Пухов Петр Андреевич – Еппей Буетур.
Мария Михайловна Пухова.
Киниттэн уол баар дииллэр да кун бугунугэр дылы ханна олорбута, улэлээбитэ, о5олоо5о биллибэт.
Пухов Михаил Андреевич – Сурдургуур Мэхээлэ.
Михаил Андреевич Пухов – Сурдургуур Мэхээлэ, Тис Буhурук Ендурэй уhус уола. Кинини Аччыгый Мэхээлэ дииллэрэ. Кини кэргэнэ Прасковья Николай Местников – Тымтай Ньукулай балта. Аччыгый Мэхээлэ убайынаан Улахан Мэхээлэлиин олохторо Орто Дьаарынна Кетет диэн сиргэ. Онно кинилэр олорбут икки туруору саха бала5аннара бааллар. Сайын ус бырааттыылар Чиилийэ диэн кэрэ сайылыкка биир тиэргэннэ ус дьиэни туттан бэрт эйэлээхтик уерэ – кете сайылыыллара. Уус Буетуччээн, Улахан уонна Аччыгый Мэхээлэлэр. Аччыгый Мэхээлэлээх а5ыс о5оломмуттара: 5 уол уонна 3 кыыс. О5олоро бары кебус –кене урдук унуохтаах, сырдык хааннаах, куударалаах баттахтаах сыты – хотуу хорсун улэhит дьон этилэр.
1). Пухов Андрей Михайлович – Череней Ендурэй аатырар булчут этэ. Орто Дьаарын биир улахан куеллээх Бача диэн алааhыгар куhу – хааhы, андыны бултуура, оттон кыhынын куобахтаан дьонун – сэргэтин уердэрэ, аhатара. Кэргэнэ Татыалы Маайа - Мария Алексеевна Данилова – Елтек Еттееhуннээх Елексей кыыhа. Мария Алексеевна эдэригэр Дьокуускайга олоро сылдьыбыт, онон нууччалыы билэр этэ. Кини сурдээх учугэй майгылаах, аhыныгас сурэхтээх. Кинилэр о5олоро суох, ол гынан баран Ендурэй кыра быраатын Лаврентийы уонна Ендурэй балтыттан тулаайах хаалбыт Александра Андреевна Пухова – Тарскаяны –ииппиттэрэ. Онон элбэх сиэннээхтэр. Ендурэй 1942 сыллаахха елбутэ. Мария Алексеевна ииппит кыыhыгар Александра Андреевна5а олорон сиэннэрин керсен, улаатыннарарга кемелеспутэ.
2). Пухов Петр Михайлович – Маатайар Буетур (1898 – 25.05.1933) Орто Дьаарынна тереебутэ. Саамай сыты – хотуу, кэлэр – барар, айанныыр, тыллаах – естеех, сана олоххо тардыспыт киhи этэ. Кини Кэргэнэ Местникова Мария Михайловна. Ийэлэрэ сэрии ыар аччыктааhын мунун тулуйбакка 1942 сыллаахха суорума суолламмыта. Уон устээх Маарыйа, эдьиийэ 22 саастаах Ааныс тегурук тулаайах хаалаллар. Балыстыылар тулаайахпыт диэн сонноммокко, уерэххэ дьулуурдаахтык тардыhан, киhи – хара буолаллар.
Анна Петровна Пухова (16.09.1920 – 2003).Кини 7-с кылааhы бутэрээт Чурапчыга 1,5 ыйдаах учууталлар курстарын бутэрэн кэлэн начальнай оскуола5а учууталынан Уус – Алдан Чараныгар, Тулагы Киллэмнэ, Хатаска, Амма Соморсунугар, Лээчигэ 1938 сылтан 1946 сылтан диэри улэлээбитэ. Онтон доруобуйата мелтеен Якутскайдаа5ы культпросветучилище библиотечнай отделениятын бутэрэн 4 сыл Эдьигээннэ библиотекарынан улэлээбитэ. 1954с. Дьокуускайга кэлэн улэлии сылдьан Кузьмин Иннокентий Петрович диэн Ар5аа Ханалас киhитигэр кэргэн тахсан 3 о5олоохтор: Петя, Кеша, Галя. Петр Иннокентьевич КузьминНовосибирскайдаа5ы государственнай университеты бутэрэн, Алтайскай кыраайга Барнаул куоракка олохсуйан, онно университекка преподаватель, доцент, математическай наука кандидата. Кэргэнэ Даша экономист. О5олоро: Настя Новосибирскайга олорор, кэргэнэ Алдар – бурят, кыыстара Марина (2003). Кыра кыыс Лена Новосибирскай университетыгар психология факультетын бутэрбитэ. Кэргэнэ француз, билигин Франция5а олороллор, улэлииллэр. Иннокентий Иннокентьевич КузьминОмскайдаа5ы автодорожнай институту бутэрбитэ. Покровскай куоракка Газстрой механига, кэргэнэ Лиза кыра кылаас учуутала. О5олоро: Катя СВФУ физическай факультетын бутэрбитэ, Лида, Даша. Галина Иннокентьевна Кузьмина – ЯкушеваДьокуускайдаа5ы медицинскэй училищены бутэрэн Покровскай куорат балыыhатыгар хирургия медицинскэй сиэстэрэ. Кэргэнэ Петр Якушев, о5олоро: Диана, кэргэнэ Кычкин Алексей, иккиэн СВФУ медицинскэй институтун бутэрбиттэрэ, уоллара Айаал (2002). Кыра кыыс Оля Покровскай гимназиятын бутэрбитэ, куоракка уерэнэр.
Мария Петровна Пухова – Захарова (21.05.1929) Дьаарынна Бача диэн алаас халдьаайытыгар аба5атын Андрей Михайлович Пухов дьиэтигэр тереебутэ. 7-с кылааhы Дьокуускай оройуонугар Хатас оскуолатыгар бутэрбитэ. 1949с. Дьокуускай педагогическай училище дошкольнай отделениетын ситиhиилээхтик бутэрэр. Сахалартан уhyс киhинэн 1953с. Москватаа5ы В.И.Ленин аатынан государственнай педагогическай институт пелагогическай факультетын дошкольнай отделениетын Кыhыл дипломунан бутэрэн сэдэх идэни ылан 50 тахса сыл тахсыылаахтык улэлээбитэ. Уерэх министерствотын иhинэн республикатаа5ы дошкольнай методическай кабинекка методиhынан 4 сыл улэлээбитэ. 1957с. Дьокуускай 21-с номердаах детсадыгар сэбиэдиссэйинэн 2 сыл улэлээн баран, 1959 сылтан Дьокуускайдаа5ы педагогическай училище5а преподавателинэн, 1966с. сана аhыллыбыт 2-с номердаах педагогическай училище5а 10 сыл уерэх чааhын сэбиэдиссэйинэн, онтон преподавателинэн, кэлин 7 сыл училище музейын тэрийэн онно сэбиэдиссэйинэн улэлээбитэ.На5араадалара: РСФСР уерэ5ин туйгуна (1964с.), Саха АССР оскуолатын утуелээх учуутала (1970с.), Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Грамотата (1981с.), Саха Республикатын «Учууталлар учууталлара» диэн знагын 2004с. ылбыта. 2004с. бала5ан ыйын 2 кунуттэн пенсия5а олорор, улэ, тыыл ветерана, персональнай пенсионер. Кэргэнэ Захаров Семен Федотович (29.09.1927 – 2001) Чыамайыкы нэhилиэгэр Амма оройуонугар тереебутэ. 1952с. Магаданнаа5ы горно – геологическай техникуму бутэрэн геолог – разведчик диэн специальноhы ылан 20 сыл геолого – съемочнай партияларга геологынан Саха сирин элбэх оройуоннарыгар улэлээбитэ, онтон Якутскайдаа5ы Ленин орденнаах территориальнай – геологическай управление5а кадр отделын старшай инспекторынан улэлээбитэ. 1985с. пенсия5а барбыта, 2001с. 74 сааhыгар олохтон барбыта. На5араадалара: РСФСР Почетнай Грамотата (1972с.), СССР геологиятын Министерствотын грамотата (1978с.), социальнай куоталаhыы кыайыылаа5а (1979с.), улэ уонна тыыл ветерана, Россия горно – геологическай службатын 300 сылыгар урун кемус знага (06.09.2000). Кинилэр 3 о5олоохтор: 1). Трофимова – Захарова Валентина Семеновна (19.04.1955), Саха Государственнай Университетын биолого – географическай факультетын 1978с. бутэрэн Айыл5а харыстабылын министерствотын иhинэн комитекка улэлээбитэ, билигин «Якутгазпром» ОАО-5а бэйэтин идэтинэн главнай специалист. Кини Россия айыл5а харыстабылын утуелээх улэhитэ. Кэргэнэ Трофимов Степан Викторович Уус Майаттан теруттээх. Якутскайдаа5ы речной училищены бутэрэн механик – судоводитель, онтон Якутскайдаа5ы ГРЭС-кэ турбиннай оборудованиелар наладчиктарынан улэлээбитэ. Кинилэр икки о5олоохтор: 1). Яна Москватаа5ы землеустроительнай университеты бутэрэн земельнай кадастр специалиhа. Кэргэнэ Тагир Флерович Хайруллин физико – техническай институту бутэрэн Москава5а улэлиир. Яна специальноhынан «Еврохим» ЗАО главнай специалиhа. Москва таhыгар Люберцы куоракка олороллор. 2). Алеша Якутскайга экономико-правовой институт финансовай факультетын бутэрбитэ. 2). Захарова Людмила Семеновна (05.01.1957)Саха Государственнай университетын филологическай факультетын бутэрэн нуучча тылын уонна литературатын учууталынан Якутскайдаа5ы маннайгы номердаах педагогическай училище5а, онтон Якутскай 3-с номердаах оскуолатыгар улэлиир, РСФСР оскуолатын уерэ5ин туйгуна, урдук категориялаах учуутал. Уола Костя (18.05.1987), Санкт – Петербургдаа5ы государственнай служба академиятын бутэрбитэ. 3). Худогизова – Захарова Наталья Семеновна Москватаа5ы экономико – статистическай институту бутэрэн экономист, ер сылларга Якутскэнерго5а экономиhынан улэлээбитэ, онтон Якутскайдаа5ы коммунальнай хаhаайыстыба конторатыгар экономиhынан улэлээбитэ. Наталья Семеновна уhун ыарахан ыарыыттан 2008 сыллаахха бу олохтон барбыта. Кэргэнэ Худогизов Кирилл Афанасьевич Новосибирскайдаа5ы аэрофотосъемка уонна картография инженернай институтун бутэрэн инженер – аэрофотогеодезист специальноhын ылбыта. Билигин Президент уонна Правительство администрациятын государственнай уонна муниципальнай тэриллиилэрин кытта улэлиир Департамент салайааччытын солбуйааччы. Кинилэр 4 о5олоохтор: 1). Маша Москва5а геодезия уонна картография университетыгар картография факультетыгар дизайн специальноhыгар уерэнэн бутэрбитэ. 2). Рита Якутскайга Московскай экономико – правовой институт филиалыгар юридическай факультетын бутэрбитэ. Кыыhа Софья (2011). Игирэ уолаттар: Артем, Арсен, Якутскай 7-с номердаах оскуолатыгар уерэнэллэр.
3). Пухов Прокопий Михайлович – Бокоо Борокуопай (1899 – 1953) кэргэнэ Хабах Баhылай – Местников Василий кыыhа Варвара Васильевна Местникова – Пухова Илин Дьаарынна Курдат диэн Бача алаас илин еттугэр турар сиргэ элбэх о5олоох ыалга тереебутэ. Кини ер сылларга суеhу керееччунэн, ыанньыксытынан улэлээбитэ. Прокопий Михайлович улэни кыайар – хотор киhи этэ. Кини кыhынын элбэхтик таhа5ас таhыытыгар Дьокуускайынан, Ааллаах Уунунэн, Охотскай бэрэбиэhинэн айанна сылдьара. Колхозка хайа ба5арар улэ5э улэриирэ, ордук атынан от о5устара уонна биллэр тимир ууhа этэ. Кэргэнниилэр иккиэн колхоз бастын улэhиттэрэ буолан 1945 сыл тумугунэн Курбуhахха 22 улэ ударниктарыттан иккилэрэ кинилэр этилэр.
Кинилэр Ааныс – Пухова Анна Прокопьевна (192? – 200?) – диэн со5отох кыыстаахтар. Ааныс эмиэ ийэтин курдук суеhу керееччунэн, ыанньыксытынан улэлээбитэ. Кини сурдээх кытыгырас буолан ыhыахтарга сырсыы куоталаhыытыгар тэннээхтэрин тулуппат этэ. Тыыл, улэ ветерана.
4). Пухов Ксенофонт Михайлович (1900 – 1990). Аччыгый Мэхээлэ 5 уоллаа5ыттан саамай уhуннук олорбут уонна а5атын ууhун сал5аабыт киhи. Кини тереебут сиригэр, орто Дьаарынна, ер сыл олорон колхозка – совхозка улэлээбитэ. Бэйэтэ уерэ5э суох эрээри сурдээх уус тыллаах, ейуттэн быhа толкуйдаан арааhынай уhун хоhооннору, тойуктары айар уонна бэйэтэ бэрт учугэйдик аа5ар – туойар буолара, хомолтолоо5о – ону суруйтаран хаалларыллыбатах. Ксенофонт маннайны кэргэнэ I Елтектен Дуня – Евдокия Семеновна Андросова, кини кыыстаах уол о5олонон баран эдэр сааhыгар елбутэ. Кыыhа Дуня Пухова – Андросова Евдокия Семеновна (1933 – 28.09.1976), 17 сааhыгар диэри ийэтин убайыгар Андросов Сэмэннэ иитиллэн Андросова Евдокия Семеновна буолбута. Улаатан тереебут сиригэр Дьаарынна кэлэн тереппут а5атыгар олорон 1952с. Местников Иннокентий Михайлович диэн Местников Михаил – Борооску Мэхээлэ ииппит уолугар кэргэн тахсан 13 о5оломмуттара. Евдокия Семеновна «Герой - Ийэ» бочуоттаах аатын уонна орденын ылбыта. Кини бала5ан ыйын 28 кунугэр 1976с. быарынан ыалдьан 43 сааhыгар кун сириттэн барбыта.
1). Местникова – Копырина Софья Иннокентьевна (01.04.1954 – 11.09.1979) 6 кылааhы бутэрэн баран ыалдьан салгыы уерэммэтэ5э. Кини таайдарын Пуховтар курдук сырдык хааннаах, киэнинэн кэрэтик кербут харахтаах, кэрэ дьуhуннээх кыыс. 1972с. Копырин Николай Васильевичка кэргэн тахсан 5 о5оломмуттара: 1. Лукерия (Луша) Дьокуускайдаа5ы маннайгы номердаах училище физкультурнай отделениетын бутэрэн, Нам улууhугар учууталлаабыта, онтон СГУ физкультурнай институтун бутэрбитэ. Кэргэнэ Чердонов Марат, 1 о5олоохтор. 2. Айаал армияттан кэлэн Светлана диэн Чурапчыттан теруттээх кыыhы кэргэн ылан Сахаян диэн уоллаахтар.3. ДьулустаанТенулугэ СПТУ-ну бутэрэн электрик – силовик, кэргэнэ Васильева Елена Николаевна детсадка воспитатель кемелеhееччутунэн улэлээбитэ. 4. Айсен (11.09.1979) 10 кылааhы бутэрбитэ, армия5а Чечня5а службалаан кэлэн дойдутугар олорор, улэлиир, кэргэннээх, уоллара Дьулусхан (2011) . 5. Коля (11.09.1979 – 2004)доруобуйатынан мелтех буолан армия5а барбата5а, 2004с. елбутэ. Игирэ уолаттар тустуунан дьарыктаналлар этэ, Айсен спорт маастарыгар кандидат. 2). Местникова – Сакварс Евдокия Иннокентьевна (16.04.1955) кэргэнэ Леонид Петрович Сакварс (1949), литовец, Марафонна СССР спордун маастарыгар кандидат. Дуня ер сыл атыылааччынан улэлээбитэ, улахан иистэнньэн, уксун туулээх танаhы тигии маастара, бастын аатырбыт асчыт. Кинилэр 3 о5олоохтор: 1. Татьяна Дьокуускайдаа5ы культурно – просветительнай училище музыкальнай отделениетын вокалыгар уерэнэн 1994с. бутэрэн Бала5аннаахха кулууп сэбиэдиссэйинэн улэлээбитэ. Кэргэнэ Бурнашев Петр Петрович суоппар, 4 о5олоохтор: кыыстара Гуля оскуоланы бутэрэн уерэнэр куоракка, Алеша ыарыhах, Евдоким оскуола5а уерэнэр уонна кыра уоллаахтар детсадка сылдьар. 2. Леня оскуоланы бутэрэн араас улэ5э улэлиир. 3. Уля СГУ физическай факультетын бутэрэн Борогонно маннайгы номердаах оскуола5а учууталлаабыта. 3). Местников Иннокентий Иннокентьевич (16.07.1957) тыа хаhаайыстыбатын салайар кадрдары бэлэмниир техникумун бутэрбитэ, араас улэ5э улэлиир, бултуур, дьиэ тутааччы. Кэргэнэ Протопопова Любовь Петровна – Окоемовка5а библиотекарь. О5олоро: Виталий Иркутскайдаа5ы тыа хаhаайыстыбатын академиятыгар охотовед идэтигэр уерэнэн бутэрбитэ, Сережа оскуола кэнниттэн куоракка уерэнэр. 4). Местников Ксенофонт Иннокентьевич (1959 – елбутэ) кэргэнэ Шепелева Зоя, о5олоро: Станислав уонна Слава, Бэйдинэ5э олороллор. 5) Местникова Мария Иннокентьевна (25.09.1959) Фрунзе куоракка кооперативнай техникуму уерэнэн бутэрэн, товаровед. Борогонно универмаг сэбиэдиссэйинэн улэлээбитэ, онтон Окоемовка5а маслоцехха улэлээбитэ. 2004с. тумугунэн Россия5а ууту заготовкалааhынна уонна переработкалааhыынна 5-с миэстэлээх уонна Россия Центросоюhуттан дипломнаах. Кини кыыhа Лия кэргэнэ товаровед Бурцев Гаврил Иванович, кыыстара Оля (2005), Чаранна олороллор. 6). Местникова – Ноговицына Таисия Иннокентьевна (31.12.1960) Дьокуускайдаа5ы иккис номердаах педагогическай училищены бутэрбитэ, Кэбээйи Арыттаа5ар детсад сэбиэдиссэйинэн улэлээбитэ. Кэргэнэ Ноговицын Владимир Петрович СГУ саха тылын отделениятын бутэрэн оскуола директорынан улэлээн баран Арыттаахха баhылыктаабыта. О5олоро: 1. Сергей СГУ-ну бутэрбитэ. 2. Мотя СГУ бутэрбитэ, кэргэнэ Васильев Александр, кыыстаахтар. 3. Кеша СГУ-ну бутэрдэ, Сардаана 11 кылаас. 7). Местников Андрей Иннокентьевич (05.10.1962) кэргэнэ Говорова Мавра Петровна Арыылаах оскуолатыгар учуутал, Андрей совхозка улэлээбитэ, билигин бэйэтин хаhаайыстыбатын керер, о5олоро Андрей оскуоланы бутэрэн, куоракка уерэнэр. 8). Местникова – Черкашина Анастасия Семеновна (27.12.1964) кинини аймахтара Пелагея Емельяновна Пухова ылан ииппитэ. 9). Местникова Прасковья Иннокентьевна (20.06.1966) Якутскайдаа5ы 2-с номердаах педагогическай училищены бутэрэн Дьокуускайга детсадка о5олору физкультура5а уерэтэр. Кэргэнэ Местников Владимир Дмитриевич СПК-5а улэлиир. О5олоро: Евгений (13.02.1986) СВФУ саха тылын отделениятын бутэрбитэ, Максим оскуола5а уерэнэр. 10). Местникова – Копырина Елена Иннокентьевна (16.08.1968) Якутскайдаа5ы 2-с номердаах училищены кэтэхтэн бутэрэн Сыырдаах детсадыгар воспитатель. Кэргэнэ Копырин Василий Иванович булчут, тустуук, сылгыhыт, общественнай олоххо активнайдык кыттар. О5олоро: 1. Иван Копырин (01.05.1989) кэргэнэ Аня Копырина - Бурнашева (21.07.1990) уоллара Виталий (2010). 2. Вася Копырин кэргэнэ Аня Копырина – Данилова, кыыстара Алиса (2008) уонна кыра о5олоохтор. 3. Василена Копырина (05.02.1998) 8 кылааска уерэнэр. 11). Местников Семен Иннокентьевич (23.12.1969) Тенулугэ СПТУ-га уерэнэн суоппар идэтин ылбыта. Кэргэнэ Семенова Анна Николаевна начальнай оскуола учуутала. О5олоро: Айтаал. 12). Местников Сидор Иннокентьевич армия5а службалаан кэлэн баран араас улэ5э улэлии сылдьан елбутэ. 13). Местникова – Бурнашева Ольга Иннокентьевна (1973) саамай кыралара, ийэтэ елеругэр 3 саастаах хаалбыт о5о. Якутскайдаа5ы 2-с номердаах педагогическай училищены бутэрэн Уус – Куелун оскуолатыгар начальнай кылаас учуутала. Кэргэнэ Бурнашев Николай Николаевич СПК улэhит. О5олоро: Куннэй (1996) 10 кылаас, Мирослав (1997) 9 кылаас, Коля уонна Оля оскуола5а уерэнэллэр.
Уоллара Андрей Ксенофонтович Пухов (1934) Дьаарынна тереебутэ. Ийэтэ Евдокия Андросова эрдэ елеен а5атыгар уонна санаhа Мария Алексеевна, маачаха ийэтэ Александра кемелерунэн кыра эрдэ5иттэн улэ5э эриллэн улааппыта, уерэммэтэ5э. 1956с. Акулина Аманатова диэн кыыhы кэргэн ылан Борогонно олохсуйан 9 о5оломмуттара. А5алара Андрей Ксенофонтович араас улэ5э, уксун тутууга улэлээн, о5олорун улаатыннаран, дьон онорбуттара. О5олоро: 1). Пухов Петр (1960) – энергетик. Армия5а сулууспалаабыта уонна сааhыран баран кэргэннэнэн 2 уол о5олоохтор: Кеша (2002) уонна Алеша. Кэргэнэ, Светлана Михайловна Максимова, акушерка. 2). Пухова – Бочурова Александра (1961) кэргэнэ Иннокентий Бочуров Таатта уола, телевизор маастара. Шура Намнаа5ы художественнай педагогическай училищены бутэрэн уруhуй учуутала, Ытык Куелгэ олороллор, о5олоро: Саина (19.06.1986), кэргэнэ Владимир Шамаев (26.02.1985) уоллара Айхал (2009), Мария, Александра (21.11.1993). 3). Прокопий Пухов (1963) армия5а сулууспалаабыта, уруhуйдуур талааннаах. Дьокуускайдаа5ы художественнай училище5а уерэнэн иhэн кэргэннэнэн, о5олонон салгыы уерэммэтэ5э. Кини дьо5урдаах масс ууhа, кэргэнэ Даша. Кыыстара Вероника (27.12.1984) Дьокуускайдаа5ы Арктическай культура институтун бутэрбитэ, кэргэнэ Николай Михеев. Андрей ЯГИТИ – га уерэнэ сылдьан, елбутэ. 4). Лаврентий Пухов (1961 – 2004) армия кэнниттэн Дьокуускайга суоппар уерэ5ин бутэрэн суоппарынан улэлээбитэ. Киниттэн Соня диэн кыыс хаалбыта. Лаврик 2004с. хомолтолоохтук олохтон барбыта. 5). Пухова Мария (1966) Дьокуускайдаа5ы культура училищетын библиотечнай отделениетын бутэрэн библиотекарь. Онтон Борогонно музейга улэлээбитэ. Уола Денис Пухов (11.12.1990) ЯКТиД – ка (Якутский Колледж Технологии и Дизайн) 3 курс. 6). Пухова Прасковья (07.10.1967) Муру орто оскуолатын бутэрээт бастаан почта5а улэлээбитэ, билигин детсадка повардыыр. Уола Ксенофонт (02.12.1994), хос эhэтин толору аатын ылан (Пухов Ксенофонт Михайлович), «Уолан» гимназия5а 11 кылаас, кыыhа Сайыына (18.08.2003) 3 кылаас буолла. 7). Пухова – Старостина Варвара (1971) Дьокуускайдаа5ы 2-с номердаах педагогическай коллеhы кэтэхтэн бутэрбитэ, детсадка воспитатель кемелеhееччутунэн улэлээбитэ. О5олоро: Алина, Анжела (11.05.1991). 8). Пухов Иосиф саамай кыра уол, армияттан кэлэн кэргэннэнэн Ытык Куелгэ олороллор. Кыргыттара: Варя Маркова (13.02.1994). 9). Пухов Константин (1973 - ?) Дьокуускайга Тыа хаhаайыстыбатын академиятыгар уерэнэн иhэн уурайбыта уонна дойдутугар тахсан улэлии сылдьан хомолтолоохтук елбутэ.
5). Пухов Лаврентий Михайлович (1920 – 1941).
6). Пухова – Олесова Прасковья Михайловна Тенулугэ олохтоох Олесов диэн киhиэхэ кэргэн тахсан эдэр сааhыгар елбутэ. Кинилэртэн Евдокия Иннокентьевна Олесова - Прибылых диэн кыыс хаалар. Евдокия Иннокентьевна кэргэнэ Прибылых Николай диэн Мэнэ – Ханалас Балыктаа5ар олохтоох киhи. Кинилэр 7 о5оломмуттарыттан билигин 4 улахан дьон баар: Иннокентий Прибылых уонна кини балта Матрена Аллараа Бэстээххэ олороллор. Иннокентий ГАИ улэhитэ. Гаврил уонна Роман диэн уолаттар дойдуларыгар Балыктаахха олороллор. Ийэлэрэ Евдокия Иннокентьевна аатырбыт бастын улэлээх ыанньыксыт, «Ленин» уонна «Улэ Кыhыл Знамята» орденнардаах, медаллардаах, Саха АССР Верховнай Советыгар хас да тегул депутат буола сылдьыбыта.
7). Пухова – Алексеева Александра Михайловна (1926 – 2006), Аччыгый Мэхээлэ кыыhа Александра Михайловна Алексеева тереппут кыыhа, ийэтэ эрдэ елен о5ото суох таайыгар Пухов Андрей Михайлович – Череней Ендурэйгэ иитиллибитэ. Кини 1947с. армияттан кэлбит Иннокентий Михайлович Тарскайдыын олохторун холбоон ыал буолан 10 о5олонон 1970с. Герой – Ийэ Бочуоттаах аатын уонна орденын ылбыта. 1). Тарскай Лаврентий (1948) Бэрт Ууhугар Чирэпчигэ тереебутэ, суоппар идэлээх, Борогонно, Дьокуускайга улэлээбитэ. Кэргэнэ Ия Николаевна Копырина Опера уонна балет театрыгар производственнай цехха улэлээбитэ. Кинилэр 4 о5олоохтор: уолаттар Коля, Кеша уонна балтылара Ия СВФУ-ну бутэрбиттэрэ. Саша эмиэ орто уерэ5и бутэрбитэ. 2). Мордовская Наталья – урдук уерэхтээх зоотехник. Кэргэнэ Мордовской Иван Иванович. Кинилэр о5олоро: Маша, Наташа, Ксения. Уоллара Женя эдэр сааhыгар олохтон барбыта. Маша Дьокуускайга 1-гы номердаах педагогическай училищены бутэрбитэ, араас улэ5э улэлиир. Наташа – начальнай оскуола учуутала. Ксения ДьГТХА –ны бутэрбитэ. Наталья Иннокентьевналаах 5 сиэннээхтэр6 Уйгун, Женя, Вова Ноговицын, Вася уонна Ваня Константиновтар. 3). Тарскай Иннокентий Иннокентьевич кэргэнэ Матрена Федоровналыын Сыырдаахха олорбуттара. Иннокентий бултуурун себулуурэ, улахан булчут этэ. О5олоро: 1). Валентина – булгахтер, икки о5олоох: Люба (16.02.1997), Ян, 3 игирэ уолаттар: 2). Сергей (20.08.1976) – предприниматель, кэргэнэ Ньургуйаана Анатольевна, о5олоро: Толя (14.08.1996), Алиса, 3). Алексей (20.08.1976) – электрик, футболист, кэргэннээх, 2 о5олооох. 4). Григорий (20.08.1976) – физкультура учуутала, Анна Эдуардовна начаалынай кылаас учуутала, о5олоро Кеша (30.08.1998), Грианна. 4). Тарскай Михаил Иннокентьевич кэргэнэ Заровняева Евдокия Николаевна – потребкооперация туйгуна, атыылааччы. Уоллара Кеша куоракка уерэнэр. 5). Тарскай Николай Иннокентьевич – райпо5а улэлээбитэ, кэргэнэ Стрекаловская Фекла, Коля уонна Володя диэн уолаттардаахтар. 6). Петухова – Тарская Александра Иннокентьевна библиотекарь, кэргэнэ Петухов Гаврил Гаврильевич – плотник – столяр. О5олоро: 1). Айта атыыhыт, 2). Айна СВФУ юридическай факультетын бутэрбитэ, кэргэннээх, Айвина диэн кыыстаахтар. 3). Ганя, 21 саастаах, ыарыhах. 7). Игнатовец – Тарская Калерия Иннокентьевна. Кыра сылдьан ыалдьан тыла суох. Кэргэнэ Игнатовец Сергей – белорус. О5олоро: Сахаяна Петрова СВФУ педагогическай институтун бутэрбитэ, о5олоро: Лукаша, Бэргэн. Коля, Оля, Олег (05.11.1997). 8). Тарскай Андрей Иннокентьевич о5олоро Шура уонна Костя куоракка уерэнэллэр. Андрей 2005с. саас олохтон туораабыта. 9). Тарскай Петр Иннокентьевич Сыырдаахха олорор, суоппар. Кэргэнэ Антонина Николаевна кулуубугар улэлиир. О5олоро: 1).Лаврентий (29.01.1986) СВФУ физкультурнай институтун бутэрбитэ, кэргэнэ Сааскылаана Евсеева – Тарская (30.04.1987), Кыыстара Куннэйэ (20.08.2010). 2). Кэскил (22.11.1993), ЯГСХА – 5а уерэнэр 10). Майя Иннокентьевна Тарская кэргэнэ Аманатов Аркадий Николаевич – суоппар. О5олоро: 1). Айталина Васильева (27.08.1988), кэргэнэ Васильев диэн, о5олоро: Доминик (2008), Вероника(2009), Василиса (2011). 2). Аина (29.07.1993). 3). Айтал (30.06.1999).
8). Пухова – Колодезникова Варвара Михайловна – Обо – Чобо Балбаара иккис кэргэнэ Колодезников Михаил – Манхараат. Кинилэр ус о5олоохтор этэ: 1). Паша 18 сааhыгар елбутэ. 2). Евдокия Михайловна (02.06.1947) кэргэнэ Мыреев Григорий Степанович (21.01.1939), Ленскэй оройуон, Бэчинчэ киhитэ. Кинилэр 4 о5олоохтор: 1) Степан (15.06.1972), СПТУ-ну бутэрэн электрик – сварщик буолбута. Кэргэнэ Аммосова Саргылаана, уоллара Арсен 11 кылаас буолла. 2) Спартак (05.10.1979) 6-с кылааhынан уурайбыта, сайдыыта мелтех, ыалларга олорон улэлиир. 3). Евгений орто уерэхтээх, СПТУ-ну бутэрэн тракторист, кэргэнэ Николаева Айталина Ревовна Одьулуун СПТУ-гар вахтер, кыыстара Анжелика (2000), Алина 7,5 саастаах. 4) Проня (1982) 8-с кылаас уерэхтээх, Суоттуга СПТУ-ну бутэрбитэ. 3) Колодезникова – Афанасьева Мария Михайловна Боро5оннорайсоюзка улэлээбитэ, билигин пенсия5а олорор, кэргэнэ Афанасьев Евгений Константинович котельнайга улэлээбитэ, 3 о5олоохтор: Надежда СГУ-ну бутэрбитэ, кэргэнэ Алексеев Роман. Надя «Легей» тэрилтэ5э юриhынан улэлээбитэ. 2). Константин СГУ медицинскэй факультетын бутэрэн Дьокуускай 3-с номердаах поликлиника5а эндокринолог – враhынан улэлээбитэ. 3). Леня орто уерэхтээх.
Пухов Петр Андреевич – Еппей Буетур.
Петр Андреевич кэргэнэ Кэтириис. Кинилэр 5 о5олоохтор. Харытыай, Елена, Мария I, Мария II уонна Петр (1911 – 1942). Еппей Буетур уус киhи эбит, онон Уус Буетуччээн дииллэр эбит. Кэргэнэ бэрт кыра унуохтаах Кэтириис. Кинилэр Бача диэн кэрэ алаас ар5аа баhыгар халдьаайы сыыр анныгар олорбуттар. Улахан кыргыттар Харытыай уонна Елена Бэрт – Ууhугар кэргэн барбыттар. Мария (а5ата) I Елтекке Татаринов Яков диэн киhиэхэ барбыт. Кинилэртэн Анемподист Яковлевич Татаринов – диэн уол хаалбыта. Анемподист А5а дойду сэриитигэр уhуннук сэриилэhэн, бэрт элбэхтик бааhыран, А5а дойду сэриитин 2 –с степеннээх орденнаах, хас да хорсунун иhин мэтээллэрдээх дойдутугар эргиллэн кэлэн Прасковья диэн кэргэннэнэн 2 о5ону хаалларбыттара. Уоллара Иннокентий АнемподистовичТатаринов Уус – Алдан Арыылаа5ар олорор, суоппар. Кэргэнэ Винокурова Роза Иннокентьевна. Кинилэр 5 о5олоохтор, 9 сиэннээхтэр. О5олоро Мила Додохова уруhуй, черчение учуутала, кэргэнэ Додохов Петр Иванович: О5олоро Лилия, Роза, Сардаана уонна Туйаарыма. Паша Борогонно сберкасса5а улэлиир. Вика – Нерюнгри куоракка булгахтер. Лена Бэйдинэ5э почта начальнига, кэргэнэ Говоров Александр Ильич: о5олоро Нелли, Саша уонна Кристи. Кеша Бэйдинэ5э олорор, кэргэннээх, 2 о5олоох: Костя, Нарыйа.
Кыыстара Татьяна Анемподистовна Шахурдина Аллараа Бэстээххэ олорор, уерэ5инэн библиотекарь, атыылааччынан улэлээн баран пенсия5а олорор, 3 о5олоох: кыыhа Наталья Васильева – транспортнай милиция улэhитэ, Миша Нерюнгрига электрик, Ваня – юрист, Якутскайга санэпиднадзорга улэлиир.
Петр Андреевич Пухов Маайа (балыhа) диэн кыыhа I Елтекке Кэ5э Тайыла диэн киhиэхэ кэргэн барбыта, о5ото суох. Петр Андреевич уола Пухов Петр Петрович (1911 – 1942) Борогонно промкомбинакка улэлии сылдьан А5а дойду сэриитигэр 1941с. баран сэриилэhэ сылдьан 1942с. сэрии хонуутугар елбутэ.
Пухов Михаил Андреевич – Быргыыча Мэхээлэ.
Михаил Андреевич – Быргыыча Мэхээлэ – Тис Буhурук Андрей икки уола. Кинини Улахан Мэхээлэ дииллэр эбит. Кини маннайгы кэргэнэ Чорбох Кэтириис. Иванов Василий Васильевич - Ыт сирэй Уйбаныап кыыьа. Киниттэн икки уолламмыттар: Хардыр5ай Хабырылла – Гаврил Михайлович Пухов уонна Сымыыт Мэхээлэ – Михаил Михайлович Пухов.
Михаил Андреевич иккис кэргэнэ Ломпо Матырыас, киниттэн Морохто Ньукулай – Николай Михайлович Пухов, Лэбээритэр Уйбаан – Иван Михайлович Пухов уонна Ньала5ада Балбаара, Маайа диэн кыргыттар.
Пухов Гаврил Михайлович – Хардырхай Хабырылла.
Улахан уол Гаврил Михайлович Пухов – Хардырхай Хабырылла (1879 – 1953) Дьаарынна «Кетет» диэн сиргэ тереебутэ. Кэргэнэ Копырина – Пухова Татьяна Захаровна (1891 – 1973), Хоту Сараах Копыриннар кыыстара. Татьяна Захаровна ийэтэ Пестрякова Фекла Егоровна (1863 – 1865), Курбуhах нэhилиэгин биир уhун уйэлээ5э буолар.
Татьяналаах Гаврил уопсайа 13 о5о5о кун сирин кердербуттэрэ. Сэрии иннинэ Дьаарынтан Фекла Егоровна5а кеhен тахсан, «Кыhыл Хардыы» колхозка киирэллэригэр, 7 о5олоохтор эбиттэр. Та5ыстахтарын кыhын улахан грипп ыарыыга ус уол елбутэ. Кэлин 1941 сыл муус устарга Николай Гаврильевич Пухов кун сирин керер. Онон бэьиэ буолаллар.
1. Пухов Гаврил Гаврильевич (1916 – 1943). «Кыhыл Хардыы» колхоз чилиэнэ. Колхоз хоhуун улэhитэ, кыhын булчут, сыллата 500 келеhун кунун аахсар этэ. Куhу кетен истэ5инэ куерэтэн туhэрэр бэргэн ытааччы этэ. Кини 22 фашиhы суох онорбута. Командование бойубуой соруда5ын туйгуннук толорон «Хорсунун иhин» мэтээлинэн на5араадаламмыта. Хас кун аайы хайаан да биирдии немеhи елерен, ол иhигэр чыыннаах – хааннаах командиры «морботон» хорсун саллаат Кыhыл Сулус орден ылбыта.
«Сэрии иннинэ колхоз чулуу улэhитэ, ударник этэ. Куруук колхоз ыарахан улэтигэр сылдьара. От охсуутугар ортотунан куннэ балтараа гектар сири охсоро. Кыhынын «Моой урэххэ» таhа5ас таhыытыгар туертуу атынан сылдьара. Кини сэрии иннинэ «Уот Куел» сайылыгы ус мас тоhо5о куруенэн бутэйдээбитэ, бааhына сирин ус уут бутэйинэн, «Атыыр о5ус» тиэрбэhин туерт уут бутэйинэн бутэйдээбитэ. Кини туппут туерт уут бутэйэ 70-с сылларга дылы турбута, ону субай тиэрбэhэ оностор этилэр. Урукку дьон оннук учугэй тутуулаах буолаллара. Хабыычча байанайдаах булчут этэ. Кыhын суеhгэ от тиэйэрин быыhыгар куобахха айалыыра, сайынын от улэтигэр сылдьан, куруук кустах кэлэр буолара. Саас аайы андылыыр этилэр. Биирдэ икки убайым 15 андыны а5албыттара, онно уеруу – кету бе5е буолбуппут. 1940 сыл бала5ан ыйын бутэhигэр наhаа халын хаар туспутун ейдуубун. «Чуорунай» диэн ааттаах булчут ыппытынаан убайым Хабыычча эбиэттэн киэhээ тахсан, 40 куоба5ы туттаран киирбитэ. Кини уерэ5э суох этэ, нэhиилэ илии баттыыра. Сэриилэhэ сылдьан, биhиэхэ ыытар суругун нууччаларга суруйтарбыт буолара. Ону биhи дьонно аахтаран истэрбит.. Кини нууччалыы сырдык хааннаах, киэн арылхай харахтаах киhи этэ. Биир суругар кини «Снайпер буолан, элбэх фашиhы елерен, «Кыhыл Сулус» ордены ыллым» диэбит уонна ийэтигэр пособие ылар кумаа5ы ыыппыт этэ. Ол кумаа5ынан ийэбит пособие анаппыт этэ. Сэриигэ бараары туран «Естее5у кыайан, биhи бары дойдубутугар эргиллэн кэлиэхпит» диэхтээбитэ, барытын кытта илии тутуhан, быраhаайдаhан барбыта. Ол кинини бутэhик керен хаалыыбыт этэ. 1943 сыллаахха сайын кинини «Сура5а суох суттэ» диэн биллэрии кэлбитэ. Кини сура5а суох суппутун туhунан сура5ы аймана истибиппит, ордук ийэбит ытаабыта – сонообута» диэн ахтар этэ биир тереебут балта Александра Гаврильевна Пухова (1926 – 2004).
2. Пухов Роман Гаврильевич (1919 – 11.03.1944). «Кини 7 кылаас уерэхтээх, комсомолец этэ. Народнай суукка секретарынан биир кэмнэ улэлээбитэ. «Кыттаайы» колхозка 1940 – 1941 сылларга улахан дьону аа5арга – суруйарга уерэппитэ. 1941 сыллаах кыhын «Ааллаах ууннэ» таhа5аска сылдьан кэлбитэ. Арамаан орто унуохтаах, хатыныр, хап – хара куудара баттахтаах киhи этэ. 1942 сыллаах уоттаах кураанна биhиги, Хоту Сараах биригээдэтин дьоно: таайбыт Копырин Василий Афанасьевич, убайым Арамаан уонна мин буолан, «Ойо5ос» диэн куел уутун курдьэ5инэн ханааба хаhан, урэххэ олорчу кеhерен киллэрбиппит. Ити бэс ыйыгар этэ. Оттон бэс ыйын 22 кунугэр Лазарев Афанасий Михайлович диэн киhи убайбар сэриигэ барар бэбиэскэни а5алан туттарбыта. Онно эмиэ ытаhыы – соноhуу бе5е буолбуппут. Ийэм о5отун ытыырын быыhыгар сыллаан – уураан атаарбыта. Оройуон киинигэр Арамааны а5абыт атынан киллэрэн биэрбитэ. Кини Украина5а сэриилэhэ сылдьан сурук ыытара. Биир суругар «алталыы суукка тохтоло суох сэриилэстибит» диэн суруйбута. Биир кыргыhыыга уна сототун буулдьа5а сыыйтаран, ер госпитальга сытан эмтэммит этэ. Утуерэн эмиэ салгыы сэриилэhэ сылдьан, 1944 сыллаахха кыргыhыы толоонугар охтубута. Ол туhунан биллэриигэ Украина5а Николаевскай сэлиэнньэ кылабыыhатыгар кемулуннэ дэммит этэ. Эмиэ ытаhыы – соноhуу бе5е буолбута. Сиэнэ елерун эбэбит Фекла эмээхсин туhээн биттэммит этэ. «О5ом кэлэн, ула5а диэки хайыhан сытар этэ. Ол аата кини кута – сурэ кэлбитэ бит», - диэбитэ» диэн ахтар биир тереебут балта Александра Гаврильевна Пухова (1926 – 2004).
3. Мария Гаврильевна Пухова (1921 – 1991) Улэ Кыhыл Знамята орденнаах ыанньыксыт. Кэргэнэ Петров Михаил Николаевич (1911 – 1992), хотон тас улэhитэ, бостуук этэ. Кинилэр икки кыыстаахтар Анна уонна Татьяна. Анна Михайловна (1950), атыылааччынан улэлээбитэ. Кэргэнэ Данилов Петр Петрович . Кинилэр 4 о5олоохтор 1). Докторова Саргылаана Петровна кэргэнэ Докторов Роман. Икки кыыстаахтар Докторова Сайыына (01.06.1996), Докторова Кристина . 2). Данилов Михаил Петрович кэргэнэ Кыыдаана Егоровна Данилова. 3 о5олоохтор. Данилов Денис , Данилова Дарина , Данилов Далаан. 3). Данилова Мария Петровна. 4). Данилов Петр Петрович биологическай наука кандидата, кэргэнэ Александра . 2 о5олоохтор. Данилов Кирилл , Данилова Диана . Татьяна Михайловна (1952), кэргэнэ Копырин Николай. Кинилэр 7 о5олоохтор. 1) Коля , 2) Евдокия (02.03.1984) кэргэнэ Иванов Иннокентий Владимирович (26.10.1976), икки кыыстаахтар: Арина (15.09.2004), Анита (28.02.2011), 3). Людмила, кэргэнэ Руслан о5олоохтор, 4) Анна , 5). Татьяна (24.12.1990), кэргэнэ Саввин Андрей Николаевич (23.11.1985), 6). Мария (18.02.1993), 7). Коля (1994) Сыырдаахха уерэнэр 10 кылаас.
4. Пухова Александра Гаврильевна (27.03.1926 – 18.06.2004). Кэргэнэ Петров Иван Иванович диэн суоппар киhи этэ. Кинилэр 2 о5олоохтор. Пухов Иннокентий Иванович (31.05.1953) суоппар, кэргэнэ Пухова – Портнягина Светлана Иосифовна (03.12.1957) пекарь, иистэнньэн. Кинилэр 3 о5олоохтор. 1). Портнягина Олеся Николаевна (25.07.1987) быйыл СВФУ-га ИМИ-ни бутэрдэ. 2). Пухов Гаврил Иннокентьевич (10.09.1993), быйыл оскуоланы бутэрдэ. 3). Пухов Денис Иннокентьевич (25.12.1995), быйыл 9 кылаас буолла. Петрова – Колодезникова Варвара Ивановна (26.05.1954), поликлиника5а акушерканан улэлиир. Кэргэнэ Колодезников Спиридон Семенович (01.04.1953). Кинилэр икки кыыстаахтар, Алена Спиридоновна (09.10.1980), Александра Спиридоновна (1982). Кыргыттар Саха Государственнай университетын бутэрэн куоракка улэлииллэр. Алена – психолог, Саша – прикладная математика диэни бутэрбиттэрэ.
5. Пухов Николай Гаврильевич (муус устар 1941 – 28.12.1999) Саха Республикатын культуратын утуелээх улэhитэ. 1960 сыллаахха Сыырдаахха орто оскуоланы бутэрээт, Омскайдаа5ы тыа хаhаайыстыбатын институтугар уерэнэ киирбитэ. Институту бутэрээн, инженер – механик идэтин ылбыта. 1969 сыллаахха «Лена» совхозка инженеринэн, 1971 сылтан кылаабынай экономиhынан улэлээбитэ. 1973 сылтан ССКП чилиэнэ, 1978 сылтан партком секретарынан улэлээбитэ. 1979 сыллаахха «Лена» совхоз бытарыйарыгар, кини «Сардана» совхоз директорынан улэлээбитэ. 1985 – 1988 сылларга ССКП Уус – Алданнаа5ы райкомун иккис секретарынан талыллан улэлээбитэ. Ити кэнниттэн «Курбуhах» совхоз тэриллибитигэр 1989 сыл бэс ыйыттан совхоз директорынан улэлиир.
Дойду урдунэн уларыта тутуу киирбитигэр, хаhаайыннааhын сана ньыматыгар 1992 -1995сс. «Курбуhах» бааhынай хаhаайыстыбаларын ассоциациятын председателинэн улэлээбитэ. 1994 сылтан Уус –Алдан улууhун дьаhалтатын экономика5а управлениятын начальнигынан улэлээбитэ. Николай Гаврильевич улэтин быыhыгар Хабаровскайдаа5ы урдуку партийнай оскуоланы кэтэхтэн туйгуннук уерэнэн бутэрбитэ. Киниэхэ урдук таhаарыылаах улэтин иhин Саха АССР культуратын утуелээх улэhитин бочуоттаах аата инэриллибитэ. Уус –Куелунээ5и спортивнай залга Николай Гаврильевич Пухов аатын тохсунньу 25 кунугэр 2001 сыллаахха инэрбиттэрэ.
Эдьиийин Александра Гаврильевнаны икки тегул со5уруу Москванан, Украинанан, Молдавиянан, Грузиянан уонна уерэммит сиригэр Омскайга сырытыннарбыта. Ону эдьиийэ этэр этэ «Уерэттэрбиппин биллэрбитэ» диэн. Николай Гаврильевич кэргэнэ Мария Гаврильевна Портнягина (1945 – 2000). Уоллара Мичил Николаевич Пухов полиция, кэргэнэ Ида Гаврильевна, уоллара Ганя (1997) оскуола5а уерэнэр. Кыыстара Татьяна Николаевна (19.05.1985) кэргэнэ Александр Юрьевич Окс (28.06.1985), уоллара Пухов Николай (17.04.2004).
Пухов Михаил Михайлович – Сымыыт Мэхээлэ.
Икки уол Пухов Михаил Михайлович (1906 – сэтинньи 1942). Коммунист, сэрии иннинэ салайар улэ5э сылдьыбыта, 1942с. сэриигэ ынырыллыбыта, Ар5аа фронна тиийэн сэриилэhэ сылдьан сэрии хонуутугар охтубута. Маннайгы кэргэнэ Петр Иннокентьевич Местников ийэтэ Местникова Акулина Николаевна. О5олонобун диэн 1935с. елбутэ. Иккис кэргэнэ Местникова Елена Петровна – Местников Петр Васильевич - Баттах Буетур кыыhа. Кинилэртэн Пухова – Жиркова Мария Михайловна (24.01.1937) тереебутэ. Мария Михайловна билигин Уус – Алдан улууhун Арыылаах беhуелэгэр олорор. Герой Ийэ (1975), улэ ветерана, Елтех нэhилиэгин бочуоттаах олохтоо5о. 1958 сыллаахха I Елтекке Жирков Иннокентий Михайлович диэн бэрт аатырбыт рационализатор киhиэхэ кэргэн тахсан уон о5олонор. Кинилэр о5олоро:
1). Анатолий Иннокентьевич Жирков (1959), бастакы кэргэнэ Дарья Гаврильевна Ефимова, кинилэр 2 кыыhы иитэн улаатыннарбыттара. Даша Аталларова (28.01.1988), кэргэнэ кыыhа Айыллаана уонна Настя (09.07.19--), кэргэнэ Гаврил Калининскай (16.01.1990). Анатолий Елтек нэhилиэгин бочуоттаах олохтоо5о, Уус – Алдан улууhун депутата. Дарья Гаврильевна уhун ыарахан ыарыыттан суох буолбута. Иккис кэргэнэ Прибылых Светлана Петровна. Уолаттара: 1). Евстафий (26.04.1989) кэргэнэ Аина, уоллара Аристарх (2011). 2). Семен (18.09.1994) оскуоланы быйыл бутэрэн, абитуриент. 3). Мирослав (22.05.1996) 10 кылаас буолла.
2). Александр Иннокентьевич Жирков (1961), Благовещенскайдаа5ы медицинскай институту бутэрбитэ, врач – гастроэнтеролог. Кэргэнэ Людмила Егоровна медсестра этэ, кыыстара Таня 2003с. Муру орто оскуолатын урун кемус медалынан бутэрбитэ. СГУ-га финансово – экономическай факультеты бутэрэн, улэлиир.
3). Иннокентий Иннокентьевич Жирков (1962 – 2000). Уус – Алданна суол инспекторынан улэлээбитэ, кэргэнэ Андросова Валентина Ильинична Борогонно олорор. 2 о5олоохтор: Айаал, Сахая.
4). Анастасия Иннокентьевна Кудрина (20.07.1963), Якутскайдаа5ы II-с номердаах педагогическай училищены бутэрэн воспитателынан Орто Халыма Сватай диэн сиригэр ананан улэлии баран, онно Кудрин Алексей Дмитриевичка (21.03.1957) кэргэн тахсан ус о5олоохтор: Алена Догойдонова (19.04.1985), кэргэнэ Роман Егорович Догойдонов (08.06.1980) уоллара Егор (31.06.2006), Алексей (04.12.19