбыт. 2. … то±ойдоох сэлэни тиирбиттэр, … чуо±ур ма±ан кулуннарын чуо±уппуттар. 3. … кµнµстээх тµµнµ мэлдьи а´аабыттар-сиэбиттэр, оонньообуттар, кµлбµттэр, к³рµлээбиттэр.
63 №. Уустук ахсаан ааты с³пк³ аа±ы².
Бол±ойу²! Били²²и саха тылыгар холбуу этиллэр ахсаан ааты арааран этэр µгэс олохсуйда. Холобур, биллэриигэ: Билсэр тµлµпµ³²²µт [тµ³рт/уон/µс//сэттэ/уон/а±ыс//то±ус/уон/икки]. Тэ²н: [тµ³рдуонµс/ сэттуона±ыс/то±у´уоникки].
1. Бµгµ²²µ тµгэ²²э 40 итинник тµбэлтэ тахсыбытыттан 25-эр холуобунай дьыала к³рµллэ сылдьар. 2. АЛРОСА бюджет араас та´ымыгар киирэр нолуога бы´а холуйан 450.000.000 долларга тэ²нэ´эр. 3. ¥µт со±утуопката былырыын 3.519 тоннанан улааппыт. 4. Би´иги архыыпка балачча докумуону, 1938 сыллаах ха´ыаттар подшивкаларын, дакылааттары буллубут. 5. Ый устата с³²µµ 31-35 мм тµ´эр, кµн 25 мµн. у´уур. 6. 15 кµ²²э эмтэнэр, доруобуйаны к³нн³р³р турдар: Далянь: «Лотос» санаторий – 12.320 солк.; Удалянчи – 11.340 солк.; 7 кµннээх экскурсия: Харбин-Пекин – 11.620 солк. 7. Бу ыйга т³р³³бµт дьон 40-н аастахтарына, 63-75 саастарыгар тиийэ олоруохтарын с³п. 8. «Даймонд Парк» ы²ырар: Ленин проспегын 42-с дьиэтэ, 13-с офис. Билсэр т³л. 36-49-41, 40-43-61
64 №. Ахсаан аат араа´ын с³пк³ µ³скэтэн аа±ы². Туох ураты суолталаа±ын бы´аары².
1. Мунньах (10) са±аланар. 2. Бµгµн муус устар (1) кµнэ – сымыйалыыр кµн. 3. Эти киилэтин (250) ыллым. 4. Кыргыттар хосторугар (2) эрэ. 5. Эбэм (90) тахсыбыт ки´и. 6. Алааска (20-30) сµ³´µ мэччийэ сылдьар. 7. (4) быраактыка±а барбыттар. 8. (40,24) га оттуур ходу´алаахпыт. 9. Ыстакаан (4/1) ууга суурайа±ын.
65 №. Хас чаас буолбутун араастык эти².
12.00.; 18.30.; 13.15.; 16.45.; 00.00.; 14.00.; 11.25.
66 №. Ал±астаах этиини чочуйу².
I. 1. Балтым - µс саастаах кыыс о±о. 2. Э´эм о±онньор 80 саа´а буолбут кырдьа±ас. 3. Эн хас саастааххыный? – 21. 4. ¥с саастаах атыыр кунан айаатыы турар. 5. Бµгµн кулун тутар алта кµнэ. 6. Кыттааччылартан сµµмэрдэнэн-сµµмэрдэнэн икки эрэ ки´и хаалар. 7. Чооруостаах кµµдээх дьукаахтыы эбиттэр. 8. 26 заалга 50 дойдуттан 1600 кыттааччылар тыа ха´аайыстыбатын бородууксуйатын к³рд³рбµттэр. 9. Егор Борисов 17 №-ээх орто оскуола 5 «а» кылаа´ын µ³рэнээччитигэр персональнай компьютер туттарда. 10. Кини лиис а²арыгар «тµ³рткэ», «биэскэ» эрэ µ³рэнэрин ту´унан суруйбут.
II. 1. Улууспут Дархан о´уокай этээччилэрэ эр дьо²²о 13-тэр, дьахталларга 8-тар. 2. Сир шарыгар 80 дойдуга 110 национальнай кииннэр µлэлииллэр. 4. Сµµс тµ³рт сыалай биэс долгу²²а «Сахавикторияны» исти². Би´игинниин бииргэ буолу². 5. 710 ты´ыынча солкуобай суумалаах µп к³рµллµбµт. 6. Бүгүн алтынньы биэс күнүгэр опера уонна балет театрыгар эстрада сулустарын концера эһигини күүтэр. 7. 43-45-69, 43-65-78 телефоннар нµ³мэрдэригэр эрийэн билси². 8. Бүгүн Дьокуускай куораппытыгар 36 кыраадыс сылаас.
67 №. Ыстатыйа аатын бол±ойу². Тиэкис ис хо´оонунан сирдэтэн, ахсаан ааты публицистика±а туттуу туох стилистическэй суолталаа±ын бы´аары².
Бол±ойу²!Ахсаан ааты публицистика сорох жанрыгар туттуу тиэкис эмоциональнай кыа±ын кµµ´µрдэр, онон аа±ааччы бол±омтотун тардар суолталаах.
СУНТААРГА 1000 КИ¤ИЛЭЭХ Т¥¤¥ЛГЭ
Сунтаарга 60 сыллаа±ыта Улуу Кыайыы аан бастакы ы´ыа±ар оройуон µрдµнэн холкуостарга 428 биэ ыаммыт, кымыс и´эргэ анаан 6146 араас и´ит-хомуос туттуллубут, ы´ыахха барыта барыллаан 12413 ки´и сылдьыбыт. Оччотоо±уга оройуон нэ´илиэнньэтин ахсаана 13794 ки´и эбит. Ордук улахан кэпсэлгэ киирэр ы´ыахтар Элгээйи Угут Кµ³лµгэр, Тойбохойго, У´ун Кµ³л Уулаах Ата±ар буолбуттар. Холобура, Угут Кµ³л ы´ыа±ар ки´и с³±µ³н курдук 1000 чороон, 200 балхах, 60 ымыйа, 70 матаар, 30 са²а туос ыа±айа бэлэмнэммит. 60 биэ ыанан 3 тонна кымыс и´иллибит. Ы´ыахха 3000 ки´и кэлбит. Оттон Тойбохойго ас-µ³л хорчуоппа дэлэй эбит. Нэ´илиэктэринэн 11 сиргэ тµ³лбэлээн олорон кымыс ии´иитэ тэриллибит. Манна ыраахтан-чугастан атынан, к³л³н³н, сатыы оройуон 37 холкуо´ун дьоно кэлбит. Кэлин аар-саарга аатырбыт Сергей Зверев Ньурба театрыгар µлэлиир кэмигэр Ары²ах Арыылаа±ар эмиэ кэпсээ²²э киирэр, номох буола сылдьар ты´ыынча ки´илээх, т³гµрµк тµ³лбэ кµ³л са±а холобурдаах тµ´µлгэни т³рµттээн турардаах. («Кыым» ха´ыаттан. 16.06.2005. 11№).
68 №. Ына±ы, сылгыны саа´ынан арааран этэр саха тылын т³рµт µ³рµйэ±ин билэ±ит дуо?
69 №. Аат кэпсиирэлээх этиини туохтуур-кэпсиирэнэн уларытан, ситимнээх тиэкистэ о²ору².
1. Аата – Полина Протодьяконова. 2. Кини «Супер модель мира» куонкурус финали´а. СГУ филологическай факультетын нуучча тылын салаатын 2-с кууру´ун устудьуона. 3. Т³р³³бµт сирэ - ¥³´ээ Бµлµµ Быракааныта. 4. Биэс бииргэ т³р³³бµттэр. 5. Полина бастакы улахан о±о. 6. Сааһа – 20, зодиагын бэлиэтэ – охчут, үрдүгэ – 175, тµ³´µн, синньигэс биилин, самыытын кээмэйэ – 90-58-89, ыйааһына – 52 кг. («¥рдэл» сурунаалтан).
Туохтууру туттуу
Саха тылыгар туохтуур – саамай элбэх халыыптаах, киэ²ник туттуллар са²а чаа´а. [2] Ол ту´унан Лев Толстой: «Движение и его выражение – глагол – являются основой языка. Найти верный глагол для фразы – это значит дать движение фразе», - диэн суруйан турар.
Саха тылыгар туохтуур араас халыыба саамай элбэхтик кэпсэтии тылыгар уонна уус-уран истиилгэ туттуллар. Оттон дьыала уонна наука истиилэ ааттыыр айылгылаах буолан, олохсуйбут биир халыыптаах туохтуур туттуллар.
Саха тылын туохтуура нуучча тылын кытта тэ²ниир буоллахха, ту´аайыытын, киэбин, к³рµ²µн ахсаана элбэ±инэн уонна µ³скµµр ньыматынан лаппа баай.
13.1. Туохтуур араас халыыбын туттуу
Туохтуур ис хо´оонунан µс б³л³хх³ арахсар: 1) хайаа´ыны, туругу бэлиэтиир (бар, сµµр, сыт, ытаа, улаат, таптаа); 2) тыа´ы µтµктэр (лы²кынаа, лис-лис гын, даах диэ, бабыгыраа); 3) дьµ´µннµµр (баллай, сыллай, хапсы²наа).
Кэпсэтии тылыгар туохтуур бу µс к³рµ²э араас халыыпка уларыйан туттуллар: 1) к³рµ² (са±алыыр, у´уур, кылгыыр, тµмµктµµр, т³хт³рµтэр, тиэтэтэр); 2) киэп (кэпсиир, соруйар, сэрэтэр, болдьуур, бигэргэтэр, буолуон с³пт³³х, буола илик, µгэс); ту´аайыы (т³рµт, дьа´айар, бэйэни, холбуу); буолар-буолбат форма (бар/барыма); атаахтатар форма (бараахтаа); ханыылаан этии (барар-кэлэр), хо´улаан этии (к³р³-к³р³ к³рб³т³±³), эбиискэ араа´ын кытта (сылдьыбыттаа±а эбитэ µ´µ).
70 №. Туохтууру булу². Халыыбын бы´аары².
Бол±ойу²! Кэпсэтии тылыгар туохтуур хайаа´ыны бэлиэтиирин тэ²э, туох эмэ сыалы-соругу, нааданы сити´эргэ туттуллар. Холобур: Бала±антан балык туутун а±ала тарт. Бу холобурга хайаа´ын-туохтуур соруйар киэбэ, буолар формата са²арааччы истэр ки´иэхэ наадатын этэрин, ону кини толоруохтаа±ын бэлиэтиир. Хайаа´ын тµргэнник о²о´уллуохтаа±ын тиэтэтэр к³рµ² биэрэр.
1. - Маайа, барса±ын дуу, суох дуу? Иккиттэн биирин эт. – Баай кулуба а±абыт, хайыаххыный, ыал хамначчыта ки´ини кµтµ³тµм дииргиттэн саатан эрдэ±и²… Мин итинник а±аттан т³р³³бµппµттэн дьонтон саатыы´ыкпын… Таптыыр кэргэммиттэн, о±обуттан ханна да барбаппын! – Оччо±о би´игини ха´ан да дьонноохпун диир буолаайа±ын! – Суох, дьонноохпун диэм суо±а! (Н. Якутскай. «Т³лк³).
2. – До±оор, мин ыарыйдым ээ. Сатаан µлэлиэ суохпун. Дьиэбэр тахсыы´ыкпын. – Эн бу ыксалга кэлэн т³р³³н сµ³кэнээри сылдьыбыты² дуо. Ол-бу буолума! Оппутун бу и´эр ардах харыстыа дуо?! (Амма Аччыгыйа. «Сааскы кэм»)
3. – Хайдах эн к³рд³рб³ккµн? Оттон мин эйиэхэ к³рд³р³бµн дии. – Лээбиргии олорума. – Хайдах?.. К³рд³рсµ³х буолбуппут буолбат дуо? – Лээбиргээмэ диибин дии. – До±оттоор, эти´имэ² эрэ… Бэрээдэктээх дьон буолбат этигит дуо? (Кµндэ. «Хаарты´ыттар»).
13.2. Туохтуур к³рµ²µн туттуу
Саха тылыгар туохтуур ураты баай көрүҥнээх. Нуучча тылыгар туохтуур икки көрүҥүн (совершенный и несовершенный вид) араарар эбит буоллахтарына, саха тылыгар туохтуур алта көрүҥэ баарын бэлиэтииллэр. Онон көрүҥ категорията хайааһын хайдах быһыылаахтык оҥоһулларын (тэтимин, хатыланарын, быстаҕын, уһуурун, салҕанарын, түмүктэнэрин көрдөрөр.
Саха тылыгар туохтуур к³рµ²µн анаан чинчийбит Манчурина Л.Е. бэлиэтииринэн, туохтуур көрүҥэ урут буолан ааспыты «тилиннэрэн» көрдөрөр сэһэргиир истиил биир этигэн ньымата буолар.
Саха тылыгар көрүҥ икки ньыманан үөскүүр: сыһыарыы көмөтүнэн уонна икки тыл холбоһугунан (аттарыы ньыматынан). Сэдэхтик икки ньыма холбуу туттуллуон сөп [Филиппов Г.Г., Винокуров И.П. Саха тыла. Лексика. Фонетика. Морфология. – Дьокуускай, 1996. - С. 118].
арааһа | халыыба | суолтата |
Төхтүрүтэлиир | -ыалаа, -ыахтаа, -ыаккалаа, -таа, -талаа, -ыталаа, -ыгыраа, -дьыгынаа, хатылаан этии+гын, -гыр гын, -лдьый, -рдаа, -хаччый, -аахайдаа, -рый, -лый, -чый, хатылаан туттуу+гын | Хат-хат, үрүт үрдүгэр, утуу-субуу төхтөрүйэн буолар хайааһын |
Тиэтэтэр | -махтаа, -а оҕус, -а тарт | Тэтимнээхтик, түргэнник, күүскэ буолар хайааһын |
Саҕалыыр | -ан эр, -ан бар, -бытынан бар, -ан кэл, -ан тур | Саҥардыы саҕаланан эрэр хайааһын |
Уһуур | -таа, -ыытаа, -ылаа, -ынаа, -гыраа, -дьугураа, -дьугунаа, -аар, -аарый, -лаарый, -даарый, -аарайдаа, -аакайдаа, -ыҥнаа, -ан ис, -а/-ы тур, -а/-ы сырыт | Уһуннук биир күдьүс эбэтэр бытааннык уһуннук буолар хайааһын |
Кылгыыр | Биир тыас+диэ (гын) -с, -к, -х гын, -а/-ы түс, -а/-ыы оҕус, -ан эр, -ан ыл | Быстах, кылгас кэмҥэ соһуччу буолан бүтэр хайааһын |
Түмүктүүр | -ан кэбис, -ан хаал, -ан биэр | Хайааһын буолан бүппүт, түмүктэммит |
Көрүҥ халыыба тэтимнээх, эрчимнээх хайааһыны кыайа-хото тутан көрдөрөр, киһи хас хамсаныытын, санаабыт санаатын дэгэтин ситэри-хотору сиһилээн этэр буолан, хайааһыны ойуулуурга олус бэргэн чуолкай ньыма буолар [Ийэ тылбыт этигэн кэрэтэ. Анал та´аарыы 7 №-рэ. – Дьокуускай, 2002. - С. 22].
Төһөнөн элбэх көрүҥ халыыба сэргэстэһэ турар да, соччонон хайааһын ойуулуур кыаҕа, тэтимэ улаатан иһэр. Холобур, Далан “Тулаайах оҕо” романыгар икки-үс, түөрт сэдэхтик биэс тылга тиийэ сэргэстэһэ туруоран олус бэргэн, чаҕылхай хайааһыннары оҥорор эбит [Саха тыла: уус-уран истиил. Научнай ыстатыйа хомуурунньуга. 2-с та´аарыы. – Дьокуускай, 2006. - С. 39].
71 №. Туохтуур көрүҥүн быһаарыҥ. Биирдии тыл эбиллэн истэҕин аайы хамсаныы туох дэгэттэнэрин толкуйдааҥ.
Икки тыллаах көрүҥ халыыба: туран кэллэ, олоро түстэ, туора тэйдэ, баран хаалла, к³т³±³н тахсыбыта, көмөлөһөн барбыта.
Үс тыллаах көрүҥ халыыба: түрүтэ тардан ылбыта, супту одуулаан олороро, өрө хабылла түспүтэ.
Түөрт-биэс тыллаах көрүҥ халыыба: чиккэс гына тура эккирээбитэ, бэрикис гына олоро биэрбитэ, кылап гына көрөн ылбыта, лэс гына быһа ыстаммыта.
72 №. Кэрчиги болҕойон ааҕыҥ. Туохтуур ханнык көрүҥэ туттулларын быһаарыҥ. Тиэкис истиилигэр туох суолталааҕын толкуйдааҥ.
1. Ол сылдьан эмискэ Мэҥэ бэрдэ Лөкөө Модун утарсааччытыгар сыста түһээт, өттүгэр мииннэрэн өрө мөхтөрөн, быраҕан кууһуннарбыта. 2. Онуоха Бэрт Хара суҥ дүлүҥ курдук сулбу көтөн, мүччү түһэн биэрбитэ. 3. Бороҕоттор үөрэн уһуутаһа түспүттэрэ. 4. Дьон хаһыытыттан санаата көтөҕүллэн, Лөкөө Модун Бэрт Хараҕа сыбан киирэн, икки өттүнэн быраҕан кууһурҕаппыта. 5. Киһитэ сылбырҕатык, сыыдамнык аһара көтөн испитэ. 6. Ол сылдьан Бэрт Хара быччыҥ-быччыҥнара быыппаста түһээт, соҕотохто Лөкөө Модун икки атаҕын икки ардыттан – самаҕын туорайыттан баһан ылбыта, өрө ытыйан таһаараат, төбөтүн оройунан эһэн кэбиспитэ. 7. Онуоха киһитэ илиитэ-атаҕа адаарыйбытынан тиийэн, күөх кырыска ньиччи түспүтэ. (Далан. “Тыгын Дархан”).
73 №. 4-5-тии чилиэннээх көрүҥ халыыбын үөскэтиҥ. Хамсаныы тэтимин болҕойуҥ.
1. Киллэрэн иһэн, биир саллаат лаа луоһунан көхсүгэ (ас) Мотуоһа муостаҕа тиийэн “сар” (гын) дэлби (түс, талбаар, уҥ, сыт). 2. Тобулаарап пистолетын хаатыттан сулбу (тар, ыл, сүүр, тиий) Мотуоһа сүүһүгэр (тирээ, бар, ыххай) тоҕо (ыстан). (ЭЭ КО). 3. Ньоҕорук дэлби (ыстан, тур) да, көхөҕө (ыйаа, тур) көмүс эрдэһин уктаах кыл дөйбүүрү сулбу (тарт, ыл), кыл диэки өттүнэн (тут), Уйбаан Дууһаны угунан (сырбат). 4. Ньоҕорук Ньукулай (эргилин, көр, түс, бар), хаһааҥҥыттан эмэ өстөөҕүн көрбүт курдук, ыыстыйбыт араҕас хаана (дьэбидий, гын, түс). (ЭЭ УД). 5. ... оҕонньор арыгытын түөрэ (ис, кэбис, бар), аһыырҕатан ньамас (гын), сирэйин мырдыччы (тутун, тур) кыыска илии (тутус, сыбдый, кэл). 6. ... эмээхсин (тур), уот анньар маһы сулбу (тарт, ыл): “Чэ, таҕыс, таҕыс!” – диэн кэннинэн ааны (ас, таһаар, кэбис) (СҮө).
13.2.1. Төхтүрүтэлиир көрүҥ
74 №. Туохтуур (тыаһы үтүктэр тыл) олоҕуттан төхтүрүйэр көрүҥү үөскэтиҥ. Холобур: Кэнниттэн ытыалаан бачыр+±аппыттара да±аны, таппатахтара быһыылааҕа... (И ХХ)
1. Тыаллаах күҥҥэ буспут сэлиэһинэй, сатала суох улахан иһиттээх кыыймыт арыылыы, дохсун-дохсуннук (долгуй). 2. Кыра ньирэйдэрин моонньуларыттан кууһа-кууһа оҕо курдук (таптаа). 3. Остуол муннугар олорор аҕам киһи, хаҥас иэдэһин ибирдэтэ-ибирдэтэ саҥаран (добдуй). 4. Кини Гай сырдык күөх көстүүмүн, үрүҥ солко соруочукатын абарбыт курдук (көр). 5. Икки киһи атаҕын тыаһа ыраахха диэри (хоочур). 6. Оччоҕо дьон кэтэһэн көрөн баран, көхсүлэрин этитэ-этитэ үлэҕэ барардыы таҥнан (хачыгыраа). (Афанасий Фёдоров. “Күөх кырыс”).
13.2.2. Тиэтэтэр көрүҥ
75 №. Тиэтэтэр көрүҥү булуҥ. Хайдах үөскүүрүн бол±ойуҥ.
1. Холлой итиччэни истэн баран, хаана дьэ ситэ оргуйда, уҥуоҕа илибирэс буола түстэ. 2. Атыыр оҕус күрдьүөттээн баран, соҕотохто буута түрдэс гынаат, супту түһэрин курдук, күтүр өстөөх кыайан хаампатахха дылы хасхаҥныыр бэйэтэ, итиччэ үлүгэр хапсаҕайы хантан булан ылбыта эбитэ буолла, били икки ардыгар бурдугун сиксийэ турар сордооххо ойон кэлбитэ баар буола оҕуста. (Амма Аччыгыйа. “Балаҕан иһигэр”).
76 №. Тиэтэтэр көрүҥнээх туохтуур-кэпсиирэни ситэрэн ааҕыҥ. -махтаа, -бахтаа сыһыарыынан үөскэтэргитин умнумаҥ.
1. Наум Петрович бөппүрүөскэтин иҥсэлээхтик (обор). 2. Никонор улаханнык саҥарбытыттан сылайан өрүтэ (тыын). 3. Иван, сирэйэ чоххо баттаабыт курдук буолан, тарбаҕынан буору (хаһый). 4. Трактор киһитин санаатын өтө сэрэйэр курдук, суостаахтык дьигиһийэр, күүскэ (дьүккүй). 5. Онуоха суотчут симириктиирэ ордук хойдор, кубарыйбыт сонун сиэптэрин (хастын). 6. Всеволод Николаевич тохтуу түстэ, көхсүн этиттэ, уҥа ытыһынан сүүһүн (имэрин, ыл). (Софр. Д. СТТ). 7. Онтон икки кулгааҕа, мэктиэтигэр тыс-тыс тыаһаан ыла-ыла, бүрүтэ (ыл) хам (тутун, кэбис). (ЭЭ Х).
13.2.3. Кылгыыр көрүҥ
77 №. Кылгыыр көрүҥнээх холбуу кэпсиирэлээх этиини ситэрэн аа±ы².
1. Үүтээн хаҥас өттүгэр баар суорба таас кэннигэр туох эрэ ... (гын) (Д К). 2. Эмээхсин Сэмэнчик сигэммититтэн эргиллэн өрө имэрийэн баран, сыллаан ... (гын, ыл). 3. Атахтара уйбакка суол чигдитигэр ... (гын, олор, түс) (И ХХ). 4. Өстөөҕүн сирэйигэр силлээн ... (гын). 5. Ол аайы Иван Максимович, оройго оҕустарбыт оҕолуу ... (гын, түс). (НБ ДьККД). 6. – Манна... Кинилэр билбэт сирдээхтэр, (кэл, тарт). (ДТ ККХ).. 7. Эн мин уҥа өттүбэр чокуурдаах бинтиэпкэҕин туппутунан баар (буол, оҕус) (АФ У).
Туһан: барыс, лах, ньыкыс, пал, сык.
13.2.4. Саҕалыыр көрүҥ
78 №. Саҕалыыр көрүҥнээх этиини ситэрэн суруйу².
1. ... били маанылаах сиэн оҕолоро мэник харахтарын (дьэргэт, бык, кэл). 2. Хачыгыр көһүйбүт көхсүгэр тоттук оҕо сутуруга (битий, бар). 3. Онтон Хачыгыр харахтарыттан кыымнар (бырдаҥалаа, түс). 4. ... Бачыгыратар Баһылай, кыламмытынан ыстанан кэлэн, өрө көрө (түс, бар) хара быарга (тиҥилэхтээ, кэбис). 5. Хачыгыр иҥиир-ситиитэ (тарт, кэбис) өрө (тэй, түс) нусхас (гын). 6. Ыт буоллаҕына киһи мэйиитигэр хатаныах курдук сып-сытыытык (часкый, түс) баҕалыы, түөһүнэн (сыыл, хаал). (Эрилик Эристиин. “Хачыгыр”).
13.3. Туохтуур атаахтатар халыыбын туттуу
Саха тылыгар туохтуур олоҕор сыстар -аахтаа сыһыарыынан ньырамсытар эбэтэр атаахтатар суолталаах ураты халыып баар. Үөрэхтээхтэр бэлиэтииллэринэн, атаахтатар халыып диэн аатынан биллэр кыччатыы категорията субъегы намтата, кыратыта, сэнии сыаналыыр туохтуур биир ураты көстүүтэ буолар. Туохтуур бу категориятын дьиҥ ис хоһооно – саҥарар киһи субъекка сыһыанын көрдөрүү [Филиппов Г.Г., Винокуров И.П. Саха тыла. Лексика. Фонетика. Морфология. – Дьокуускай, 1996. - С. 124]. Н.Е. Петров бу сыһыарыыны саҥарааччы аһынар, таптыыр истиҥ иэйиитин эбэтэр күлүү-элэк гынар, сэниир, үгэргиир тус сыһыанын тириэрдэригэр туттарын туһунан бэлиэтиир [Петров Н.Е. Синтаксические средства выражения модальности в якутском языке. - Новосибирск, 1999. - С. 18].
79 №. Атаахтатар халыып кэрчик аайы туох дэгэттээх туттулларын бы´аары².
I. 1. – Уолум уһун муҥнаах! Мин этэрбин-үөрэтэрбин өйдөөн-дьүүллээн истээхтээбэтиҥ, барытын кулгааҕыҥ таһынан аһараахтаатыҥ (Д ТК). 2. Ол буор балыксыт кэргэнэ буолбут даҕаны диэхтээн… (Д ТД).
II. 1. Тулаайах кыысчаан муос кыыһын кууспутунан … утуйан хаалаахтаабыта. (Д ТО). 2. Орто уоллара утуйан хаалан бу астан матаахтаата. (А К).
III. 1. Сордоох да оһох буоллаҕыҥ эбээт! Эн курдук дьиикэй оһох бу куоракка суох ини. Быйыл эн абыраххыттан ордубат дьон буоллубут. Өрө ньолойоохтооҥҥун киси да бөҕөҕүн ээ! Эмиэ буруолаан чолойо сытыйаахтаабыккын дии! (Амма Аччыгыйа. «Эмээхситтэр»).
13.4. Туохтуур ту´аайыытын туттуу
80 №. Таблицанан сирдэтэн этиилэр истиилгэ туттуллар уратыларын тэ²нээн к³рµ². Бэйэ±ит са²а±ытын бол±ойу².
Сµрµн истиилгэ | Дьыала истиилигэр |
1991 сылга би´иги республикабытыгар Президент былаа´а | |
киирбитэ | киллэриллибитэ |
Быйыл Россияны кытта улахан суолталаах с³бµлэ´иигэ илии | |
баттаммыта | баттаныллыбыта |
Би´иги былааммытыгар µлэ´ит дьон интэриэ´э инники | |
турбута | туруоруллубута |
Ту´аммыт | Ту´аныллыбыт |
литература |
81 №. Аа±ы². Этии ту´аанын, кэпсиирэтин ыйы². Туохтуур ту´аайыытын уларыты².
Бол±ойу²! Саха тылын нуорматынан дьа´айар ту´аайыы ки´и эрэ о²орор хайаа´ыныгар туттуллар. Холобур: А±ам от о±устарар. Ийэм та²ас сууйтарар. Тыыммат барамай, ³йд³бµл ки´ини дьа´айара, салайара сатаммат. Оннук этии дьыала, наука истиилгэ туттуллар. Холобур: Президент тыла-³´³ дьону олус астыннарда. – Президент тылын-³´µн дьон олус астынна.
I. 1. Олбуорга фонтан баара ки´ини сµрдээ±ин сынньатар, уоскутар. 2. Наташа «Олох – дьикти бэлэх» диэн хо´оон кинигэтин бэчээттэтэн дьону с³хт³рбµтэ. 3. Ки´и анала, оло±ун суолун дири² ³йд³бµлэ кими ба±арар долгутар, кутун-сµрµн хамсатар. 4. Са²а оскуола µлэ±э киирбитэ олохтоохтору µ³ртэ. 5. В.В.Калашников этэн-тыынан истээччилэрин сэргэхситтэ.
II. 1. Быраа´ынньык к³р³-нара миигин долгутта. 2. Эн итинник майгы² би´игини дьиктиргэтэр. 3. ¥тµ³ µгэспит симэлийэн эрэрэ бэйэбитин да±аны хомотор. 4. Ыары´ах о±о т³рµµрэ элбээбитэ норуоту куттуур. 5. Итини сэргэ ки´ини дьиксиннэрэр да, хараа´ыннарар да сыыппаралар эмиэ тµмµлµннµлэр. 6. Дьиэ-уот т³л³бµрэ сылтан-сыл ахсын µрдµµ турара олохтоох дьону мунаахсытар.
82 №. Атынтан ту´аайыыны атын халыыбынан эбэтэр синоним тылынан солбуйан аа±ы². Холобур: Дьиэ бырайыага тупсарыллан и´эригэр саарбахтаа´ын суох. - … тупсан и´эрин саарбахтаабаппыт.
I. 1. Бюджет диэн туох ааттанылларый? 2. Дакылааччыт экономика та²нары тµ´µµтэ тохтотуллубатын ту´унан эттэ. 3. Хостонор баай балачча чаа´а кыраныысса та´ыгар та´аарыллар. 4. Харамай ахсаана ч³лµгэр тµ´эриллэн эрэр. 5. Ити барыта каарта±а киллэриллибит.
II. 1. Кураан сайын буолан гаттан 4-5 эрэ центнер хортуоппуй хомулунна. 2. Быйылгы µ³рэх дьылыгар саха бакылтыатыгар 75 о±о µ³рэххэ ылылынна. 3. ¥лэбит хас да хайысханан ыытыллар. 4. 250 араас омук хому´а быыстапка±а туруорулунна. 5. ¥бµлµ³йдээх сылга куораты к³±³рд³р ту´унан уураах ылылынна. (Ту´ан: к³´µннэ, та±ыста, хостонно, киирдэ, барар).
III. 1. Программа ис хо´ооно байытыллара эрэйиллэр. 2. Мин у´уйуллубут кы´ам а²ардас тылы эрэ µ³рэтэрэ. 3. О²о´уллубут паштеккытын нэлэгэр тэриэлкэ±э ууру². 4. Хаппыт сибэкки быра±ыллыыта саамай ку´а±ан. 5. Дьиэ сыаната судаарыстыба ³ттµттэн бы´аччы хонтуруолланыллыбат.
83 №. Аа±ы². Этиигэ атынтан ту´аайыы туохтуура т³´³ элбэхтэ туттулларын аа±ы². Хайдах и´иллэрин сыаналаа².
1. Туруоруллар боппуруостар син бы´аарыллаллар. 2. Ити µбµнэн ту´анан 1950 сµ³´µ турар миэстэлээх хотон тутулунна уонна са²ардыллан о²о´улунна. 3. 1980 с. бµтµµлэригэр и´эр ууну чинчийии ыытыллыбыта, салгыы ыраастаа´ын µлэтэ былааннаныллыбыта. 4. Ба´аары умуруорууга 8 ба´аарынай автоцистерна, 7 анал к³м³л³´³р техника ту´анылыннылар. 5. Управление µлэ´иттэрэ 450 кэри²э ахсааннаах албынынан о²о´уллубут DVD диискэлэри тутан суох о²ордулар. 6. XVIII µйэ±э чэй национальнай утах бы´ыытынан билиниллибитэ.
84 №. Тыа ха´аайыстыбатын министерствотын отчуотун аа±ы². Туохтуур атынтан ту´аайыытын 1 сирэй элбэх ахсаан халыыбынан (би´иги) солбуйу². Ханнык вариана ордугун бы´аары².
1. Национальнай бырайыак 2007 с. боруода сµ³´µнµ ³й³³´µн хайысханан эбиллэн биэрбитэ. 2. Ити сыалга федеральнай бюджет суотугар 20 м³л. солк. субсидия о²о´уллубута. 3. Онон сылгы уонна таба биирдии усулуобунай т³б³тµгэр 3000 солк., оттон атыыр о±уска 50 ты´. солк. ставка тиксибитэ. 4. Федеральнай µп 14 ха´аайыстыба±а µллэ´иллибитэ. 5. Республика бюджетыттан боруода сµ³´µнµ ³й³³´µн дьыалатыгар 81 м³л. солк. ыытыллыбыта. 6. Инньэ гынан 1200 т³б³ боруода эдэр ынах сµ³´µ эбиллибитэ. 7. Онон хонтуруолланар к³рд³рµµ сити´илиннэ. («Илгэ» сурунаалтан).
85 №. Нууччалыы этиини сахатытан суруйу².
Бол±ойу²! Нуучча тылыгар «возвратный глагол» уонна «страдательное причастие» диэн кинигэ истиилигэр тар±аммыт халыыбы сахалыы атынтан ту´аайыы о²орон туруору тылбаастыыллар. Туохтуур атынтан ту´аайыытын дьыала, наука тылыгар с³бµгэр к³р³н туттар с³п. Оттон к³нн³рµ са²а±а т³рµт ту´аайыы туттуллуохтаах. Холобур: На столе лежат книги, прочитанные мною. – Остуолга миигинэн аа±ыллыбыт кинигэлэр сыталлар. – Остуолга мин аахпыт кинигэлэрим сыталлар.
1. Хамыы´ыйанан о²о´уллубут тµмµгµ били´иннэрдэ. 2. Коммунальнай ха´аайыстыбаларынан о²о´уллар ³²³л³рг³ сыана µрдээтэ. 3. Э´иэхэ Президенинэн туох к³м³ о²о´улларый? 4. «Бичигинэн» та´аарыллыбыт кинигэ хаачыстыбата µчµгэй. 5. Уураах мунньа±ынан бигэргэтиллибитэ. 6. Контейнер промтоварынан симиллибит этэ. 7. Бу боппуруос Ил Тµмэнинэн ³й³н³р³ наада. 8. Ханнык да дьиэ государство структуратынан бы´ыллыбыт сыананан атыыланыахтаах.
13.5. Буолуохтаах хайаа´ын киэбин туттуу
Нуучча тылыгар киэ²ник туттуллар должен тыллаах холбуу кэпсиирэ тылбаа´ыттан саха тылыгар буолуохтаах хайаа´ын киэбэ тар±анна. Холобур: ыытыахтаах, ыытыллыахтаах, ыытыллыахтаахтар.
Буолуохтаах хайаа´ын киэбэ 1) суолтата олус бы´аччы, бирикээс курдук эрээри, ким о²ороро-тутара чуолкай биллибэт; 2) дуух-даах курдук маарынна´ар сµ´µ³х истэргэ ку´а±ан. Маннык халыып дьыала истиилигэр дьµ³рэ.
Буолуохтаах хайаа´ын киэбин сµрµн истиилгэ маннык халыыбынан солбуйуохха с³п.
· Толоруохха, толоруохха наада, толорор наада (бы´аччы этии);
· Толорор с³п, толоруон с³п, толоруохха с³п (сымнатан этии);
· Толоруохха с³п этэ, толоруохха да баара (сэ²ээрэн этии).
86 №. Аа±ы². Буолуохтаах хайаа´ын киэбэ хайдах и´иллэрин сыаналаа².
1. Урукку курдук ким эрэ этэрин, дьа´айарын кэтэ´эн олоруу уурайыахтаах. 2. Ол ту´угар туох сатабыл и²эриллиэхтээ±ий? 3. Эдэр ыалга элбэх дьиэ тутуллан и´иэхтээх дии саныыбын. 4. Нэ´илиэк инники сайдыытыгар улахан бол±омто кредитнэй кооперативка ууруллуохтаах. 5. Кулууппут быйыл ³р³мµ³ннэниэхтээх. 6. «Чурапчысельэнерго» тэрилтэтэ сырдатыы µлэтин ыытыахтаах. 7. Оччо±уна б³´µ³лэккэ Интернеккэ холбонуу тэнийиэхтээх.
Ту´ан: наада, тустаах, с³бµй, с³п, баара, этэ.
87 №. Буолуохтаах хайаа´ын киэбин кэлэр кэм халыыбынан солбуйан суруйу². Тиэкис ис хо´ооно, истиилэ уларыйда дуо?
1. Алдан ³рµс тас µ³´µгэр уста сылдьар платформа о²о´уллуохтаах. – о²о´уллуо±а. 2. Систиэмэ сµрµн турбата Чэриктэй-Дµпсµн гравийдаммыт суолун баты´ыахтаах. 3. Систиэмэ тутуутугар кутуллуохтаах гравий уонна кумах Алдан ³рµс биэрэгиттэн ылыллыахтаах. 4. Алдантан тахсар уу Мадьыгы сайылыкка о²о´уллуохтаах водохранилище±а кутуллуохтаах. 5. Ма²най утаа ол сиртэн ууну тµ³рт б³´µ³лэккэ та´ыллыахтаах. 6. Сайын турба тардан нэ´илиэнньэни хааччыйыллыахтаах. 7. Насоснай станция±а ууну ыраастыыр оборудованиелар та²ыллан туруоруллуохтаахтар. 8. Систиэмэ иккис уочарата киирдэ±инэ, ходу´а уонна мэччирэ² сирдэр нµ³лсµтµллµ³хтээхтэр.
13.6. Туохтуур кэпсиирэни туттуу
88 №. Нууччалыы тыл ситимин истиилгэ дьµ³рэлээн тылбаастаа².
Нууччалыы ситим | Туруору тылбаас (дьыала истиилэ) | Сүрүн истиил |
Задавать вопрос | Боппуруос биэрэр | Ыйытар |
Давать гарантию | ||
Продолжается разговор | ||
Идет выздоровление | ||
Оказывать помощь | ||
Идет подготовка специалистов | ||
Распространяется инфекционное заболевание | ||
Проявить интерес |
89 №. Сµрµн истиилгэ дьыала истиилэ букку´ар миэстэтин ыйы². К³нн³р³н суруйу².
1. ¥лэ тµмµгµн та´аарыы са±аланна. 2. Уоту туттууга сэрэхтээх буолу². 3. Табаарга мэктиэ уонна дьиэтигэр диэри босхо тириэрдии олохтонор. 4. Элбэх хай±ал, махтал тыллара этилиннилэр. 5. Нэ´илиэнньэни перепистээ´и²²э бэлэмнэнии µлэтэ ыытыллар. 6. Сайын дойдубар бара сылдьар ба±а санаалаахпын. 7. Ыттар са²а т³р³³бµт кулуну сиэ´иннэрэ элбэх. 8. Сµ³´µ кы´ы²²ы а´ылыгын бэлэмнээ´ин тэтимнээхтик барар.
Аат туохтууру туттуу
Аат туохтуур саха тылыгар араас формалаах, элбэх синтаксическай функциялаах, биир күүскэ сайдыбыт категория буолар. Билигин нуучча тылын сабыдыалынан аат туохтуур туттуллара өссө кэҥээн иһэрэ тута көстөр.
Аат туохтуур билиҥҥи уларыйыыта саха тылын байытар эрэ буолбатах. Аат туохтуур үгүс өттүгэр тыл атын грамматическай форматын солбуйар, үтүрүйэр. Ол түмүгэр тыл уһуур, этии өйдүүргэ ыарахан, истэргэ, саҥарарга олурҕа буолар, эстетиката мөлтүүр [Петрова Т.И., 1996. - С. 80].
90 №. Аат туохтууру сыыһа туттар түбэлтэни көннөрүҥ.
Бол±ойу²!Билиҥҥи саха тылыгар аат туохтууру даҕааһын аат оннугар тутталлар.
1. Тоҥоруллубут балык хараллыыта сайын уустугурар. 2. Саха сиригэр туһаныллар баай хостонор сирдэрэ өссө да элбэх буолуохтаах. 3. Парчаттан тигиллибит, араас оҕуруонан, бисерынан киэргэтиллибит таҥас сиэдэрэйдик көстөрүн үгүс көрөөччү кэрэхсээтэ. 4. Харыйа маһынан тутуллубут сайыҥҥы ураһа ыһыахтыыр сир аайы баар буолла. 5. Саха сирин саамай кэрэ Куотугар бриллиант кыбытыллыбыт бастыҥаны кэтэрдиэхтэрэ. 6. Өлүү түбэлтэлээх диэбиккэ дылы иитиллибит саа хаата суох ыскаап кэннигэр истиэнэҕэ өйөнөн турбут. 7. Дэхсилэммит суолунан айаннаан истибит.
91 №. Атынтан туһаайыылаах үөскээбит аат туохтууру төрүт туһаайыынан солбуйуҥ. Хайата ордук үчүгэйдик иһиллэрин сыаналааҥ.
(Хатарыллыбыт-хаппыт) сэбирдэх, (үөлүллүбүт-үөлбүт) собо, (чэпчэтиллибит-чэпчэки) сыана, атыыга (таһаарыллыбыт-тахсыбыт) бородууксуйа, (бэчээттэниллибит-бэчээттэммит) үлэ, (устуллубут-уһуллубут) киинэ, (көтүтүллүбүт-көппүт) дорҕоон, (туһаныллыбыт-туһаммыт) литература, (түҥэтиллибит-түҥэтик) сир, (сөҥөрдүллүбүт-сөҥмүт) суурадаһын, (олохтонуллубут-олохтоммут) бэрээдэк.
92 №. Аат туохтууру сыһыат туохтуурунан солбуйуҥ. Этии истиилэ уларыйда дуо? Холобур: Сөптөөх диагноһы туруортарбыт ыарыһах үтүөрэр эрэлэ улаатта. – Ыарыһах сөптөөх диагноһы туруортаран, үтүөрэр эрэлэ улаатта.
1. Олимпийскай оонньууларга кыттыбыт спортсменнарбыт кыайан-хотон кэллилэр. 2. Тууһаммыт огурсуну сөрүүн, хараҥа сиргэ ууруллар. 3. Теркаламмыт чесногу уонна ирбит ынах арыытын ветчина±ытыгар кутан булкуйу². 4. Кыыс суруйа олорор остуолуттан туран кэллэ. 5. Чинчийэр лаборатория көҥүлүн ылбыт саҥа препарат атыыга таҕыста. 6. Быыбар түмүгүнэн элбэх куолаһы ылбыт депутатка кандидат эрэлэ улаатта.
93 №. Этиигэ наада буолбат аат туохтууру көҕүрэтэн аа±ы².
Бол±ойу²!Дьыала истиилигэр туттуллар аат туохтуур быһаарыы сүрүн истиилгэ онто да суох өйдөнөр. Холобур: Кµнµс быра±ыллыбыт ³т³хх³ тохтоон чэйдээтибит.
I. 1. “Дантист” стоматологическай клиника толорор өҥөтүн сыаната атыттардааҕар ыарахан. 2. Республикаҕа табаҕы утарыыга анаммыт күн бэлиэтэнэр. 3. Бу ыытыллыбыт конференцияҕа студеннар, аспираннар, институт үлэһиттэрэ, учуонайдар кыттыыны ылыахтара. 4. Көрөөччүлэрбит биэрбит ыйытыыларыгар аһаҕас эфир нөҥүө эппиэттиибит. 5. Табаар барыта быһыллыбыт сөптөөх сыананан атыыга тахсар. 6. Быйыл тэриллибит “Азия оҕолоро” IV спортивнай оонньуулар үрдүк таһымнаахтык бардылар.
II. 1. Айыл±а а±алар кµµтµллµбэтэх алдьархайа мэ´эйдээтэ. 2. Бу буолбут мунньахха тыа µлэ´иттэрэ сырыттылар. 3. Фирма толорор ³²³тµн сыаната т³´³ эмэ чэпчэки. 4. Кэтэх ха´аайыстыбалар кµµстэринэн о²о´уллубут бородууксуйаны батарыы кээмэйэ. 5. Чечня сэриитигэр сылдьыбыт уолаттар тустарынан суруллубут кинигэ та±ыста. 6. Саха аһыгар туттуллар тума арааһа элбэх.
94 №. -аа´ын, -ыы сы´ыарыынан µ³скээбит аат тылы булан, аат туохтуурунан солбуйу². Этии истиилэ уларыйда дуо?
I. 1. Тыа ха´аайыстыбатын производствотын сайыннарыыга µп-харчы тиийбэт. 2. Е.А.Борисов, А.И.Степанов былааннарын олоххо киллэриигэ к³м³л³´³р санаа баара. 3. Ветераннары дьиэнэн хааччыйыыга бол±омто син кµµ´µрбµт курдук. 4. Быыбардааччылар испии´эктэрин чуолкайдаа´ы²²а µлэ са±аланна. 5. Сэллиги ³р кэм эмтээ´и²²э химиятерапияны туттууга наадалаах бактериялар ³л³лл³р. 6. Помидоры бу´арыы уонна кэнсиэрбэлээ´ин ликопины алдьаппат.
II. 1. Ити клеткалар ситиилэригэр, төрµөх ийэ и´игэр улаатыытыгар, µµт µөскээ´инигэр наадалаах. 2. Микроорганизмнар а´ылык бу´уутугар кыттыыны ылаллар. 3. Сµө´µнµ интенсивнэйдик иитэн төлө´µтµµгэ кини боруодата, атыннык эттэххэ, хаанын уратыта эмиэ оруоллаах. 4. Сыалар сµө´µгэ этэ-хаана сөптөөхтµк сайдыытыгар, энергия µөскээ´инигэр наадалаахтар. 5. Симменталлар группаларын төлө´µйµµлэрин тэтимэ намтаабыт. 6. Сайылыктаа´ыны кµµскэ тэнитэн, бородууксуйа о²о´уллуутун, ороскуотун биллэрдик аччатар и´ин µлэлээн бары´ы киллэрэр и´ин дьулу´уохтаахпыт. («Илгэ» сурунаалтан).
95 №. ¥³скээбит аат тылы аат туохтуурдаах аттарыы халыыбынан солбуйан суруйу². Холобур: Дьахталларга ыттар саба тµ´µµлэрэ баар эбит. – Дьахталларга ыттар саба тµ´эр тµбэлтэлэрэ баар эбит.
1. Былыргы сахалар тимир у´аарыытын ньыматын билэллэрэ. 2. Опытнай учаастакка хапта±ас, моонньо±он µµнµµтµн чинчийэбит. 3. Синоптиктар кµн-дьыл уларыйыытын кэтээн к³р³лл³р. 4. Сааны дьиэ±э тута-харайа сылдьыыга кытаанах быраабыла баар. 5. Бу тэрилтэлэр ыарыы тар±аныытын кэтииллэр. 6. Инбэлиит о±олору атах та²а´ын о²орууга µ³рэтэр. 7. Айанньыт Германия±а бара сылдьыытын сэ´эргээтэ.