Савва Емельянович Пухов – Сандаар Сааба.
Савва Емельянович – Емельян Прокопьевич Пухов уhус уола, 1886 сыллаахха кинээстээбитэ. Кини Иванов Василий Васильевич – Ыт сирэй Уйбаныабы кытта сааhын тухары киирсибит, естеспут.
Кылгастык Иванов Василий Васильевич – Ыт сирэй Уйбаныап туhунан. Кини – Курбуhахха Боро5он улууhугар тереен – ууhаан олорбута. Кини тереебут, олорбут сирэ - уота – Дьаарын Сыырдаа5ар Курбуhах саамай утуе- мааны сирэ. Ыраахтаа5ылаах кэмнэ тереебут, уескээбит буолан уерэ5э суох хаалбыта, бэйэтэ баайа – дуола суох эрээри син хоп курдук олорбут, сирдээх – дойдулаах киhи этэ. Бэрт сытыы – хотуу ейдеех – санаалаах киhи буолан, кимиэхэ да баттаппакка, ата5астаппакка ебугэ сирдэнэн – уоттанан олорбута. Оччотоо5у кэм батталлаах – уктэллээх, ата5астабыллаах – атааннаhылаах кэм этэ. Сир утуетун сэниэ, баай ыаллар ылаллара. Дьаданылартан туhуу – тардыы тардан ыраахтаа5ы нолуогун телууллэрэ. Соро5ор ол туhуулэрин – тардыыларын тойоттор – байдар бэйэлэрэ сииллэрэ, сир утуетун кинилэр ылаллара. Олору кытары атах тэпсэн охсуспут, дьаданылар интэриэстэрин туруулаhан кемускэппит киhинэн Василий Васильевич Иванов буолар. Дьэ ол инниттэн унсэн – харсан, этиhэн – охсуhан, ата5астабылы – баттабылы тулуйбакка тойоттору – байдары кытта курэс былдьаhарын, тугу да кэрэйбэккэ киирсэрин иhин кинини дьоно – сэргэтэ Ыт сирэй Уйбаныап диэн хос ааттаабыттара. Киниттэн улаханнык толлоллоро уhу. Дэбигис киhиэхэ баттаппат, ата5астаппат, быhа – хоту этиппэт, хайаан да туруулаhан баран хаалара. Оно кинини кытта толло кэпсэтэллэрэ, мэннээк халы – мааргы киирэн биэрбэт киhилэрэ этэ. Сырыыны да сылдьыбыт, дьону – сэргэни кытта билсиспит ахан киhи. Унсуу буолла да, Уйбаныап кыайыылаах тахсара уhу. Баай киhи баайа етен куорат, улуус тойотторунан илиитигэр ылан хотто5уна да, Уйбаныап син биир ханан эмэнэн дьиэк булан унсэн тэйэрэ уонна хото илигинэ тохтообото уhу. Уйбаныап да унсэн – харсан сиргэ ат5астаппатах киhи. Елбугэ сирин балай да кердеен ылбыт. Ол курдук кини сирэ Дьаарын Сыырдаа5ын куулатыгар Быллахы анаара, Дьаарын Сыырдаа5ын олоччу бас билэрэ, ону таhынан Дьалакы диэн алаас анаарын бас билэрэ. Бу сирдэри куруелээн – хаhаалаан, керен – истэн, от оттоон, суеhу ииттэн, быр бааччытык, сэниэтик олорбута. Ол да иhин кыахтаах буолан баайдартан толлон, иннэн турбакка киирсэрэ. Кимтэн да тутулуга суох буолла5а дии. Бэйэтэ улэhит, ейдеех киhи. Куеллэригэр балык диэтэххэ балык баар, аар тыатыгар булда – аhа, куhа – хааhа дэлэй буолла5а дии. Саха сиэринэн бултаан – алтаан аhыыра – ииттии биир суол ньымата буолла5а. Куhун – саас булт, балык оччолорго дэлэйэ да бэрт этэ. Быhыт – сохсо, туу – тииргэ, илим – мунха оччолорго да сурун дьарык этэ. Уйбаныаптаах иирсээннэрэ туохтан теруттээ5ий? Байдар – тойоттор оччотоо5у тыа дьонун харанатынан, уерэ5э суохтарынан туhанан туhуу – тардыы (нолуок) харчытын сиэн кэбиhэн баран, хаттаан хомуйаллара. Ону Уйбаныап олох ылыммат, куоракка киирэн унсэн, сэтээтэл таhааттаран кырдьыгын дакаастыыра. Баттыгас суох буоларын иhин охсуhара. Улуус кулубата туhуу туhэрэллэригэр, элбэ5и ааhа ылбакка сирэйинэн туhэрин диирэ уhу. Кырдьык туhугар елерун да кэрэйбэтэ, харса – хабыра суох киирсэрэ. Кырдьык да киhи бэрдэ, ньургуна буолан киирсэн эрдэ5э. Аны атыттар куттанан кинини ейеебеттер, бэйэлэрин эрэ иннилэрин керунэн эрдэхтэрэ. Оттон Уйбаныап дьон туhугар, норуот туhугар, ата5астаммыттар – баттаммыттар тустарыгар, бэйэтин туhугар тугун да кэрэйбэккэ киирсэн эрдэ5э. бу буолар дьон – сэргэ себулуурэ диэн. Теhе да тастарыгар таhааран эппэтэхтэрин иhин, бэйэлэрин киhилэрин кемускуур, ейуур буоллахтара. Ону ким да баалаабат. Урукку уерэх суох кэмигэр ханнык эрэ туелбэ5э син биир киhи хоодуота баар буолла5а дии. Уйбаныап бэйэтэ улахан киhи, ынах этэрбэстээх, дьыалатын этэрбэhин айа5ар укта сылдьар буолара. Ол иhин да буолуо боро5оттору урут этэллэр этэ: «Этэрбэстэрин айа5ар дьыалалаах буордаах боро5оттор», - диэн. Ол биир характернай бэлиэ киhитэ Уйбаныап этэ. Кини бэйэтин кыанар кыахтаах киhи. Кууhунэн да оччотоо5у дьонно баhыттарбат сытыы – сымса этэ. Саас кулун тутар ыйтан ыла дьиэтигэр баккынан эрэ сылдьара диэн кэпсииллэрэ. Себулээбэт, иэтиппит киhитигэр боллугуруу олорор элбэх саналаах кудаалай киhи, кыыhырда5ына хобордоо5у иннэри ууран кэбиhэн о5устахха чункунуурун курдук чункунуу олорор буолара уhу.
Эмиэ бу энээргэ уескээбит, олорбут Сандаар Сааба – Пухов Савва Емельянович диэн ыалынаан саастарын тухары киирсэллэрэ биллэр, саастарын тухары естеехтер эбит. Ол гынан баран эмиэ туспа, эйэлэhэн кэлэллэрэ уhу. Эйэлэспит буоллахтарына бииргэ арыгы иhэллэрэ уhу. Онуоха Уйбаныап: «Астаабыт аhын урдун охтор», - диир эбит. Биир дьыл Сааба оттоон кэлбитин кэннэ, куhун Ухаанньа5а 80 сыар5алаах ото умайан хаалар. Ону ким умаппыта биллибэт. Онтон сотору буолан баран Уйбаныап Хайыа5а, Быллахыга, Дьаллыкыга сиирдэ5э, кини 60 сыар5алаах ото умайан хаалар. Айдаан бе5е буолар. Буолумуна бу улахан орускуот буолла5а дии. Сыл тахсыахтаах отторо, ол дьон иирсээннэриттэн, умайан хаалыыта дирин ночоот буолла5а дии. Икки ыал суеhулэриттэн эстэллэригэр тиийдэхтэрэ дии. Оту хантан булуоххунуй?! Дьэ, эрэй диэтэ5ин. Уйбаныап ыалыгар бааллан унсэр. Бу кини онордо5о диэн. Кыhын куораттан сэтээтэл тахсан, Уйбаныаптаах Буухабы сирэй керсуhуннэрэр. Уйбаныап: «Мин оппун Сааба уматта», - диир. Буухап: «Мин оппун ким умаппытын билбэтим», - диир. Уйбаныап: «Биhиги иккиэн естеехпут». Сааба: «Биир дойдулаа5ым, уелэннээ5им», - диэбит. Сэтээтэл бу дьыала5а Уйбаныабы эрийбит, кини то5о эрэ кыайтарыах курдук буолбут да, ханнык да дакаастабылы кыайан онорботохтор. Онон дьыала таах хаалбыыт. Сэтээтэл икки еттуттэн илиилэриттэн сурук илии баттатан ылбыт. Мантан да кестерунэн Уйбаныап эриирдээхтик, унсуулээхтик олорбут. Ол эрээри кимиэхэ да иннин биэрбэккэ, ол туhугар олорбута. Теьелеех сир туhунан, нолуок, туhуу – тардыы туhунан эрийсибитэ буолуой?! Оччотоо5у кэмнэ хайаан собус – со5ото5ун баайдар иннилэрин ылыай?! Ол харана уйэ буруукээн турда5ына. Хата, кини киhи бэрдэ буолан охсуста5а, бэриммэккэ ыал буолан, буруо таhааран, суеhу ииттэн, о5о теретен олордо5о. теhелеех сирин – уотун себулуурэ буолуой?! Теhелеех дьонун – сэргэтин себулуурэ буолуой?! Кинилэр кыhал5аларын кыhал5а оностон, оччотоо5укэм ыар дьаннарын кытта киирсибитэ буолуой?! Ол да иhин дьоно – сэргэтэ кинини кун бугуннэ диэри таптаан ахтыахтара дуо?! Хор, оннук хоодуот киhилээх этибит диэн. Кырдьык да, бэйэтэ эмиэ ону санаан, тереебут – уескээбит, олорбут тапталлаах Дьаарынын Сыырдаа5ар кэриэс – хомуруос курдук бэйэтин унуо5ун , елуен иннинэ онорторбута да туоhулуон сеп. Чугас эргин итинник онорторбут киhи суохха дылы. Арай кини эрэ онорторбут. Уйбаныап этэр эбит: «Еле да сытан, Мэхээттэ кинээhи хото сытыахтаахпын», - диэн эргитии унуо5ун бэйэтэ ыйан – кэрдэн, саамай чулуу мастары а5алан улуу ууhунан онорторбут. Бу эргиир унуо5ун Курбуhах Нуекуну киhитэ Дьугдьугус Уус 1896 сыллаахха биир сааhы, сайыны быhа биир акка онорбут. Уйбаныап Убаhа хаhаатыгар Дьэкириэм о5онньор (Местников) эргиир унуо5ун керен ону улаатыннаран онорторбут. Эргиирин алта кырыылаах гына суордаран, устуруустатан, олус диэн ыпсаран онорторбут. Дьугдьугус Уус олус кичэйэн суоруутугар ааттаах уус киhини Пухов Михаил Андреевиhы кемелеhуннэрэн, хас эмэ сыл сыппыт киил курдук кураанах – хаппыт мас тердун суоран онорбуттара. Эргиир урдугэ 4 миэтэрэттэн урдук. Бу эргиири Дьаарын Сыырдаа5ын ортотугар (хонуу хабыллар – хаба ортотугар) илинтэн, ар5ааттан кэлэн иhэр дьон кере кэллиннэр диэн, саамай кестуулээх сиргэ туттарбыт. О5уруотун сирэ 1 га сир, онно эргиир икки еттугэрикки арда 5 м гына 14 сэргэни туруортарбыт, биирдии еттугэр 7 – лии сэргэ гына. Сэргэтин тебетугэр болчуолаах, хаалдьыктаах гына онорторбут. Сэргэтин маhын ойуурга уунэн турарын бэйэтэ ыйан биэрэн бэлэмнэппит. Биирдии сэргэни биирдии дьуолга чэйгэ онорторбут. Маннык онорторорун уолаттара себулээбэтэхтэр. Сэттээх – сэлээннээх буолуо диэн куттаналлар эбит. Ол курдук аччыгый уола Иванов Василий Васильевич – II ус саастаах уола ыалдьан елбут. Ону о5онньор аттыгар хоонньоhуннара кемпуттэр. Билигин бу улахан оноhук турар. Оттон ол 14 сэргэтиттэн билигин биир да хаалбатах. Оччотоо5у колхоз Дьаарын Сыырдаа5ар сири хорутан ыhыы сирин таhаарыыга, туох да инникини ейдеебет дьоннор, сири хорута сылдьан туерутэ тартаран, бэйэлэрин уот гынан оттубуттар. Бу буолар дьон кэриэhигэр, киhи эргиир унуо5ар, архитектурнай оноhукка кыыллыы сыhыан диэн хомолтолоох тубэлтэтэ.
Уйбаныап сырдык кэриэhэ хаhан да умнуллуо суо5а, ейдеех киhи о5олоро, сиэннэрэ, хос – хос сиэннэрэ кини оло5ун салгыахпыт, кини аатын уйэлэр тухары ааттатыахпыт. Кини ыспыт кэрэ сиэмэтэ чэчирии сайда туруо, кини тереппут о5олорун удьуордара ууhуу – тэнийэ туруохпут. Ол буолар етех тенургэстээх, сурт кэриэстээх диэн Билигин Уйбаныап сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, хос – хос сиэннэрэ, хос – хос – хос сиэнэрэ 250 – н тахса киhи, Уус – Алданынан, Дьокуускайынан, Булуунэн, со5уруунан уонна да атын сирдэргэ олороллор. Кини сиэннэриттэн Саха Республикатын, РСФСР, Россия утуелээх быраастара, культура улэhиттэрэ элбэхтэр.
Улахан уола: Иванов Иван Васильевич – Уйбаанчык, киниттэн Буетуккэ – кини о5олоро: Василий, Иван, Иннокентий, кыыhа – Мария – Даниловтар ийэлэрэ – Елтех.
Иккис уола: Иванов Василий Васильевич II, киниттэн 4 уол: Николай, Василий III, Сергей, Хрисанф, 3 кыыс: Марфа – Говоровтар, Улахан Пелагея – Кычкиннар, Аччыгый Пелагея – Местниковтар.
Улахан кыыhа: Иванова Екатерина Васильевна – Чорбох Кэтириис Пухов Михаил Андреевич бастакы кэргэнэ, кинилэртэн Гаврил Михайлович Пухов уонна Михаил Михайлович Пухов терууллэр. Кинилэр тустарынан уеhээ суруйбутум.
Ессе кыыстаах этэ да, аатын умнан кээстим. Суруна сылдьыбат куhа5ана ити баар.
Мин бу Уйбаныаптаах Сандаар Сааба унсуулэрин – харсыыларын туhунан то5о ахтыбытым буолуой? То5о диэтэххэ иккиэн миэхэ аймах буолаллар. Уйбаныап миэхэ хос –хос – хос эhээм буолар. Сааба эмиэ чугас айма5ым, хос – хос – хос эhээм бииргэ тереебутэ буолар.
Савва Емельянович Пухов кэргэнэ Марфа. Кинилэр 5 о5олоохтор: Стефания, Маппыыс, Мааппа, Эмэлдьээн, Баhылай.
Стефания Саввична кэргэнэ Чачарба Буетуччээн уола Чаачахаан Уйбаанчык – Иван Петрович Местников. Кинилэр уолаттара Гаврил Иванович уонна Савва Иванович Местниковтар.
Местников Савва Иванович.
Савва Иванович Стефания Саввична Пухова – Местникова уола. Кини от ыйын 6 кунугэр 1906с. Илин Дьаарынна Укаанньа уолбатыгар тереебутэ. Кини ийэтэ – а5ата эрдэ еленнер, 9 саастаа5ар тулаайах хаалан, 14 саастаа5ар куоракка киирэн таайыгар Пухов Василий Саввичка олорон сайынын бостууктаан, кыhынын куонньуктаан баран 1928с. дойдутугар тахсар. 1932 – 1934сс. «Кустук суола» колхозка хону биригэдьииринэн, онтон 1934 – 1938сс. Сельсовет бэрэссэдээтэлинэн улэлиир. 1942с. кердеhен армия5а барар 1943с. бала5ан ыйыгар диэри японскай граница5а сулууспалыыр, онтон Украинскай фронна сэриилэhэр. 1946с. кыhын дойдутугар кэлэн нэhилиэк Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн, колхозтарга солбуйар бэрэссэдээтэлинэн уонна да атын улэлэргэ улэлиир.
Савва Иванович бастакы кэргэнэ Попова Дарья, кинилэр Миша диэн уоллара Борогонно Госстраха улэлии сылдьан сетел буолан, эппэрээссийэтэ табыллыбакка, 43 сааhыгар елбутэ. Иккис кэргэнэ Аммосова Анастасия Васильевна. Кинилэр 3 о5оломмуттара уонна кэргэнин кыыhын Иванова Лизаны улаатыннарбыттара. О5олоро: 1).Местников Гаврил Савич (1952с.) анестезиолог – реаниматолог врач, Уус – Алдан киин балыыhатыгар улэлиир, Саха Республикатын доруобуйа харыстабылын туйгуна, урдук категориялаах врач. Кэргэнэ Алексеева Эльза Ивановна (1961с.) медицинскэй сиэстэрэ. О5олоро: Ганя (1990), Кеша (1991). 2). Местников Савва Саввич 1974с. Курбуhах орто оскуолатын бутэрбитэ, армия5а службалаан баран араас улэлэргэ улэлээбитэ. 2001с. СГУ ИТФ кэтэхтэн уерэнэн бутэрбитэ, туту инженера. 2002с. от ыйыттан 2003с. олунньуга дылы Курбуhах дьаhалтатын баhылыгынан улэлээбитэ, билигин Уус – Алдан улууhун суутугар администраторынан улэлиир. Кэргэнэ Гоголева – Местникова Екатерина Николаевна (1955) дьиэ хаhаайката. Кинилэр 6 о5ону улаатыннарбыттара: Юра – интернаттан ииппит уоллара, Коля уонна Аня Савва кэргэнин о5олоро, Савваттан Миша, Настя, Катя. 1). Никифоров Юрий Николаевич – урдук уерэхтээх предприниматель, кэргэнэ Елена Анатольевна – педиатр – врач, Медцентрга улэлиир, кыыстара Надя. 2). Местников НиколайСаввич урдук уерэхтээх, «Сахаэнерго» инженера, кэргэнэ Наталья Валерьевна педиатр – врач, Медцентрга улэлиир, о5олоро Валера уонна Катя. 3). Петрова – Местникова Анна Саввична– терапевт – врач, кэргэнэ Андрей Николаевич урдук уерэхтээх юрист, республиканскай ГАИ-га улэлиир, кыргыттара Роза, Женя. 4). Местников Михаил Саввич (1979) орто анал уерэхтээх юрист, Борогонно олорор, суукка сурун (ведущай) специалист. Кэргэнэ Евгения Климентьевна ДьТХТ-ны бутэрбитэ. О5олоро Савва, Виолетта. 5). Татаринова – Местникова Анастасия Саввична (1984) СГУ математическай факультетын бутэрбитэ. Кэргэнэ Федор Федорович Мурутээ5и уолаттар гимназияларын учуутала, кыыстара Валерия. 6)Местникова Екатерина Саввична (1993). СВФУ- га уерэнэр. 3). Местникова – Никифорова Галина Саввична (1950), зоотехник, I группалаах инвалид, кэргэнэ Никифоров Григорий Григорьевич. О5олоро: Алеша (1981) СГУ-ну бутэрбитэ, Федя (1982). 4). Елизавета Сергеевна Иванова – кини а5ата Иванов Сергей А5а дойду сэриитигэр баран елбутэ. Елизавета кэргэнэ Захаров Федор Егорович идэтин учуутал. О5олоро: 1). Сергей (1965) суоппар, кэргэннээх, 3 о5олоохтор. 2). Захарова – Егорова Светлана Федоровна (1966) атыыhыт, кэргэннээх, 2 уоллаах.
Пухов Емельян Саввич – Кебудэх Эмэлдьээн
Емельян Саввич Пухов – Кебудэх Эмэлдьээн Сандаар Сааба уола, 1907 сыллаахха кинээс буола сылдьыбыта. Кини кэргэнэ Александра Слепцова диэн Чурапчыттан теруттээх баай дьон о5олоро: саhыл истээх сон, урун кемус иhиттэр киниэхэ бааллара уhу. Александра эрдэ елбутэ, Емельян 1942с. Кетекке елбутэ. Кинилэр 3 о5олоохтор: 1). Пухов Николай Емельянович (1913 - 1942) I Курбуhах уонна Уус – Алдан оройуонун сэбиэттэрин сэкиритээринэн улэлээбитэ, онтон Боро5онно «Мясомолпромна» директорынан улэлии сылдьан 1941с. А5а дойду сэриитигэр ынырыллан баран 1942с. сэрии хонуутугар охтубута, Москва куорат таhыгар кемуллубутэ. Кини 1938с. варвара диэн кыра унуохтаах кыраhыабай кыыhы кэргэн ылбыта. Кинилэр уоллара Пухов Иннокентий Николаевич, Хабаровскайга урдуку партийнай оскуоланы бутэрэн араас улэ5э улэлээбитэ. Кэргэнэ Дарья Константиновна Алексеева, икки о5олоохтор: 1). Варя кэргэнэ Стручков Тимофей Тимофеевич, о5олоро: Саша (1990) куоракка уерэнэр, Надя (1995) 11 кылаас. 2). Максим Пухов Борогонно ЖКХ-5а оператор, кэргэнэ Портнягина Валентина Николаевна – атыыhыт, уоллара Максим (2000) 6 кылаас. 2) Пухова – Аммосова Пелагея Емельяновна дойдутугар Курбуhахха олорбута, араас улэ5э улэлээбитэ. Сааhыран иhэн Аммосов Василий Афанасьевич диэн А5а дойду сэриититтэн эргиллэн кэлбит киhиэхэ кэргэн тахсыбыта. Отучча сыл олорбуттара да о5оломмотохторо. Пелагея ыарыhах этэ. Василий Афанасьевич аатырбыт ат айааhааччы, аттары курэхтэhиигэ бэлэмнээччи. Кинилэр Пелагея аймахтарыттан Пухова – Андросова – Местникова Евдокия Семеновна кыыhын Настяны 3,5 саастаах ылан иитэн улаатыннарбыттара. Иитиллибитинэн Аммосова Анастасия Васильевна кэргэнэ Черкашин Петр Петрович спортсмен, тустууга спорт маастара. Анастасия Васильевна СГУ саха тылын салаатын кэтэхтэн 2005с. бутэрбитэ. Уус – Куел оскуолатыгар саха тылын учуутала. Петр петрович эмиэ оскуола5а тустууга тренеринэн улэлиир. Кинилэр 2 о5олоохтор: 1). Соня Владивостока омук тылын факультетыгар японскай тыл салаатын бутэрбитэ. 2). Вася куоракка уерэнэр. 3).Пухова – Говорова Евдокия Емельяновна (Дьэбдьиэй) Елтек Чемек Мэхээлэ (Михаил Говоров) уола Алексей диэн киhиэхэ кэргэн тахсыбыта. Ол киhи А5а дойду сэриитигэр баран елбутэ. Улахан уол Николай Алексеевич Говоров I - Ленинградка уерэх бутэрэн кэлэн дойдутугар Госплана улэлээбитэ, кыра уол Николай Алексеевич Говоров II – тутууга улэлээбитэ, кэргэнэ Мария, 3 о5олоохтор этэ. Евдокия Емельяновналаах кыыстаахтар этэ, кэнники ханна олорбута, тугу улэлээбитэ биллибэт.
Пухов Василий Саввич – Кыаhылаах Баhылай
Василий Саввич Сандаар Сааба икки уола, 1879с. тереебутэ, кэргэнэ Мария Петровна Алексеева, иитиллибитинэн Местникова. Кинилэр Мандарычаайы халдьаайытыгар кыстыыллара. Туерэ сайылыкка сайылыыллара. Сайылык дьиэлэрэ билигин да турар, эргэрбит. 1917с. 1 аттаах, 1 о5устаах, 5 ынахтаах, 5 куруе сирдээх этэ. Василий Саввич кыралаан чэйинэн, таба5ынан уонна да атын кыра табаардарынан 4 ый устата эргинэ сылдьыбыт. Кинини 1930с. 51 сааhыгар кулаахтаабыттар уонна куолаhын быспыттар. Ону Дьокуускайга киирэн плотнигынан улэлии сылдьан унсэн, 1935с. быраабын ылбыта.
Василий Саввич Пухов 1930с. куолаhа быhыллыбытын унсубут суруга.
ЯГИК I Курбусахского наслега.
«Как плотник по профессии я более года живу в городе и вообще думаю переехать жить в Якутске. В наслеге у меня мизерное хозяйство, состоящее из 2 коров. В минувшем году было, до одного голов скота с мелкими. Вот это же обстоятельство отсутствие хозяйства еще 1928г. заставила меня в течении 4 месяцев заниматься торговлей с патентом 3-го разряда. Основываясь на этой причине лишили меня избирательных прав. При царе в никаких должностях не был, в бандитизме не участвовал, подрядами не занимался, наемным трудом никогда не пользовался, машины не имею, я вдовец 51 года имею на иждивении 2 детей, старший сын окончил педфак живет отдельно, из прилагаемых документов видно, что по своему имущественному и социальному положению я мог бы отнесен к категории середняком, чужим элементам советской власти быть не могу. Прошу восстановить моего избирательного голоса. К сему В.С.Пухов 19 августа 1930 года».
Василий Саввич сытыы – хотуу улахан ейдеех киhи эбит, олох хайдах буолан иhэрин ейдеен, толкуйдаан бэйэтин оло5ун, о5олорун инникилэрин быhаарыммыт. Ийэлэрэ 1923с. елеругэр Кеша куоракка педагогическай техникумна уерэнэ сылдьара, Мария 9-с саастаах, Марфа 4 саастаах этилэр. А5алара кыргыттарын куоракка киллэрэн, Марияны оскуола5а биэрбитэ. О5олоро: 1). Пухов Иннокентий Васильевич (12.03.1904 – 22.11.1979), Дьаарын Пуховтарыттан эрдэ уерэхтэммит ученай, биллиилээх фольклорист, Саха АССР наукатын утуелээх деятелэ, Гражданскай сэрии уонна А5а дойду сэриилэрин кыттыылаа5а. Кыhыл Сулус орден кавалера. 1930с. Иркутскайга университет педагогическай факультетын нуучча тылын уонна литературатын отделениятын бутэрбитэ. 1930 – 1936сс. Саха сирин Наркомпроhугар инспекторынан уонна учебниктар автордарынан улэлээбитэ. 1947с. Москватаа5ы государственнай университет аспирантуратын бутэрэн баран, 1956с. «Д.М.Говоров «Мулдьу Бе5е» олонхотун идеята уонна уобарастара» диэн тема5а диссертация кемускээбитэ, филологическай наука кандидата буолбута. 1947 – 1954сс. ССРС наукатын Академиятын Дьокуускайдаа5ы филиалыгар тыл, история уонна литература институтугар младшай научнай сотруднигынан улэлээбитэ. 1954 – 1979сс. Олохтон бара диэри 25 сыл устата Россис наукаларын Академиятын А.М.Горькай аатынан Аан дойдутаа5ы литература институтун старшай научнай сотруднигын быhыытынан саха олонхотун уйэтитиигэ улэлээбитэ. 1969с. «Саха героическай эпоhа – олонхо диэн монографияны таhаартарбыта. Кини элбэх олонхолору чинчийбитэ. 1975с. нуучча биллиилээх поэта, тылбаасчыта Владимир Державин Платон Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» («Ньургун Боотур Стремительный») диэн олонхотун нууччаалыы тылбаастыырыгар научнай консультант быhыытынан елбет – суппэт утуелээх. 1973с. «Маадай – Кара» диэн (Алтан эпоhа) кинигэ тахсыбыта. 1976с. дойдутугар, Саха сиригэр, кэлэ сылдьан тереебут Уус – Алдан оройуонугар Курбуhах нэhилиэгэр саха национальнай бырааhынньыгар – ыhыахха – сылдьан 30-ча сыл керсубэтэх дьонун – сэргэтин иннигэр тыл эппитэ, олохторо ессее тупсарыгар ба5арбыта. Кылгастык бэйэтин оло5ун, улэтин туhунан эмиэ кэпсээбитэ. Ол кэнниттэн тереебут, о5о сааhа ааспыт Туерэ сайылыгар, Бача алааска, Кырдьа5ас етеххе, Убаhа Хаhаата, Чиилийэ сайылыктарга аймахтарын, табаарыстарын кытары керсен – кэпсэтэн, куулэйдээн, дойдута, айыл5ата кэрэтин, дьон – сэргэ оло5о тупсубутун керен наhаа уербутэ. Кинини дьон – сэргэ бэркэ уерэ – кете керсубуттэрэ, ол гынан баран кини «Билэр дьонум а5ыйаабыттар, арай ма5ан эрэ баттахтаахтары билэр эбиппин» диэбитэ. Курбуhахтан Боро5онно киирэн Реас Кулаковскайдаахха хас да хонон, бэрт элбэхтик кэпсэтэн астыммыт а5ай этэ. Онтон Бэйдинэ5э тахсан уелээннээ5ин, кырдьа5ас учууталы Никифор Михайлович Говоровы булан хонон – ереен элбэ5и сэhэргэспиттэрэ. 1979с. елуен иннинэ бары улэтин барытын Ойуунускай музейыгар анаабытын музей улэhиттэрэ баран а5албыттар. Оччотоо5уга Иннокентий Васильевич биир дойдуулаа5а, до5оро Василий Андреевич Протодьяконов – Кулантай музей директора. 1979с. елер ыарыытыгар ыалдьыбытыгар улахан балта Мария Васильевна Пухова Москва5а тиийэн ыарыылаабыта уонна кини кердеhуутунэн кемус унуо5ун уонна кэргэнин Зинаида Павловна кулун а5алан Дьокуускайга дьонун, табаарыстарын кытары быраhаайдаhыннаран баран Ма5ан кылабыыhатыгар унуохтарын туппуттара. Кэргэнэ Зинаида Павловна Пухова кэргэнин иннинэ саас 1979с. елбутэ. 2). Пухова Мария Васильевна (14.03.1914 – 2010) Дьокуускайга учительскай институту бутэрэн 30-тан тахса сыл Елуехумэ оруйуонугар Аба5а оскуолатыгар нуучча тылын уонна литературатын учууталынан улэлээбитэ. Бастакы кэргэнэ Степан Денисов диэн, киниттэн уоллаах кыыс о5ону тереппутэ (елбуттэрэ). Кэнники Степантан арахсыбыта. Иккис кэргэнэ Боянов Тимофей Тимофеевич идэтинэн учуутал, Дьокуускайдаа5ы педагогическай училищены, онтон учительскай институту бутэрбитэ. Кини Аба5а оскуолатыгар учууталынан, Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн ер сыл улэлээбитэ. Кинилэр икки уоллаахтар: 1). Виталий Тимофеевич Боянов Киевтаа5ыгражданскай авиация инженернай институтун, онтон Сибиирдээ5и финансовай уонна банковскай институту бутэрэн Дьокуускайга «Якутия» баанна улэлии сылдьыбыта, онтон Арбитражнай суукка управляющайдаабыта. Кэргэнэ Торговкина Туяра Афанасьевна Ташкеннаа5ы политехническай институту, онтон Московскай экономико – статистическай институту бутэрбитэ. Россия утуелээх экономиhа, РФ Государственнай статистикатын, Саха Республикатаа5ы территориальнай органын салайааччыта. О5олоро: 1). Боянова Снежана Витальевна экономическай наука кандидата, Россия норуоттар до5ордоhууларын университетыгар преподаватель. Москва5а олорор, о5олоох, кэргэннээх. 2). Боянова Дженита Витальевна нефть уонна газ институтун аспирана, Казахстаанна Атыран куоракка олорор, кэргэннээх, о5олоох. 2). Боянов Алексей Тимофеевич (09.03.1951),Горькай куораттаа5ы тутуу инженернай институтун техническай факультетын бутэрэн тутуу инженерын идэтин ылан Дьокуускайга «ДСК» АОА дьиэ туту материалларын онорор комбинат иhинэн туту учаастагын начальнигынан улэлээбитэ. А5а дойду сэриитин кыайыытын 60 сылыгар «Гражданская доблесть» диэн знагынан на5араадаламмыта. Кэргэнэ Олесова Ирина Егоровна Уус – Алдантан теруттээх, СГУ математическай факультетын бутэрэн федеральнай налоговай служба5а отдел начальнигынан улэлээбитэ. Алексей Тимофеевич бастакы кэргэниттэн кыыhа Елена Алексеевна ДьГТХА экономическай факультетын бутэрэн бухучет уонна аудит специальноhын ылан республика баайга – дуолга сыhыаннаhыыларын Министерствотыгар улэлээбитэ. Кэргэнэ Алганцов Юрий «Сахаэнерго» тэрилтэ5э суоппардаабыта, уоллара Боянов Женя 9 саастаах. 3). Марфа Васильевна Пухова (1919 – 1967) бастакы кэргэнэ Габышев диэн Елуехумэ киhитигэр эргэ тахсан Наташа диэн кыыhы тереппутэ, сэрии сайын елбутэ. Кэнники Георгий Спиридонович Мигалкинна тахсыбыта, о5олоро суох. Муся кыра эрдэ5иттэн тынатынан ыалдьара. Ол ыарыыттан елбутэ.