Календарнай-тематическай былаан
Календарнай былааннар. Тематическай былааннар. Уруок былааннара (методистар кірµµлэрэ)
Төрүт култуураны оскуолаҕа үөрэтэр үлэни тэрийэргэ үс суол былааны оҥоруу ирдэнэр: бастакыта - үөрэх чааһын, темаларын чиэппэрдэринэн аттарыы; иккиһэ – темалары уруоктарга үллэрэн, төрүт култууранан иитэр үлэни өтө көрөн сибээстээһин; үсүһэ – уруоктар соруктарын, ньымаларын, ырыҥалаан учуутал уонна үөрэнээччи чопчу үлэлэрин таҥыы.
Календарнай былааннар
Төрүт култуураны сыл устата үөрэтиини барыллаан былааннааһын календарнай былаан диэн ааттанар. Маныаха сүрүн болҕомто кылааска бэриллэр чааска олоҕуран программанан ыйыллар темалары чиэппэрдэринэн үллэриигэ ууруллар. Бу былааны оҥорорго учуутал маҥнай чиэппэр аайы хастыы чаас тиксэрин быһаарар. Ол кэнниттэн темалары хас часка үөрэтиллэллэринэн көрөн чиэппэрдэргэ аттаран туруоруллар.
Программаҕа орто сүһүөх кылаастарга төрүт култуураны үөрэтиигэ бачча чаас көрүллэр: . Нэдиэлэҕэ биирдии чаас тиксэр.
Билигин хас чиэппэр аайы хастыы нэдиэлэ баарын быһаарыахха наада. Ону икки ньыманан оҥоруохха сөп: бастакытынан, чопчу сыл календарын көрөн олорон, каникуллар болдьохторун таһаара-таһаара нэдиэлэ ахсаанын ааҕыы; иккиһинэн, чиэппэргэ үөрэх күнүн ааҕан баран, 7-ҕэ үллэрэн нэдиэлэ ахсаанын таһаарыы.
Календарнай былаан учуутал программаны учебник матырыйаалын кытта дьүөрэлээн ырытан көрөрүгэр уонна төрүт култуураны үөрэтэргэ сыллааҕы үлэтин тосхолун киэҥник ырыҥалаан өйдүүрүгэр туһуланар. Онон календарнай былааны учуутал маннык схеманан оҥосторо ордук көдьүүстээх буолуоҕа.
15 тема баар. Сылга 34 чаастаахпыт.
1чиэппэр 9 нэдиэлэ.
Уруок нүөмэрэ | Тема аата | Чааһа | Ыйа-күнэ | Уруок сыала |
2 чиэппэр.
3 чиэппэр.
4 чиэппэр.
Иккиһи – тематическай былаан дэнэр. Кинини оҥорорго календарнай былаан уонна учебник, учебник көмө пособиета, методическай ыйынньыктар туттуллаллар. Хас биирдии теманы үөрэтии сүрүн идеятын олоххо киллэриигэ литератураны, атын предметтэри кытта сибээстээһин, иитэр сорук чопчуланыахтаахтар.
Тематическай былааннар
Үөрэтэр уонна иитэр үлэлэр дьүөрэлэһиилэрин тилэри ситиһэргэ оскуолаҕа үөрэтиллэр предметтэр темаларын ис хоһоонноруттан оҕону биллэрэр, иитэр, дьоҕур иҥэрэр, сайыннарар өрүттэрин чопчулаан, уруок сыалын комплекснайдык туруоруу ирдэниллэр. Төрүт култуура чопчу темаларын үөрэтэргэ кини ис культурологическай уратытыгар олоҕуран, иитэр үлэҕэ аналлаах текстэри наардааһын, оҕо өйүн, тылын сайыннарар, билиитин эбэр чахчылары таба туһаныы, дьоҕуру иҥэрэр үлэлэри талан тэрийии соруга турар. Маннык хайысхалаах үлэ төрүт култуура чопчу тематын бүтүннүү түмэн былаанныыры эрэйэр. Онон теманы барытын уруоктарынан аттаран, чопчу сыал-сорук туруоран былааннааһыны тематическай былаан дэнэр.
Тематическай былааны оҥороругар учууталга наадалар: календарнай былаан, учебник, методическай ыйынньыктар уонна дидактическай матырыйааллар. Учуутал атын предметтэри кытта сибээґи олохтуурга дьулуһуохтаах.
Уруок былааннаракылаас оҕолорун уонна тоҕоостоох усулуобуйалары (уруок ыытыллар кэмин, темаҕа табыгастаах ньымалары, тэриллэри уо.д.а.) учуоттаан оҥоһуллаллар. Кинилэри бэлэмнииргэ төрүт култуура методикатын, психология, педагогика туһааннаах ыйыыларын-кэрдиилэрин били наада буолаллар.
Бу былааны оҥостуулар булгуччулаахтар. Былаана суох эбэтэр ситэтэ суох былаанынан ханнык да баай опыттаах, төрүт култуураҕа дириҥ билиилээх киһи үчүгэйдик үлэлиир кыаҕа суох.
Уруок былааннара
Учуутал уруокка хайдах бэлэмнэнэриттэн, былааны хайдах оҥосторуттан кини үлэтин ситиһиитэ, оҕолор төрүт култуураҕа билиилэрэ, сыһыаннара улахан тутулуктаах. Уруок былаана диэн учуутал уонна оҕолор үлэлэрин былааннааһын. Кини икки араастаах: бастакыта – тэнийбит былаан, иккиґэ- конспект-былаан.
Уруокка оҕолор учуутал тэрийиитинэн, салалтатынан үлэлээн билии ылаллар. Онон кини дьайыытыттан уруок бары өрүттэрэ тутулуктаналлар. Былаан оҥороругар учуутал маннык көрдөбүллэри тутуһуохтаах:
11. боппуруос. Информацияны тиэрдиигэ туттуллар ньымалар: кэпсээһин, быһаарыы,