Каждому типу соответствуют определенная форма (вид) урока
Типы уроков | Виды (формы) уроков – уруок көрүҥнэрэ |
Урок «открытия» нового знания – саҥа билиини “арыйыы” дьарык; | Урок-лекция, урок-путешествие, урок-экспедиция, урок-инсценировка, учебная конференция, урок-экскурсия; мультимедиа-урок, проблемный урок, Урок-беседа, Урок-исследование. Урок смешанного типа, Урок-игра и др. |
Урок рефлексии – бэйэҕэ эргиллии дьарыга | Урок-практикум; урок-сочинение; урок-диалог; урок — деловая или ролевая игра; комбинированный урок; повторительно-обобщающий урок; диспут; игра (КВН, Счастливый случай, «Поле чудес», конкурс, викторина); театрализованный урок; урок-суд; урок-совершенствование; заключительная конференция; заключительная экскурсия; урок-консультация; урок-анализ контрольных работ; обзорная лекция; обзорная конференция; урок-беседа, путешествие; экспедиция и т.д. |
Урок общеметодологической направленности – барбыты түмэр уопсай методологическай хайысхалаах дьарык | Урок самостоятельных работ, Урок-практикум, Урок-семинар, Урок-обзорная лекция, Урок-дискуссия, Урок-конференция, Урок-игра, Урок самостоятельной письменной работы обобщающего содержания Урок коллективного анализа контрольных работ учащихся и др. |
Урок развивающего контроля – бэйэ сайдыытын тургутан көрөр дьарык | Урок-опрос (фронтальный, индивидуальный, групповой); Урок-письменный опрос; Урок-зачет; Урок-контрольная (самостоятельная) работа; Урок смешанного вида; Урок-викторина; Конкурсы; Смотр знаний; Защита творческих работ, проектов; Творческий отчет; Контрольная работа, собеседование; Тестирование и др. |
Во-вторых,современный урок отличается деятельностью учителя и учащихся.
Требования к уроку | Традиционный урок | Урок современного типа |
Объявление темы урока | Учитель сообщает учащимся | Формулируют сами учащиеся (учитель подводит учащихся к осознанию темы) |
Сообщение целей и задач | Учитель формулирует и сообщает учащимся, чему должны научиться | Формулируют сами учащиеся, определив границы знания и незнания (учитель подводит учащихся к осознанию целей и задач) |
Планирование | Учитель сообщает учащимся, какую работу они должны выполнить, чтобы достичь цели | Планирование учащимися способов достижения намеченной цели (учитель помогает, советует) |
Практическая деятельность учащихся | Под руководством учителя учащиеся выполняют ряд практических задач (чаще применяется фронтальный метод организации деятельности) | Учащиеся осуществляют учебные действия по намеченному плану (применяется групповой, индивидуальный методы), учитель консультирует |
Осуществление контроля | Учитель осуществляет контроль за выполнением учащимися практической работы | Учащиеся осуществляют контроль (применяются формы самоконтроля, взаимоконтроля), учитель консультирует |
Осуществление коррекции | Учитель в ходе выполнения и по итогам выполненной работы учащимися осуществляет коррекцию | Учащиеся формулируют затруднения и осуществляют коррекцию самостоятельно, учитель консультирует, советует, помогает |
Оценивание учащихся | Учитель осуществляет оценивание работы учащихся на уроке | Учащиеся дают оценку деятельности по её результатам (самооценка, оценивание результатов деятельности товарищей), учитель консультирует |
Итог урока | Учитель выясняет у учащихся, что они запомнили | Проводится рефлексия |
Домашнее задание | Учитель объявляет и комментирует (чаще – задание одно для всех) | Учащиеся могут выбирать задание из предложенных учителем с учётом индивидуальных возможностей |
Бэйэ ыыппыт уруогун маннык киритиэрийдэринэн сыаналыахха сөп:
1)Уруок тематын толору арыйыы
2)Араас үөрэтэр ньыманы табыгастаахтык туһаныы
3)Үөрэнээччи бэйэтэ информацияны араас источниктан сатаан көрдүүрүүн ситиьии; ФГОС ирдэбилин тутуһуу
4)Үөрэнээччигэ болҕомтолоох сыһыан, уруокка интэриэһин тардыы
5)Чинчийэр хайысхалаах улэни ыытыы
6)Уруокка айымньылаах креативнай сыһыан
7)Компьютернай техниканы сатабыллаахтык туһаныы
8)Уруок сыалын-соругун ситиһии,бэйэҕэ эргиллии (рефлексия)
8 боппуруос. Кылаас таһынан үлэни тэрийии.
Оскуолаҕа кылаас таһынан үлэ сүрүннээн икки хайысханан барар: тиһиктээх (систематическай) уонна кэмиттэн кэмигэр (эпизодическай). Биллэн турар, бу кылаас, оскуола иһинэн ыытыллар үлэлэр сыаллара-соруктара биир буолан баран хайысхалара, тэрийэн ыытар ньымалара уратылар. Кылаас таһынан үлэни тэрийиигэ оскуола ис тыына, үөрэнээччилэр кыахтара, интэриэстэрэ, учуутал киһи быһыытынан уратыта, профессиональнай таһыма улахан оруолу ылар.
Оскуолаҕа кыраайы үөрэтиинэн, норуот фольклорунан (ырыа-тойук, хомус, олоҥхо, үҥкүү), прикладной култууранан (туоһунан, сиэлинэн, ииһинэн, муоһунан, маһынан, тимиринэн) баҕаран, идэтийэн туран дьарыктанар оҕолор баар буолаллар. Учуутал маннык оҕолору түмэ тардан кылаас таһынан араас куруһуоктары, түмсүүлэри, кулууптары көдьүүстээхтик тэрийэн ыытар буоллаҕына, оҕо сөбүлүүр дьарыгын салгыы сайыннаран, айылҕаттан бэриллибит талаанын таба тайанан инники өттүгэр идэтин таларыгар уонна ону баһылыырыгар олук уурар.
Манна, биллэн турар, учуутал бэйэтин уратыта, ордук тугунан бэйэтэ дьарыктанара, кыаҕа быһаарар оруолу ылар.
Куруһуокка оҕо ахсаана салайааччы көрүүтүнэн быһаарыллар, биир ис хоһоонноох дьарыгы оҕолор саастарынан наардаан, икки хас бөлөҕүнэн тус-туһунан тэрийэн ыытыан эмиэ сөп. Учуутал тустаах оҕо уратытын, киниэхэ туһуланар анал үлэлэри, сорудахтары наардаан оҥороро ирдэниллэр, ону таһынан оҕо үлэтин ситиһиитин, сатамматах өрүттэрин кэмигэр бэлиэтиирэ, сайыннарар суолу көрдүүрэ эрэйиллэр. Куруһуоктар (уґуйааннар) ис хоһооннорун, тэрийэн ыытар ньымаларын маннык наардыахха сөп:
- кыраайы үөрэтэр, фольклорнай куруһуоктар: ырыа-тойук, хомус, олоҥхо, үҥкүү;
- прикладной култуураҕа: туоска, сиэлгэ, иискэ, муоска, маска, тимиргэ куруһуоктар.
Кыраайы үөрэтии куруһуога. Ханнык баҕарар улуус, түөлбэ бэйэтэ киэн туттар дьонноох, ытык миэстэлэрдээх буолар. Куруһуокка оҕо төрүччүтүнэн, оҕолор нэһилиэгинэн, төрөөбүт улууһунан, республикатынан киэҥ туттар, кинилэр историяларын үөрэтэр сыалы-соругу туруорунар. Норуокка бэйэлэрин ааттарын ааттаппыт үтүө-мааны дьон үлэлээбит үлэлэрин, олохторун чаҕылхай түгэннэрин кинигэттэн, хаһыаттан эрэ буолбакка, кинилэр үөлээннээхтэриттэн, аймахтарыттан истэллэр. Үөрэнээччилэр матырыйаал хомуйан оскуола иһинэн музей тэрийдэхтэринэ, төрөөбүт нэһилиэктэригэр үтүө өйдөбүнньүгү хаалларыахтара.
Куруһуокка сүрүн көмөлөһөөччүлэринэн музей үлэһиттэрэ, история учууталлара буолаллар. Экскурсиялар, көрсүһүүлэр, интервьюлар, бэлиэ миэстэлэринэн походтар түмүктэригэр альбомнар, киинэлэр, хаһыакка ыстатыйалар тахсаллар. Оҕолор араас хабааннаах конкурстарга, күрэхтэргэ кыттан тыллара-өстөрө чочуллар, ону таһынан туһааннаах литератураны хасыһан, чинчийэн, олохтоох матырыйаалы өссө кэҥэтэн биэрэллэр. Үөрэх матырыйаала олоҕу кытта дьүөрэлэһэрин өйдүү үөрэнэллэр, олорор сирдэрин-уоттарын, нэһилиэктэрин олоҕун-дьаһаҕын историятын билэ улааталлар. Манны таһынан учуутал үөрэнэччилэри дьон ортотугар үлэлиир, кэпсэтэр, обществоҕа тутта-хапта сылдьар культуратын иҥэрэ улаатыннарар.
Туостан тигии куруһуога. Улуустарга туостан тигии маастардара элбээтилэр. Оскуолаларга туостан кырыйар, тигэр дьарыктар үгүстэр. Нам улууһун Бөтүҥ орто оскуолатын учуутала Осипова Матрена Михайловна оҕолору туоһунан туттарга үөрэппиэ ыраатта. «Туос иһити тигии», «Сахалар туос оҥоһуктара» диэн төрүт култууратын үөрэтээччилэргэ көмө кинигэлэрдээх. Кини туос оҥоһук историятын, хайдах оҥоһуллубутун, туттуллар аналын кэпсээн, былыргы иһиттэри туттаран-хаптаран, музейга сылдьан көрдөрөн баран, тиктэрэ үөрэтиэххэ сөп диэн бэлиэтиир. Куруһуокка үөрэнээччи туоһу хастааһын, харайыы,таҥастааһын, туттар тэриллэр, туос малы тигэргэ туттуллар сиэли, сабы бэлэмнээһин туһунан билсэр, тигэргэ холонор.
Иис куруһуогар үгүс сыллар устата оскуолаҕа оҕолору иискэ, прикладной искусство үгэстэригэр уһуйбут норуот маастара Анна Прокопьевна Скрябина үлэтин опытын туһаныахха сөп. Синньэлиир – мындыр дьарык, илии үлэтэ. Маһынан кыһан, муоһунан чочуйан оҥорор, уһанар курдук, синньэлииргэ эмиэ элбэх күн-дьыл барар, сатабыл, дьоҕур ирдэнэр. Үөрэнэргэ сыраны, дьулууру эрэйэр. 7-8 кылааска үөрэнэр оҕолортон талан үөрэтиллиэн наада.
Синньэлииргэ уһуйаан программатын соруктара:
1 Синньэлиир ньымалары баһылыырга үөрэтии (көнө, мииннэрии, хабайыы, хайа анньыы, ураа, баттатыы, синньэлии, солбуйа тардыы, суһуохтуу тардыы сииктэр).
2 Үөрэнэр оҕо өйүн-санаатын, үлэлиир дьоҕурун сайыннарыы.
3 Былыргы төрүт синньэлиир идэбитин билиҥҥи олоххо дьүөрэлээһин.
Синньэ – синньэлээһин диэн, былыргы тыл билигин быысапка-быысапкалааһын диэн өйдөнөр.
Маҥнайгы сыл бу уустук идэ үлэлиир ньымаларын баһылыырга үөрэнэллэр. Үөрэнээччи өйүн-санаатын, болҕомтотун уран, ис дууһатыттан, өр кэм устатыгар тулуйан, сыралаһан үлэлиир буоллаҕына үлэтэ түмүктээх, дьоҕура-талаана сайдар.
Өбүгэ “баайынан” бэйэ дьоҕурун сайыннарыы, бэйэни бөҕөргөтүү, дьулууру күүһүрдэн, кэскили түһэрии.
өбүгэ “баайынан” үөрэнээччи айар дьоҕурун сайыннарыы:
- Мин өбүгэлэрим төрүт дьарыктара;
- Мин дьарыгым – өбүгэм утумун салҕааһын;
- Мин бэйэбин бигэтик сананабын.
I өйдөбүл: Мин өбүгэм төрүт дьарыга. Маҥнайгы өйдөбүл ситимэ маннык буолуон сөп. Мин аҕабынан өбүгэлэрим дьарыктара (Өбүгэ тугунан күүстээҕэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ быстыспат утум дьарык буолан салҕанан иһэр. Былыргыттан төрүт дьарык салҕанан баран иһэр). Мин ийэбинэн өбүгэлэрим дьарыктара (Мин ураты дьарыгым миигин угуйар. Мин бу олоххо олоро кэлбитим – өбүгэм утумун салҕаары). Мин ураты дьарыгым өбүгэ утума (Туйаҕы хатаран мин утумнаабыт дьарыгым. Мин үчүгэйим – өбүгэнэн бэриллибит дьоҕурум).
II өйдөбүл: Мин дьарыгым – өбүгэм утумун салҕааһын. Мин бэйэбин иһиллэнэн өбүгэм утумун буллум (Өбүгэм утума миэхэ кэлэр, ону мин салгыыбын). Мин булбуппун сыыска-буорга түһэрбэккэ дьарыкпын салгыыбын (Утум салгыы сайдарыгар мин күүс эбэбин). Мин бэйэм күрүөбүн тутабын (Туйаҕы хатаран мин бэйэм күрүөбүн тутабын).
III өйдөбүл: Мин бэйэбин бигэтик сананабын. Мин бэйэм утуммун салҕаан үөрэбин (Мин утуму салҕаан бэйэм сайдар дьарыкпын буллум. Мин санаабар, бэйэбин өбүгэлэрим төрүт дьарыктарын батыһан бигэтик сананабын). Мин бэйэбин күүстээхтик сананабын (Мин утум дьоҕурбун булан бэйэбэр махтанабын. Мин өбүгэлэрим санаалара үчүгэй, сырдык, онон бэйэбин бигэтик сананабын). Мин бэйэм күүспэр итэҕэйэбин (Мин бэйэм сайдар дьарыкпын булан бэйэбин бигэтик сананабын. Бигэтик сананабын, өбүгэ биэрбитин сатыыбын, өбүгэ биэрбитин астынабын).
Түмүктээн эттэххэ, үөрэнээччи бэйэтин үлэтин ис хоһооно өбүгэ ''баайынан'' бэйэни бөҕөргөтүү, ол эбэтэр бэйэ өйүн-санаатын чөл туруктаах оҥоруу. Үөрэнээччилэр бэйэлэрэ этэллэрин курдук, өбүгэ туох күүстээҕэ (төрүт дьоҕура диэххэ сөп) салҕанан эрэ буолбакка, өссө күүһүрэн, өссө сайдан иһэрэ олоҕу салҕааччы көлүөнэ хайдах бэйэтин иһийэн иһиллэнэн, ол бэриллибит баайы (дьоҕуру) таба тутан ыларыттан тутулуктаах.
Боппуруос. Төрүт култуураҕа үөрэнээччи чинчийэр үлэтэ. Бырайыактааһын дьарыгын саҥа федеральнай үөрэх стандартынан тэрийии
Учуутал бэйэтин үөрэтэр предметигэр кэрэхсэбили үөскэтэр сыалтан табыгастаах үөрэх технологияларын үлэтигэр туһанар. Биир оннук көдьүүстээх ньыманан бырайыактааһын буолар. Үөрэх ситиһиилээх толору буоларыгар биһиги сүрдээх элбэх кыһал5алары көрсөбүт. Ону туоратар сыалтан араас хабааннаах үлэлэри, тэрээһиннэри ыытабыт. Ол үлэбит тэрээһиммит, былаан – бырайыак буолар эбит. Онтон бырайыак диэн тугуй ? Бырайыак –диэн үлэ, былаан, тэрээһин уонна уһулуччу оҥорон таһаарыыга (продукт) туһуламмыт соруктар.